Аллараа Халымаҕа ньиэби, таас чоҕу тиэйэллэр
Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ улуустарын сылааһынан хааччыйар “СӨ ОДьКХ” ГУП тэриллибитэ 20 сыла буолла. Бу бэлиэ даатаны хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ таһаарыылаах, эппиэтинэстээх үлэлэринэн көрүстүлэр.
Аллараа Халыматааҕы филиалга (дириэктэр М.А.Львов) оттук сезона билиҥҥи туругунан этэҥҥэ баран иһэр. Билигин, туох-ханнык иннинэ, оттугу таһыыга болҕомто ууруллар. Ол курдук, тохсунньу 3 күнүттэн Андрюшкиноҕа Орто Халыматтан ньиэби таһыыны саҕалаатылар. Ону тэҥэ 30 туоннаҕа диэри массыына сырыыта көҥүллэнэн, Походскайга таас чоҕу Зеленомысскайдааҕы өрүс пуордуттан таһан эрэллэр.
Улахан тымныылар кэмнэригэр хочуолунайдар үлэлэрэ туруктаах буолуутун хааччыйар туһуттан нэһилиэнньэни кытта үлэни күүһүрдэн эрэллэр. Быһата, олохтоохтор ититэр ситимтэн итии ууну аһары туттуулара тахсыбатын, хочуолунайдарга ноҕуруусканы аччатар туһугар олохтоох дьаһалталары кытта ыкса үлэлииллэр. Уонна туохтааҕар даҕаны ититэр ситим трассатыгар болҕомто ууруллар. Филиалга кылаабынай инженер ананан үлэлии тиийдэ. Онон “СӨ ОДьКХ“ ГУП 235 үлэһиттээх Аллараа Халыматааҕы филиала тымныы ыйдары этэҥҥэ туоратар соругу толорорго туруулаһар.
Хаартыска: филиал ыытта
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: