Аллараа Халымаҕа Андрюшкиноҕа стоматологтар биригээдэлэрэ тиийэн үлэлиир. Номнуо 35 улахан киһини уонна 127 оҕону көрбүттэр.
Исписэлиистэр портативнай стоматологическай тэриллээхтэр.
-Хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууҥҥа хастыы да күн үлэлиибит. Бу, бастатан туран, олохтоохтор тиистэрэ мөлтөҕүттэн тутулуктаах. Элбэх киһи тииһин эмтиэххэ наада. Оттон ол биһиэхэ биирдэ эрэ кэлиилэринэн быһаарыллыбат. Кэтээн көрүөххэ, иккис-үһүс күннэригэр ситэри эмтиэххэ наада. Бу эмтиир кэммитигэр өйдөтөр-сүбэлиир, чэбдигирдэр үлэни ыытабыт уонна сүбэ-ама биэрэбит. Тиистэрэ адьас улахан мөлтөх, уустуктардаах буоллаҕына, Дьокуускайга ыытабыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ биир оннук түбэлтэ баар, — диэн кэпсиир стоматолог-быраас Василий Григорьев.
—Стоматологтар мобильнай биригээдэлэригэр махтанабыт. Биһиэхэ, хотугу улуус дьонугар-сэргэтигэр, тиис ыарыыта диэн биир саамай кыһалҕалаах боппуруоспутунан буолар, — диэн санаатын үллэстэр биэс оҕо ийэтэ Ольга Бандерова.
Кэлэр нэдиэлэҕэ биригээдэ Халыма бөһүөлэгэр үлэлиир. Оттон бүгүн иккис стоматологическай биригээдэ Эдьигээн оройуонугар барда.
Мобильнай дуоктардар бырайыак былырыын Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Араас хайысхаларынан үлэлиир исписэлиистэр киирбит мобильнай биригээдэлэрэ өрөспүүбүлүкэ бары арктическай оройуоннарын хаптылар. Үлэ өрөспүүбүлүкэҕэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕын толоруу иитинэн уонна мэдиссиинэ көмөтүн уонна хаачыстыбатын үрдэтэр соруктаах ыытыллар.
СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…