Аллайыахаттан балык иһэр
Саха сирин өрүстэригэр балыктааһын кэмэ. Билигин (атырдьах ыйын 29 күнүнээҕи чахчынан) өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 145 балыктыыр биригээдэ тэриллибит, 443 балыксыт баар. Кинилэр сезон устата 5295 туонна көмүс хатырыктааҕы хостуохтаахтар. Сыыппаралары көрдөххө, саамай элбэх биригээдэ Аллайыаха улууһугар тэриллибит (41). 28 биригээдэлээх Булуҥҥа 150 балыксыттаахтар.
— Бу күннэргэ 130 туонна балыкпытын тиэйбит “Магдебург” рефрижератор кэлэн иһэр. Арааһа, өрөбүлгэ манна кэлэрэ буолуо. Онон уомул, чыыр, сиг, сордоҥ тиэллэн иһэр. Дьонум 15 учаастакка балыктаатылар, — диэтэ “Аллайыаха” община баһылыга Сергей Бережнов.
Санатан эттэххэ, соторутааҕыта Аллайыахаҕа оробуочай сырыытын кэмигэр өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев бу община үлэтин эмиэ көрбүтэ.
Хаартыска: С.Бережнов ыытта
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: