Аллараа Халымаҕа ньиэби, таас чоҕу тиэйэллэр

Share

Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ улуустарын сылааһынан хааччыйар “СӨ ОДьКХ” ГУП тэриллибитэ 20 сыла буолла. Бу бэлиэ даатаны хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ таһаарыылаах, эппиэтинэстээх үлэлэринэн көрүстүлэр.

Аллараа Халыматааҕы филиалга (дириэктэр М.А.Львов) оттук сезона билиҥҥи туругунан этэҥҥэ баран иһэр. Билигин, туох-ханнык иннинэ, оттугу таһыыга болҕомто ууруллар. Ол курдук, тохсунньу 3 күнүттэн Андрюшкиноҕа Орто Халыматтан ньиэби таһыыны саҕалаатылар. Ону тэҥэ 30 туоннаҕа диэри массыына сырыыта көҥүллэнэн, Походскайга таас чоҕу Зеленомысскайдааҕы өрүс пуордуттан таһан эрэллэр.

Улахан тымныылар кэмнэригэр хочуолунайдар үлэлэрэ туруктаах буолуутун хааччыйар туһуттан нэһилиэнньэни кытта үлэни күүһүрдэн эрэллэр. Быһата, олохтоохтор ититэр ситимтэн итии ууну аһары туттуулара тахсыбатын, хочуолунайдарга ноҕуруусканы аччатар туһугар олохтоох дьаһалталары кытта ыкса үлэлииллэр. Уонна туохтааҕар даҕаны ититэр ситим трассатыгар болҕомто ууруллар. Филиалга кылаабынай инженер ананан үлэлии тиийдэ. Онон “СӨ ОДьКХ“ ГУП 235 үлэһиттээх Аллараа Халыматааҕы филиала тымныы ыйдары этэҥҥэ туоратар соругу толорорго туруулаһар.

Хаартыска: филиал ыытта

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Арктикаҕа бииргэ үлэлээтэххэ эрэ түмүктээх дьыала ситиһиллиэ

Константин Роббек, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарыгар боломуочунай: -- Ил Дархан туһаайан этиитин…

9 минут ago
  • Сонуннар

Бэрэсидьиэнтэн биэс оҕолоох ийэ ыйытар

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиирин кэмигэр Сургуттан биэс оҕолоох ийэ, биир оҕото инбэлиитин, былырыын…

11 минут ago
  • Сонуннар

Владимир Путин: «Дойдуга эккэ наадыйыы икки төгүл улаатта»

Дойдуга хамнас төһө да үрдээтэр, сыананы сиппэтин туһунан Арассыыйа олохтоохторо суруйаллар. Ол иһин, сыана үрдүүрүн…

30 минут ago
  • Сонуннар

Владимир Путин: «Краснодарга экология иэдээнэ тохтотуллуоҕа»

Бэрэсидьиэн Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин кэмигэр Краснодарскай кыраай олохтоохторо балаһыанньаны видеонан устан ыытан, ыйытыы биэрдилэр. Соторутааҕыта…

57 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Владимир Путин: “Барыта 21 тыһ. эбийиэги чөлүгэр түһэрдибит”

Байыаннай дьайыы буолан ааспыт, буола турар миэстэлэрин олохтоохторун чөлүгэр түһэрии боппуруоһа долгутара биллэр. Маныаха сыһыаннаах…

1 час ago
  • Сонуннар

Екатерина Ноговицына: «Арктика улуустарыгар дьоҕус модульнай кулууптар тутуллуохтарын наада»

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин үгүс киһи олус болҕомтолоохтук истэр, ылынар. Дьааҥы улууһун дьокутааттарын сэбиэтин…

1 час ago