Аллараа Бэстээхтэн тимир суолунан ханна тиийэбит?
Быйыл сайын устата Дьокуускай куорат аэропуордун өрөмүөнэ ыытылларынан сибээстээн, дьон үксэ тимир суолунан айанныыр. Пуойаһынан ханнык хайысхаларга уонна төһө үпкэ-харчыга айанныахха сөбүн «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньаттан ыйыталастыбыт.
Пуойас сырыыта элбээтэ
Билигин Аллараа Бэстээх тимир суолун ыстаансыйатыттан пассажирдары таһар пуойастар күн аайы икки хайысханан сылдьаллар – Аллараа Бэстээх – Тыында уонна Аллараа Бэстээх – Благовещенскай. Баларга Владивостокка, Благовещенскайга уонна Иркутскайга быһа айанныыр вагоннар бааллар, онон Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыттан Уһук Илин бары улахан куораттарыгар тиийиэххэ сөп.
«Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа Дьокуускайдааҕы бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччытын солбуйааччы Людмила Ефремова бэлиэтээбитинэн, сыл ахсын тимир суолунан айанныыр дьон ахсаана элбээн иһэр. Онон 2023 сылга быһа айанныыр вагоннар сылдьар кэмнэрин элбэтэн биэрбиттэр.
“Ол курдук, Владивостокка диэри күн аайы айанныахха сөп, онтон Иркутскайга диэри быһа айанныыр вагоннар күн көтө-көтө бараллар. Ону таһынан, күннэтэ Аллараа Бэстээх – Благовещенскай хайысханан пассажирдары таһар пуойастар сылдьаллар. Аллараа Бэстээх – Тыында хайысхаҕа быһа айанныыр вагоннар эмиэ бааллар”, – диэн Людмила Ефремова бэлиэтээтэ.
Аллараа Бэстээх-Тыында» хайысханан айанньыттары таһар пуойас Аллараа Бэстээхтэн күн аайы 17.00 чаастан айанныыр, Тыындаттан — 10 ч.19 м. Тыындаҕа диэри айан 23 чаас. Оттон Аллараа Бэстээх – Благовещенскай хайысханан сылдьар пуойас чорбохтоох күннэргэ Аллараа Бэстээхтэн 17:00 ч. айанныыр, Благовещенскайтан чорбоҕо суох күннэргэ 16 ч. 53 мүнүүтэттэн. Айан бириэмэтэ 16 чаас курдук. Сиһилии пуойастар араспысаанньаларын “Саха сирин тимир суоллара” саайтыгар билсиэххитин сөп.
Дьокуускайтан трансфер
Олохтоохтор табыгастаахтык айанныылларыгар киин куораттан Аллараа Бэстээх тимир суолун ыстаансыйатыгар диэри трансфер үлэлиир. Бү өҥөнү туһанарга кассирга тимир суол ыстаансыйатыгар диэри трансфер наада диэн этэҕит. Онтон интэриниэт нөҥүө атыылаһар буоллаххытына, «РЖД» ААУо саайтыгар Дьокуускайтан айанныыбын диэн бэлиэтиигит.
Сайыҥҥы кэмҥэ дьону Дьокуускай куорат өрүс пуордун 3 нүөмэрдээх бириистэниттэн илдьэн биэрэллэр. Күн аайы 14:30 чаастан «Рукавишников» теплоход Аллараа Бэстээххэ диэри устар. Онно тиийэн баран, оптуобуһунан тимир суол ыстаансыйатыгар диэри айанныыгыт. Трасфер сыаната – 600 солк.
Гендернэй купе
Кулун тутар 31 күнүттэн купейнай вагоннарга “гендернэй купе” диэн саҥа өҥө киирбит. Билиэт атыылаһаргар эр дьоннорго эрэ, дьахталларга эрэ, эбэтэр эр киһи, дьахтар диэн араарыллыбатах купены талыаххытын сөп. Бу өҥө Аллараа Бэстээх – Тыында, Аллараа Бэстээх – Иркутскай, Аллараа Бэстээх – Владивосток, Аллараа Бэстээх – Благовещенскай, Аллараа Бэстээх – Нерюнгри-Пассажирскай хайысхаларга от ыйыгар диэри үлэҕэ киириэҕэ.
Бу пуойастарга биирдии “гендернэй купе” баар буолуоҕа – 3 нүөмэрдээх купе ( 9-12 миэстэлэр). Бу купеҕа бастакы билиэт атыыласпыт киһи тугу талбытынан – “М” (эр киһи), “Ж” (дьахтар), С (холбуу), оннук “гендернэй” купе буолар. Саҥа өҥө эбии төлөбүрү көрдөөбөт.
Айан сыаната
2023 сылга ылыллыбыт тарыыбынан Аллараа Бэстээхтэн плацкартка сыана, ортотунан ыллахха, 3 тыһ. солк., оттон купеҕа – 7 тыһ. солк. Ол курдук, билигин Нерюнгри куоракка диэри плацкартынан 1831 солк. айанныахха сөп, Владивостокка диэри – 5945 солк. Саамай ыарахан тарыып – Иркутскайга диэри. Манна билиэт сыаната – 6266 солк. Купеҕа Нерюнгрига диэри – 2873 солк., Владивостокка – 9889 солк. уонна Иркутскайга – 10 434 солк.
Билиэттэри «РЖД» ААУо саайтыгар, Арассыыйа тимир суолларын вокзалларыгар баар АУо АК «ЖДЯ» уонна АУо «ФПК» каассаларыгар ылыахха сөп. Ону таһынан, Дьокуускайга Ленин проспега 24-гэр (“Азимут” отель) аадырыска «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа каассата үлэлиир. Сиһилии (4112) 31-80-81, эбии 7381, нүөмэргэ эрийэн билсиэххитин сөп.
Билигин айан-сырыы элбээн пуойастарга билиэт булар ыарахан. Онон эрдэттэн айаҥҥытын былааннанан, билиэти атыылаһа охсор ордук диэн каасса үлэһиттэрэ сүбэлииллэр.
Анна Иванова, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Саха сиригэр пуойаһынан сылдьар буолбуппут олус үөрдэр. Эрдэ Нерюнгри куоракка диэри таксиинан 3500 солк. төлөөн, 12 чаастан ордук айаннаан тиийэр этим. Маннык айаҥҥа эрэй бөҕөнү көрөөччүбүн, өр олорон сиһим ыалдьан, үчүгэйдик утуйбакка, сылайан дьоммор тиийээччибин. Ол иһин, бүтэһик сылларга пуойаһынан сылдьар буоллум. Манна айана быдан өр (19 чаас курдук) гынан баран, киһи холкутук ороҥҥо сытан, дьону кытары кэпсэтэн, ыксаабакка аһаан-сиэн тиийэр. Эйиэхэ ыраас утуйар таҥас, чэй оҥосторгор итии уу биэрэллэр. Буфет, суунар сир уонна туалет баар. Дьон бэрээдэги кэспэтин диэн полиция үлэһиттэрэ хаста даҕаны вагоннары бэрэбиэркэлииллэр, арыгылыыр, табахтыыр көҥүллэммэт, онон улахан куттала да суох диэххэ сөп. Соҕотох айынныыр дьоҥҥо плацкарт-вагоннары таларга сүбэлиибин. Манна дьону кытта билсэн, кэпсэтэн сэргэхтик бириэмэни атаараҕын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: