Салгыы
Аллайыахаҕа ыалдьыбыт балыксыт көмө кэлэрин кэтэһэр

Аллайыахаҕа ыалдьыбыт балыксыт көмө кэлэрин кэтэһэр

29.11.2024, 11:56
Хаартыска: Саха сирин Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ күнүс СӨ Быыһыыр сулууспатыгар Аллайыаха улууһун кииниттэн – Чокуурдаахтан 145 км тэйиччи сытар Төгүрүк күөл аттынааҕы учаастакка көмө наада буолбутун туһунан иһитиннэрбиттэр.

1956 с.т. эр киһи кэргэнин кытта ол учаастакка олороллор эбит диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр. Суол-иис мөлтөҕүттэн ыалдьыбыт киһини сиринэн илдьэр кыаллыбатах уонна оннук айан кутталлаах. Күн-дьыл туруга мөлтөҕүттэн санрейсы ыытар эмиэ кыаллыбатах.

Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр, Саха сирин быыһыыр сулууспатын икки быыһааччытын илдьэ санитарнай рейс көтөрө былааннанар.

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -20°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: