“Аллергия, псориаз элбээтилэр”. Туохтан?
Өрөспүүбүлүкэтээҕи тирии-венерологическай диспансер сытар балыыһата – стационара уонна лабораторията Покровскайдыыр аартык 6-с килэмиэтиригэр 3 этээстээх дьиэҕэ бааллар.
Манна 60 киһи балыыһаҕа сытан, 30 киһи күнүскү кэмҥэ тастан сылдьан эмтэнэр. Бу 60 куойкаттан 15-һэ венерическэй ыарыылаахтарга ананар. Эмтэнии барыта босхо. Дерматолог-быраас суох улуустарыттан кэлэн эмиэ эмтэнэллэр. Ону тэҥэ, диспансер быраастара теле-мэдиссиинэ көмөтүнэн улуустарга сүбэ-ама биэрэ олороллор.
Стационар сэбиэдиссэйэ Галина Меркуриевна Потапова 3 этээһинэн батыһыннара сылдьан, көрдөрдө, кэпсээтэ. Кини 1989 сыллаахха мэдиссиинэ институтун дерматовенеролог-быраас идэлээх бүтэриэҕиттэн, бу диспансерга үлэлиир. 2005 сыллаахха бу дьиэҕэ көһөн киириэхтэриттэн, стационар сэбиэдиссэйэ.
Сыстыганнаах ыарыылары эмтиир буолан, сытар балыыһаҕа ырааһы, дезинфекция ирдэбиллэрин кытаанахтык тутуһаллар. Венерическэй ыарыылаахтар туспа сыталлар.
“Аллергиялаах киһи элбээтэ”
Манна сүрүннээн псориаз, атопическай дерматит, экзема, олоҕурбут дерматоз, о.д.а. ыарыылаахтар киирэн эмтэнэллэр.
– Кэнники кэмҥэ дерматоз сэдэх көрүҥнэрэ – Дюринг дерматита, “пузырчатка” көстөр буоллулар. Оҕолор үксүн атопическай дерматит (диатез), аллергическай дерматит ыарыыларынан киирэллэр. Кэнники кэмҥэ, ааспыт үйэ 90-с сылларын кытта да тэҥнээтэххэ, аллергиялаах оҕо да, улахан киһи да наһаа элбээтэ диэн бэлиэтиибит.
– Ол төрүөтэ туохтан буолуой?
– Иммунитеты көтөҕөөрү олус элбэх эмтэри, эбиликтэри (БАД), битэмииннэри хонтуруола суох истэххэ, үксүгэр аллергиялатар. Организм итинник “реакция” биэрэр. Үгүс дьоҥҥо коронавирус кэнниттэн иммунитеттара мөлтөөбүт диэн көрөбүт. Экология куһаҕан содула эмиэ дьайар – сайыммыт наһаа буруолаах буолла, бырдах да элбэх.
Ас-үөл хаачыстыбата эмиэ улахан оруоллаах – наһаа элбэх саахардаах аһы, гаастаах утаҕы, “фаст-фуду” сиэтэхтэринэ, оҕолор иммунитеттарыгар охсор, аллергиялатар. Консерваннаах, аллергеннаах ас элбэх, таҥас сууйар бороһуок да дьайар. Ону тэҥэ, ийэ буолаары сылдьар дьахтар доруобуйатыттан, тугу аһыырыттан эмиэ тутулуктаах.
Төрөппүттэргэ анаан этиэм этэ – оҕону төрүөҕүттэн тахсан киирэрин хонтуруоллааҥ. Оҕо күн аайы тахсан киириэхтээх (кыһыл оҕо – күҥҥэ хаста да). Хойуута хатар, хас да күн кэлбэт буоллаҕына, ол аата ас буһарар уорганнара, оһоҕоһо куһаҕаннык үлэлииллэр, бу нуорма буолбатах. Оччотугар мунньуллубут “шлак”, токсин тирии нөҥүө тахса сатыыр, бааһырдар. Оһоҕоһо куһаҕаннык үлэлиир оҕо – бу биһиги кэнэҕэски пациеммыт буолар…
Онон уһаппакка, тута бырааска көрдөрөн, эмтэтэн, чөлүгэр түһэриэххэ наада. Сороҕор оҕо уһуйааҥҥа кэлэн баран, атыҥыраан, кыбыстан, таһаарбакка, хам тутан кэбиспит буолуон сөп, маны төрөппүт хонтуруоллуохтаах. Ону тэҥэ, минньигэһи, гаастаах утаҕы, фаст-фуду оҕоҕо күн аайы сиэтимэҥ – мантан аллергия үөскүүр.
“Оҕолор эмиэ сыталлар”
– Билигин биһиэхэ “лишай” ыарыылаах (микроспория, трихофития – “лишай көрүҥнэрэ) 11 оҕо киирэн сытар. Бу Дьокуускайтан 3-с №-дээх спортивнай оскуолаттан, Уус Алдан, Хаҥалас, Таатта, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан кэлбит спортсмен оҕолор.
Кэнники кэмҥэ спортивнай кулууптар элбээбиттэрэ үчүгэй эрээри, дезинфекция үчүгэйдик ыытыллыбат буолан, оҕолор наһаа сыстыһан ыалдьар буоллулар. Көлөһүн алла-алла мааттарга төкүнүйэллэр, дьарык кэннэ душтамматтар, оннук усулуобуйа суох. Онон үксүн микроспория, чесотка, “грибковай” ыарыыларга сыстыһаллар.
Биир оҕо бэйдиэ сылдьар куоскаттан “лишай” ыарыыга сыстан сытар. Урут бэйдиэ сылдьар ыттартан, куоскалартан сыстан киирэр киһи элбэх буолара, билигин оннук кыыллар аҕыйаан, сыстыһыы эмиэ аҕыйаата.
Ырыынактан ылбыт таҥаһы сууйбакка кэтэн баран, ыалдьыбыт дьон эмиэ баар буолааччы. Онон саҥа таҥаһы хайаан да сууйан, өтүүктээн баран, кэтиллиэхтээх. Атын дьон таҥаһын, атах таҥаһын уларсан кэтиллибэт, илиини сууйа сылдьыллыахтаах, тус бэйэ иһитэ, сотторо, утуйар таҥаһа диэн баар буолуохтаах – оҕону кыра эрдэҕиттэн гигиенаны тутуһарга үөрэтиллиэхтээх.
“Эмтэнэр дьон аҥаара – псориазтаах”
– Псориаз диэн ыарыы элбээтэ дииллэр. Бу ыарыы бастаан хайдах үөскүүрүй?
– Псориаз диэн аутоиммуннай ыарыы буолар, ол эбэтэр, иммунитеттан тутулуктаах. Өбүгэлэртэн хаанынан эмиэ бэриллэр. Бу сыстыганнаах ыарыы буолбатах, ол эрээри, толору кыайан эмтэниллибэт. Хаптайбыт курдук буолар эрээри, истириэс, вирус, аллергия кэннэ хос тахсан, бэргээн кэлэр. Бырдах ытырара, тирии дьуккуруйара, оннооҕор, укуол бааһы бэргэтэр. Псориазтаах дьон хайдах аһыылларыттан, утуйалларыттан, харыстаналларыттан ыарыы хаамыыта улахан тутулуктаах.
Бастаан тириигэ хаҕыланар кыра баастар үөскүүллэр, кэлин улаатан, тэнийэн иһэллэр. Псориаз киһи олоҕор улахан мэһэйдэри үөскэтэр. Ааспыт сыл устата биһиэхэ 546 псориазтаах киһи кэлэн, эмтэнэн барда. Бу элбэх ахсаан, эмтэнэ кэлэр дьон аҥаардара псориазтаахтар.
Мин санаабар, коронавирус кэннэ, псориазтаах дьон ахсаана эбилиннэ уонна урут эмтээһин көдьүүһэ улахан буолара, оттон билигин бэргииллэрэ да элбээтэ. Псориаз бэргээтэҕинэ, ньиэрбинэй систиэмэҕэ, сүһүөххэ, гормоннар, бэссэстибэлэр атастаһыыларыгар куһаҕаннык дьайар.
Ыарыыны төһө баалаппыттарыттан көрөн, араас ньыманан эмтиибит, туруктарын чэпчэтэбит. Фототерапияны (ПУВА), комбинированнай терапияны уонна систиэмэлээх эмтээһини туһанабыт. Ыарахан ыарыыларга 2014 сылтан геннэй-инженернэй биологическай терапияны (ГИБТ) туһанабыт, бу ньыма түргэн уонна быдан көдьүүстээх.
Сытар балыыһабытыгар 3 дерматолог быраастаахпыт. Бу, дьиҥэ, олус аҕыйах. Өссө биир штаты биэрэллэрэ буоллар, үлэбит өссө көдьүүстээх буолуо этэ.
Тириигэ баас үөскээтэҕинэ, бэйэҕит эмтэнэ сатаабакка, сыһыарыллыбыт поликлиникаҕытыгар дерматолог бырааска, эбэтэр биһиги диспансербыт поликлиникатыгар баран, көрдөрүнүөххүтүн наада. Анаалыс түмүгүнэн быраас ханнык ыарыы буоларын быһаарар, эмтэри аныыр.
2023 сылга
1148
– Өрөспүүбүлүкэтээҕи тирии-венерологическай диспансер стационарыгар сытан, эмтэнэн тахсыбыт дьон ахсаана.
709
– күнүскү кэмҥэ таһыттан сылдьан, эмтэммит дьон ахсаана.
Ол иһигэр, балыыһаҕа сытан эмтэммит дьон:
131 киһи –
трихофития, микроспория (23%).
546 киһи –
псориаз (55%).
45 киһи –
экзема (8%).
49 киһи –
аллергическай дерматит (9%).
88 киһи –
атопическай дерматит (10%).
93 киһи –
сифилис.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: