Аллараа Халымаҕа сылаас уонна хаар бөҕөтө
Алтынньы 29-30 күннэригэр Аллараа Халыматааҕы суол учаастагын үлэһиттэрэ «ТРЭКОЛ» вездеход массыынанан «Арктика» кыһыҥҥы айан суолун Зеленай Мыс – Чукотскай автономнай уокурук кыраныыссатын (1535+ 000 км –1597+880 км) хайысхатынан бэрэбиэркэлээтилэр.
Быйыл Аллараа Халыма улууһугар алтынньы ый үһүс декадатыгар салгын температурата 2023 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 3-4°C кыраадыһынан сылаас буолла диэн «Арктика суоллара» тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Итини тэҥэ, НДУ исписэлиистэрин кэнники дааннайдарынан, чинчийиллибит суол устатын тухары хаар халыҥа сорох сирдэринэн 40-тан 90 см диэри тиийэр. Былырыын бу кэмҥэ, Саха сиринээҕи күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспата дааннайынан хаар халыҥа 17 см этэ. Чинчийиллибит кыһыҥҥы айан суолун учаастактарыгар хаар аннынан тарыҥныыра бэлиэтэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: