Аллараа Халыма улууһун оскуолата уонна административнай дьиэтэ ирдэбилгэ сөп түбэспэт туругунан борокуратуура миэрэ ылла

Share

Өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын сорудаҕынан Аллараа Халыма борокуратураата үөрэх эйгэтигэр бэрэбиэркэ оҥордо.

Черскэйдээҕи 7-с көрүҥнээх анал (коррекционнай) интэринээт-оскуола дьиэтэ 1968 сыллаах тутуу, ирдэбилгэ сөп түбэспэт тиэхиньиичэскэй туруктааҕа, эбийиэккэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбатаҕа  быһаарылынна. Бу туһунан Борокуратуура телеграм ханаалыгар иһитиннэрэллэр.

Эрэгийиэннээҕи УГСЖН уонна Роспотребнадзор управлениетын салаатын исписэлиистэрэ кыттыылаах чинчийэн көрүү кэмигэр эркинэ уонна кирилиэһэ хайдыбыта, хоруобуйатын сабыыта манна анала суох матырыйаалынан оҥоһуллубута, оҕолор үөрэнэр  уонна олорор сирдэригэр кырааската хоҥнубута, уу тэстибитэ, кырааскаламмыт сиринэн хайа барыы, о.д.а. баара билиннэ.

Борокуратуура сурук түһэрдэ, үөрэх тэрилтэтэ уонна тэрийээччи анал тэрилтэни сыһыаран дьиэ тиэхиньичэскэй туругун чинчийэр, ону тэҥэ, өрөмүөн ыытар туһунан эбээһинэстиир ирдэбил суругу суукка ыытта.

Бу курдук кэһиллиилэр 1978 сыллаахха тутуллубут, билигин 16 тэрилтэ үлэлии олорор, итинтэн биэһэ муниципальнай тэрилтэ, административнай дьиэтигэр бааллара быһаарылынна.

Манан сибээстээн, борокуратуура суукка “Хаһаайыстыбаннай үлэ управлениетыгар” итиэннэ кини тэрийээччитигэр кэһиллиилэри туоратыыны эбээһинэстир суругу суукка ыытта.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин 300-тэн тахса ыалыгар “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” бэлиэни туттардылар

Быйыл Саха сирин 305 ыала “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” ураты бэлиэнэн наҕараадаланна. Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин…

26 минут ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитинэн Валентина Кириллина санаатын үллэһиннэ

Ил Дархан Айсен Николаев сарсын, ахсынньы 19 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиилээх тахсыаҕа. СӨ Уопсастыбаннай…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Икки сылы быһа түөкүттэргэ албыннаппыт

Ленскэй оройуонун полициятыгар биир эдэр киһи түөкүттэри үҥсүбүт. Кини этэринэн, икки сылы быһа түөкүттэргэ албынната…

55 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Капитоновкаҕа Чэбдигирии Оһуокайа

Бүгүн Капитоновкатааҕы В.И.Кононов аатынан кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин үлэһиттэрин ыҥырыытынан республикатааҕы Оһуокай уопсастыбатын этээччилэрэ ыалдьыттаатылар.…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аввакумовтар — «Хрустальное сердце Дальнего Востока» күрэх кыайыылаахтара

Ньурба улууһун олохтоохторо,  Аввакумовтар дьиэ кэргэн  «Хрустальное сердце Дальнего Востока» күрэх кыайыылаахтарынан буоллулар диэн СӨ…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ийэ хапытаалын 22 сэртипикээтин түөкүннээн туһаммыт дьон сууттаныахтара

ИДьМ управлениетын силиэстийэлиир чааһын силиэдэбэтэлэ, ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаалын үбүн харчыга көһөрүүгэ (обналичивание средств) кэккэ…

2 часа ago