Аллайыахаҕа кырсалар ииримтийиигэ ылларбыттара билиннэ

Share

Аллайыаха улууһугар кырсалар ииримтийии ыарыытыгар ылларбыттара билиннэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэринээринэй-чинчийэр лабораторияҕа ахсынньы 6 күнүгэр кырсалартан ылыллыбыт боруобаҕа ииримтийии ыарыыта баарын буллулар. 

Кырсалары  Чокуурдаах нефтебазатын аттыттан, ону тэҥэ, бөһүөлэктэн 2 км ыраах сытар сиртэн уонна 20 км ыраах сытар Бөлкөчөк арыытыттан бултаабыттар диэн Бэтэринээрийэ департамена иһитиннэрэр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ ииримтийии бэлиэтэммит 6 сирэ баар: Аллараа Халыма уонна Аллайыаха улуустарыгар дьиэ табаларыгар, дьиикэй кыылларга Анаабыр улууһугар икки сиргэ уонна Аллайыаха улууһугар икки сиргэ. Бэтэринээрдэр бу ыарыыны суох оҥорорго бары быраабылалары тутуһан, үлэлии сылдьаллар.

Ииримтийии  дьоҥҥо да, кыылларга да олус кутталлаах ыарыы. Ол иһин дьиэ кыылларыгар сыллата ииримтийиини утары быһыыны биэриэххэ наада. Дьиэтэ-уота суох уонна дьиикэй кыыллары тыытыа, имэрийиэ, аһатыа суохтааххыт.

Дьиэтээҕи кыылларгыт быһыылара-майгылара уларыйбыт буоллаҕына, бэтэринээргэ илдьэн көрдөрүҥ. Тэлгэһэҕэ бөх тоҕор сиргэ аһы быраҕымаҥ уонна саба сылдьыҥ. Дьиикэй кыыллар ас сытын ылан кэлиэхтэрин сөп.

Кыыл ытырбыт буоллаҕына, тута хойуу мыылалаах уунан кичэйэн сууйан баран, балыыһаҕа көрдөрүөххэ наада.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьааҥы Сартаҥар Кыайыы болуоссатыгар Ийэ дойду пааматынньыгын туруордулар

Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…

9 часов ago
  • Сонуннар

Улуу Кыайыы бырааһынньыга үрдүк таһымнаахтык ааста

Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк…

9 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Аҕабыт Кыайыыны Рейхстаг аттыгар көрсүбүтэ

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…

10 часов ago
  • Сонуннар

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…

11 часов ago
  • Сонуннар

Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар

Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…

11 часов ago
  • Быһылаан

Түөкүттэр аҕам саастаах кэргэнниилэртэн 23 мөл.солк. уорбуттар

Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…

11 часов ago