Аллайыахаҕа кыыл ииримтийиитэ турда
Аллайыаха оройуонугар кыылларга төрдүс эпизоотическай очаг баара билиннэ. Бу туһунан СӨ Бэтэринээрийэҕэ департамена иһитиннэрдэ.
Аллайыаха оройуонун Дьүкээгир национальнай нэһилиэгэр дьиэ кыылын ииримтийиитигэр эпизоотическай очаг бигэргэммит. Ол курдук, Кэрэмэһит диэн сиргэ таба иитиитиинэн дьарыктанар община иитэр табата ыалдьыбыта билиннэ. Сыстыганнаах ыарыы тарҕамматын туһугар, бу сиртэн 1000 миэтэрэ тэйиччи сылдьар ирдэнэр. Атыы-эргиэн тэрээһиннэрэ бобуллар.
Аллайыахаҕа Хаҥалас улууһун бэтэринээринэй управлениетын исписэлиистэрэ уонна СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын ресурснай хааччыйыы киинин үлэһиттэрэ айаннаабыттар. Бэлиэтээн суруйдахха, ыам ыйыттан ыла бу төрдүс көстүү буолар. Бастаан Чокурдаахха ыт ииримтийиигэ сыстыбыта биллибитэ. Онтон иккис, үһүс түгэннэр дьиикэй кырсаларга көстүбүттэрэ. Бу сырыыга дьиэ табата сыһынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: