Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр бэнсиин тиэйэр уонна таһаҕас таһар массыыналар харсыспыттарын туһунан иһитиннэрии киирдэ.
Суол быһылаанын түмүгэр бэнсиин тиэйэр массыына систиэринэтэ алдьаммыт, уматык тохторо бэлиэтэммит. Билигин уматыгы хачайдыыллар. Дьолго, ким даҕаны эмсэҕэлээбэтэх.
Суолу бүөлээбиттэр, массыыналар атын тумнар суолунан сылдьаллар. Суол быһылаана тахсыбыт сиригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи баһаарынайдар куттал суох буолууга постарын туруордулар, ГИБДД үлэһиттэрин сыһыардылар. Төһө уматык тохтубутун быһаарар уонна сыаналыыр соруктаах экологияны кэтээн көрөр тэрилтэ үлэһиттэрэ тиийдилэр.
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…
Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…