Хаартыска «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньаттан
Пуойас сырыытын 2023-2024 сс. саҥа графига үлэҕэ киирдэҕинэ, Аллараа Бэстээх — Иркутскай хайысхатынан айан-сырыы күн ахсын оҥоһуллуоҕа. Бу туһунан «Саха сирин тимир суоллара» АХ иһитиннэрдэ.
Оттон ахсынньы 17 күнүттэн Аллараа Бэстээх — Владивосток туһаайыытынан быһа айанныыр богуоннар сырыылара (беспересадочное сообщение) күн көтө-көтө оҥоһуллуоҕа. Ол курдук тохсунньуга, кулун тутарга, бэс ыйыгар, от ыйыгар уонна балаҕан ыйыгар – чорбоҕо суох күннэргэ, олунньуга, муус устарга, ыам ыйыгар, сэтинньигэ, ахсынньыга – чорбохтоох күннэргэ, от ыйын ортотуттан атырдьах ыйын бүтүөр диэри – күн ахсын.
Аллараа Бэстээхтэн – Благовещенскайга диэри урукку курдук сырыы күн ахсын олохтонор.
Маны таһынан, быһа айанныыр богуннар сырыылара (вагоны беспересадочного сообщения) Аллараа Бэстээхтэн Иркутскайга диэри ахсынньы 18 күнүттэн олохтонуоҕа.
Сахабыт сирин агрооскуолалара сылын ахсын оҕону үлэнэн иитэн, оҕуруот аһын арааһын олордоллор, оскуолаларын дьэрэкээн сибэккинэн…
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа үс ойуур баһаарын умуруордулар. Уот хаппыт уопсай иэнэ 1 596 га. Бу…
Арассыыйаҕа балаҕан ыйын 1 күнүттэн суол быраабылаларыгар уларытыылар олоххо киириэхтэрэ, оҕо кириэһилэтигэр ирдэбил кытаатыаҕа. Быраабы…
Ый бэлиэтэ -- Суор ойуута. Суор -- ытык көтөр. Итэҕэл үөрэҕинэн, бу ыйга сиргэ Улуу…
Норуот синоптига Тускул билгэлииринэн, быйыл Саха сиригэр «Дьахтар сайына» балаҕан ыйын 6-14 күннэригэр кэлиэҕэ. Тускул…
Күндү учууталлар, үөрэнээччилэр, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ, төрөппүттэр! Ис сүрэхпиттэн биһиэхэ барыбытыгар дьоһун суолталаах Билии күнүнэн…