Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ бүгүн, олунньу 1 күнүгэр, тулаайах оҕолорго аҕыс кыбартыыра күлүүһүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Тэрээһиҥҥэ РФ генеральнай прокуруорун солбуйааччы Дмитрий Демешин уонна СӨ Ил Дархана Айсен Николаев кыттыыны ыллылар.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тулаайахтары уонна төрөппүт көрүүтэ-ситиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн-уотунан хааччыйыы боппуруоһун ураты хонтуруолга тутарга, хонтуруоллуур органнар сокуоннай саастарын туола илик оҕолор бырааптарын көмүскээһиҥҥэ улахан болҕомтолорун ууралларыгар ыйар. Саха сиригэр былааннаах үлэ тиһиктээхтик ыытыллар, тулаайах оҕолор олорор дьиэлэрин, дьиэ сэртипикээтин ылар бырааптарын тутуһуу бэрэбиэркэлэнэр.
—Саха сиригэр толору хааччыллыылаах олорор дьиэлэри тулаайах оҕолорго уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго биэрии бырагыраамата үлэлиир. Биһиги СӨ Ил Дархана бырабыыталыстыбаны кытары бу бырагыраама үлэлииригэр кыһамньыларын ууралларын көрөбүт. Ордук социальнай өртүнэн болҕомто ууруллуохтаах оҕолоругар. Үлэ маннык салҕанарыгар эрэнэбин«, — диэн бэлиэтиир Дмитрий Демешин.
—Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан, Саха сиригэр кэнники сылларга хаарбах олорор дьиэттэн дьону көһөрүүгэ, тулаайах оҕолорго кыбартыыралары биэриигэ улахан хардыылар оҥоһулуннулар. Бу үлэбит салҕанан барарыгар эрэнэбин, биһиги Бэрэсидьиэммит өйөбүлүнэн бэрт кылгас болдьоххо элбэх киһи саҥа аныгы дьиэлэргэ көһүөҕэ диэн этиэхпин баҕарабын. Аллараа Бэстээххэ эрэ буолбакка, биһиги Сахабыт сирин бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар дьон-сэргэ аныгы дьиэлэргэ көһөрүгэр эрэнэбин, — диэн этэр Айсен Николаев.
—Бүгүн мин саҥа кыбартыыра күлүүһүн тутаммын наһаа үөрдүм. Бу миэхэ ураты долгутуулаах умнуллубат күнүнэн буолар. Биһиги атахпытыгар бигэтик турарбытыгар өрөспүүбүлүкэбит уонна судаарыстыбабыт маннык кыаҕы биэрэр, инникигэ эрэлбитин күүһүрдэр, — диэн үөрүүтүн Антон Захаров үллэстэр.
Бүгүн Аллараа Бэстээххэ тулаайах оҕолорго элбэх кыбартыыралаах икки дьиэ күлүүһүн туттардылар. Бу дьиэлэри «Арктика-Строй» ХЭУо тутан 2023 сыл бүтүүтүгэр үлэҕэ киллэрбит.
Дьиэ автономнай ититэрдээх, сылаас уулаах, куукунаҕа уотунан холбонор духуопкалаах гаас билиитэлээх.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3386015 манна ааҕыҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыскаларга Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна дьаһалтатын салалтатын кытта сүбэ мунньаҕы ыытта уонна чугастааҕы соруктары …
Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, алтынньы 20 күнүгэр, парламент…
СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 1993 сыллааҕы ыйааҕынан, алтынньы үһүс баскыһыанньатыгар Ийэ күнэ бэлиэтэнэр.…
Томаттан (помидортан) оҥоһуллар тума элбэх бүлүүдэҕэ барсар, ас амтанын олус тупсарар. Дьэ, судургу ырыссыабынан астаан…
СӨ ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин кэлэктиибэ «Кладовая осени» күһүҥҥү аһымал дьаарбаҥкаҕа көхтөөхтүк кытынна. Министиэристибэ уонна…
Мииринэй оройуонугар эр киһи атын дьон кыбартыыратыгар киирэн, утуйа сытар кыыска саба түһэн күүһүлүү сатаабыт.…