Федеральнай суолу оҥоруу туһунан

Федеральнай суолу оҥоруу туһунан

13.10.2022, 12:00
Бөлөххө киир:

“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суол” федеральнай национальнай бырайыагынан быйыл Арассыыйа үрдүнэн 16,5 тыһыынча килэмиэтир суол аспаалланыахтаах. Саха сиригэр үс сыл устата балтараа тыһыынча килэмиэтир суол оҥоһулунна, өрөмүөннэннэ. Маннык улахан кээмэйдээх үлэ Саха сиригэр өссө ыытылла илигэ. Быйыл “Халыма” федеральнай суол Чурапчыга диэри аспаалланан бүттэ. Ити эмиэ Саха сирин суолларын оҥорууга биир тарбахха баттанар түһүмэх.

РФ бэрэсидьиэнин ыйааҕыттан

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быыбарын кэнниттэн 2018 сыллаахха экэниэмикэ бары хайысхаларыгар ыйаахтары таһаарбыта. Бу докумуоннар 2012 сыллаахха таһаарбыт ыам ыйынааҕы ыйаахтарын салгыыта буолаллар. Манна кини 2024 сылга диэри эрэгийиэннэр суолларын 50 бырыһыана бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир буолуохтааҕын, саахал үөскүүр кутталлаах сирдэрин суох оҥоруу барыахтааҕын болҕомтоҕо ылбыта.

Бу национальнай бырайыак чэрчитинэн 83 эрэгийиэҥҥэ быйыл барыта 16,5 тыһыынча км суол оҥоһуллуохтааҕа. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр итинтэн 534 км суол саҥалыы өрөмүөннэнэрэ былааннаммыта. Быйыл “Халыма” федеральнай суолга Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри аспаал суол ууруллан бүттэ.

Салгыы бу бырагырааманан Арассыыйа үрдүнэн 2027 сылга диэри эһиилгиттэн сүүс тыһыынчаттан тахса килэмиэтир усталаах суол оҥоһуллуохтаах. Суоллар уопсай үбүлээһиннэрэ 13,2 трлн солкуобайга тэҥнэһэр. Владимир Путин бэс ыйыгар суолу оҥорууга ыыппыт мунньаҕар Арассыыйа тирэх суолларын 85 бырыһыаннарын бары ирдэбилгэ тиэрдиэххэ наадатын бэлиэтээн турар. Мунньахха улахан болҕомто Уһук Илин эрэгийиэннэргэ ууруллубута. Чуолаан сылы эргиччи сылдьар айаны хааччыйыыга. Биэс сыллаах былааҥҥа 675 км суол оҥоруута киирбитэ. Ити иһигэр 245 км – федеральнай, 430 км – эрэгийиэннээҕи суоллара. “Амур”, “Уссури”, “Лена”, “Халыма” улахан трассалар саҥалыы оҥоһуллуохтаахтар. Ону таһынан, сүүрбэ тыһыынчаттан тахса киһи олорор куораттарыгар уулуссалары саҥардыы барыахтаах.

Саха сирэ былаанын толорон иһэр

Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин Анал этиитигэр суолу оҥоруу сылын аайы элбээн, кэлиҥҥи сылларга суол хаачыстыбата тупсан иһэрин бэлиэтээн эппитэ. Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр муниципальнай, эрэгийиэннээҕи суоллары таһынан үс федеральнай трассабытыгар үлэ күргүөмнээхтик бара турар. Айсен Сергеевич Аллараа Бэстээх-Чурапчы хайысханан аспаал суол арыллыытыгар өрөспүүбүлүкэ суолу тутууга ылыммыт былаанын сылын аайы толорон иһэрин иһитиннэрдэ.

Аллараа Бэстээхтэн Чурап­чыга диэри өр күүтүллүбүт суол үлэҕэ киирдэ. Салгыы бу суол 2025 сылга диэри, былаан быһыытынан, Ытык Күөлгэ тиийиэхтээх. Онтон 2030 сылга диэри Хаандыгаҕа диэри оҥоһуллуоҕа, манна Алдан өрүһү туоруур улахан муоста тутуллуоҕа. Уопсай ылан эттэххэ, кэлиҥҥи сылларга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр хаһааҥҥытааҕар да элбэх суол оҥоһулунна. Сылын аайы 500-тэн итэҕэһэ суох килэмиэтир суолу үлэҕэ киллэрэбит. Быйыл да былааммыт 500-чэ килэмиэтир, салгыы да бу ылыммыт кээмэйбитин ыһыктыбакка олоххо киллэрэ туруохпут. “Халыма” федеральнай суолу таһынан “Лена”, “Бүлүү” суолларыгар үлэ күүскэ бара турар, ону таһынан эрэгийиэннээҕи суолларбытыгар муосталары тутуу барар, – диэн бэлиэтээн этэр Ил Дархан.

Халыма федеральнай суол икки эрэгийиэни сибээстиир буолан, суолтата улахан. Бу суол уопсай уһуна 2000 км тахса. Мантан биһиги өрөспүүбүлүкэбит сиринэн 1197 км ааһар. Быйыл трасса 90 килэмиэтириттэн 135 км диэри уонна 142-тэн 145 км диэри барыта 52 км суол оҥоһулунна. Онон бу трассаҕа Аллараа Бэстээхтэн 170 км барыта аспаалланна.

Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри

Халыма суолунан ааспыт үйэлэргэ Саха сирин атыыһыттара Охотскай муораҕа тиийэн табаардарын батаран кэлэллэрэ. XX үйэҕэ бырамыысыланнаһы сайыннарыынан “Дальстрой” тэриллэн, Магадантан суолу оҥоруу саҕаламмыта. Онтон салгыы суол Хаандыгаҕа диэри тиийбитэ. 80-с сыллардаахха Чурапчы оройуонун салалтата туруорсан, 90-с сыллардаахха Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри кумаҕынан, гравийынан кутуллубут саҥа суол кэлбитэ.

“Дорожник” тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Спартак Васильевич Пахомов бэлиэтииринэн, урукку сылларга үбүлээһин суох буолан, суол оҥоһуллан баран өр буолбатах.

– Тус бэйэм бу суолга 2001 сылтан үлэлиибин. 90-с сыллардаахха оҥоһуллубут суол сир ирэн, аҕыйах сылынан номнуо мөлтөх туруктаммыт этэ. Мин кэлэрбэр ити сылларга Алдан өрүстэн улахан баҕайы таастары аҕалан куппуттар этэ. Ол таастары кыра массыына кыайан ааспата. Кэлин суол федеральнай статустанан ирдэбилэ күүһүрбүтэ, – диэн бэлиэтиир кини.

2000 сыллардаахха өрөс­пүүбүлүкэ суолларыгар улахан болҕомто ууруллан сорох суоллар федеральнай суолталаммыттара. Онон өрөспүүбүлүкэ ити кэмҥэ “Лена”, “Халыма”, “Бүлүү” диэн федеральнай таһымнаах үс суолламмыта. Сенатор Егор Борисов этэринэн, бу суоллары оҥоруу 2012 сылтан саҕаламмыт.

— 2012 сыллаахха оччолорго РФ тырааныспарын миниистирэ Максим Соколовтуун Саха сирин суолун-ииһин, тырааныспарын боппуруостарыгар Дьокуускайга икки күннээх мунньаҕы ыыппыппыт. Онно Максим Юрьевичка федеральнай суоллары баран көрүөххэ диэн Аллараа Бэстээхтэн Төҥүлүгэ диэри массыынанан айаннаан, Томпо, Өймөкөөн хайаларын быыстарынан ааһар кутталлаах учаастактарбытын бөртөлүөтүнэн көтөн көрөн-истэн турабыт. Максим Юрьевич федеральнай суоллар быстар мөлтөх туруктаахтарын илэ хараҕынан онно көрөн итэҕэйэн барбыта. Бу сырыытын кэнниттэн миниистир Саха сирин федеральнай суолларын өрөмүөннээһиҥҥэ, саҥардыыга уларытыылары киллэрэн, үбүлээһин лаппа улааппыта, суолу көрөр управление структурата да уларыйбыта. Саха сирин дьоно ити уларыйыыны икки-үс сылынан тута билбиппит. Өймөкөөҥҥө диэри кутталлаах учаастактарбыт оҥоһуллубуттара, муосталар тутуллан барбыттара, ону таһынан федеральнай суоллары аспааллааһын саҕаламмыта, – диэн бэлиэтиир сенатор.

2018 сыллаахха бу трассаны “Бүлүү” федеральнай суол управлениета бэйэтин көрүүтүгэр ылбыта. Ити сыл бу трасса национальнай бырайыакка киирсэн, салгыы тутуллар буолбута. 2020 сыллаахха Халыма суола Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр диэри аспаалланан бүппүтэ. Управление начальнига Николай Андреев этэринэн, управление көрөр сирэ 1152 км, федерация өттүттэн көмө баар буоллаҕына суол да түргэнник оҥоһуллар.

— Учаастагы ыларбытыгар суол олус мөлтөх туруктаах этэ. Ардах, самыыр түстэҕинэ айан уустугурара. Үлэбитин ылан бараммыт былааннанан суоллары кэрчиктэринэн арааран үлэлээн барбыппыт. Өрөспүүбүлүкэбит үбүлүөйүгэр суолбутун хайаатар да туттарыахпыт диэн үс сыл устата тохтоло суох үлэлээтибит. Салгыы да былааммыт киэҥ, Тааттаҕа, Томпоҕо тиийиэхпит диэн бигэ эрэллээхпин. Бу иннинэ Бүлүү федеральнай суолугар Бэрдьигэстээххэ диэри суолу аспааллаан туттарбыппыт, Марха өрүһү туоруур улахан муостаны туппуппут. Көрөргүт курдук, федерация өттүттэн көмө баар буоллаҕына улахан бырайыактар олоххо киирэн иһэллэрэ дөбөҥ, – диэн иһитиннэрэр.

Халыма суолун оҥоһуллуутун барытын көрбүт биэс уонтан тахса сыл суоппардаабыт Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгин олохтооҕо Иван Васильев суолу оҥоруу, бастатан туран, олохтоохторго сайдыыны аҕаларын бэлиэтиир.

– 60-c сыллартан сопхуос саҕаттан “ЗИЛ”, “Урал” массыыналарга суоппардаан кэлбитим. Улахан трассаларынан үгүстэ сылдьыталаабытым. Онно сайынын хоно-хоно айанныыр да түгэннэрбит бааллара. Суол куһаҕан буолан массыынабыт, көлөһөбүт да элбэхтэ алдьанара. Билиҥҥи курдук хас хардыы аайы аһыыр сир да, сибээс да суоҕа. Оннук суолга олорон хааларбыт. Ааһан иһэр массыыналар туох баардарынан көмөлөһө сатыыллара, сорохтор ас, уу бэрсэн ааһаллара. Оччолорго бу бадараанынан көрө олорор суолбут соҕуруу дойдулар курдук хаһан аспаал буолар диэн ыра санаа эрэ оҥосторбут. Суолбут оҥоһулларын бары да кэтэстибит. Биһиги үйэбитигэр оҥоһулунна, кырдьар сааспытыгар суолга эрэйдэммэккэ айанныыр буоллубут диэн сэттэ уоммуттан тахсыбыт киһи тус бэйэм олус үөрэн олоробун. Урут кыһын суол үчүгэйигэр алта чаас айаннаан тиийэр буоллахпытына, билигин икки чааһынан Аллараа Бэстээҕи булабыт. Ити буолар судаарыстыба бэйэтин нэһилиэнньэтигэр кыһанара, норуот кыһалҕатын быһаарыыта, – диэн түмүккэ санаатын үллэстэр Иван Васильев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: