Бүгүн, олунньу 9 күнүгэр, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр «ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЫМ – ТҮӨЛБЭМ КЭСКИЛЭ ”диэн Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр, дойдубутугар Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо аймах сылларыгар анаммыт тэрээһин буолла.
Аллараа Бэстээххэ элбэх омуктар бэрэстэбиитэллэрэ олороллор. Төһө да улуус киинэ буоллар, сахалар эйгэлэрин үөскэтэн, тэнитэн иһэллэр.
Гаврил Колесов аатынан Норуот айымньытын киинин салайааччы Евдокия Николаевна Иванова:
— Аллараа Бэстээххэ элбэх ыччат, саха ыаллара олороллор, элбээн иһэллэр. Оскуолалар сахалыы тыыны киллэрэн үлэлииллэр. »Аллараа Бэстээх сайдар кэскилэ» бырагырааманы киллэрэн, үлэлэтэн эрэбит. Онон улуус киинэ буоларбытын, сахалар түөлбэлээн олорорбутун биллэриэҕиҥ, — диэн эттэ.
«Төрөөбүт тыл-түөлбэм кэскилэ» тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар бары мустан, тойук, хомус, сахалыы ырыа да иһилиннэ. Салгыы хайысхаларынан арахсан, сэргэх кэпсэтиилэр буоллулар.
“Төрүт тыл – түөлбэм кэскилэ” хайысхаҕа кыттыыны ыллылар:
Николаевтар дьиэ кэргэн, Саргылана Борисовна-Тубсаана – культуролог, фольклорист, Афанасий Алексеевич – историческай наука кандидата, “ҮҮНҮҮ” киһи сайдыытын института тэрилтэ салайааччыта;
Ю Владимир – сокуон үөрэхтээҕэ, “Айыы кыһата” оскуола салайааччытын солбуйааччыта, төрөппүтэ, Дьокуускай куорат депутата; Билюкина Марианна Юрьевна үөрэхтээһин билимин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ преподавателэ.
“Доруобуйа, чөл турук, уһун үйэлэнии” хайысхаҕа:
Аргунова Любовь Семеновна – дьиэ кэргэн хараанньыта, дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах кинигэлэр ааптардара;
«Сюцай» дойдулар икки ардыларынааҕы наука маастара, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Стручкова Анастасия Анатольевна кытыннылар.
“Уол оҕо, эр киһи, иитии, ииттинии…” хайысхаҕа кыттыыны ыллылар:
Чупров Петр Романович — Таатта улууһа, СР “Аҕа уонна уол” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин абсолютнай кыайыылааҕа уонна «Итэҕэл» түмсүү, «Сатас» НКО салайааччыта, үс төгүллээх Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа, «Мэҥэ Аат» бэлиэлээх, Саха сирин спордун төрүт көрүҥнэригэр бочуоттаах маастара Иннокентий Макаров.
“Кыыс оҕо – Ийэ, Эбээ” хайысхаҕа:
Хабаров Владислав Гаврильевич СӨ идэни урутаан бэлэмниир киин салайааччыта;
Яна Байгожаева – поэт, психолог, суруналыыс;
Мигалкина Елизавета Ивановна – учуутал, поэт, “Саха сирин культурата” общественнай хамсааһын чилиэнэ;
Николаева Альбина Дмитриевна СР Дьокуускайдааҕы кожвендиспансер бырааһа, лектор.
Маны тэҥэ, “ТУОС” дьиэ кэргэҥҥэ толкуйдатар умсугутар, оонньотор, сайыннарар остуол оонньууларын, өбүгэ оонньууларын оҕолорго тэрийдилэр.
Семен Новгородов аатынан «Айар” национальнай бэчээттиир хампаанньа үлэһиттэрэ сахалыы кинигэлэри атыылаатылар.
Хайысхаларынан үлэ кэнниттэн, биир түһүлгэҕэ мустан санааны түмүү буолла. Манна хайысхалар салайааччылара түмүк тылларын эттилэр. Холобур, Аллараа Бэстээххэ этнотуризмы сайыннарыы, саха эйгэтин тэнитии, түөлбэлэри тэрийэн, бары омуктары түмэн үлэлэтии, төрөппүт оскуолатын тэрийии, ийэлэри кытта үлэ, о.д.а. кэскиллээх этиилэр киирдилэр.
Уһук Хоту уонна онно тэҥнээх сирдэрин олохтоохторо биэнсийэҕэ сааһынан биэс сыл иннинэ тахсыахтарын сөп. Ол…
Тохсунньу 4 күнүгэр «Саха» НКИХ саха алыптаах ырыатын «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэтэ 2024 сыл бастыҥ ырыаларын…
Нумеролог Мариана Тимофеева 2025 сылы билгэлээтэ. Үүммүт сыл, сыыппара хараҕынан көрдөххө, тугу тосхойоруй? Үүммүт Иэйиэхсит…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…
Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…
Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…