Алмааһы наардааччы Наталья Осипова — «Идэҕэ бастыҥ» кыайыылааҕа

Алмааһы наардааччы Наталья Осипова — «Идэҕэ бастыҥ» кыайыылааҕа

14.09.2023, 14:42
Хаартыскалар: ЯПТА уонна дьоруой архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Уотунан хааччыйыы инженерэ алмааһы хостуур аан дойдутааҕы улахан тэрилтэҕэ хайдах кэлбитин, үлэтин эридьиэстэрин уонна тыһыынчанан дьикти сыаналаах таастар тустарынан АЛРОСА Алмааһынан эргинэр Саха сиринээҕи тэрилтэтигэр (ЯПТА) алмааһы наардааччы, «АЛРОСА идэҕэ бастыҥа» чөмпүйэнээт кыайыылааҕа Наталья Осипова кэпсээтэ.

Бүгүҥҥү матырыйаалбыт дьоруойа Наталья Осипова Уус Маайа улууһун Уус Маайа бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. Көрдөххө нарын-намчы, сэмэй бэйэтэ олус күүстээх санаалаах, холку майгылаах, бэйэтин күүһүгэр эрэллээх кыыс оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ.
Наталья өссө оскуолаҕа чэпчэки атлетиканан уонна саахыматынан дьарыктаммыта, аны оҕуруонан быысапкалыырын сөбүлүүр. Кини талааннаах илиититтэн тахсыбыт сахалыы киэргэллэр быыстапкалар экспонаттарынан буолаллар. Баҕар, чуолаан ити дьарыга билиҥҥи идэтин таларыгар дьайбыта буолуо.
Уһук Илиҥҥи тиэхиньиичэскэй университекка «уотунан хааччыйыы инженерэ» идэни ылан баран, үлэтин «Якутскэнерго» тэрилтэттэн саҕалаабыта. Ол гынан баран, олоҕун тосту уларытан, 2011 сыллаахха АЛРОСА Алмааһынан эргинэр Саха сиринээҕи тэрилтэтигэр үлэлии кэлбитэ.

Алмааһы наардааччы үлэтигэр сүрүн ирдэбил

Манна үлэлии сылдьан Москватааҕы судаарыстыбаннай университекка «алмаастаах сырьены наардааһын уонна аттестациялааһын» идэҕэ үөрэммитэ. Онтон ыла кини ыра санаа оҥостубут идэтинэн 12 сыл устата алмааһы кытта үлэлээн кэллэ.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар хостонор алмаастар Алмааһынан эргинэр Саха сиринээҕи тэрилтэҕэ аҕалыллыахтарын иннинэ геологтар, хайа үлэһиттэрин, байытааччылар сатабыллаах илиилэрин нөҥүө уһун суолунан айанныыллар. Бу тэрилтэ сыаналаах таастары хостооһун уонна батарыы икки ардынааҕы звенотунан буолар. Чуолаан манна илии быыччык үлэтин уонна наардааччы маастарыстыбатын көмөтүнэн алмаас инники дьылҕата -– ювелирнай киэргэл буолара эбэтэр бырамыысыланнас араас салаатыгар туттуллар тиэхиньиичэскэй сырье буолара быһаарыллар.
Алмааһы наардааччы үлэтигэр сүрүн ирдэбил -– сыыһата-халтыта суох лоп-бааччы үлэ. Сырье дэгэтин (оттенок) уонна быһыытын-таһаатын арааһын, ону сэргэ кристаллар айылҕаттан уратыларын араара үөрэниэххэ наада. Айылҕаҕа икки тэҥ алмаас суох, ол иһин хас биирдиилэригэр ураты сыһыан ирдэниллэр -– хас биирдии кристалл бэйэтин устуоруйатын кэпсиир. Илиигэр тааһы ыллаххына, тута кини ыйааһынын, быһыытын, фактуратын өйдүүгүн, оттон микроскопка кини дууһата көстөр диэххэ сөп. Өскөтүн үрдүк таһымнаах үлэһит таас «хаачыстыбатын» тута көрүөн сөп буоллаҕына, сыаналаах таас ырааһын олус болҕомтолоохтук сирийэн, биир да кыра «вкраплениены» мүччү туппакка көрүөххэ наада, -– диэн Наталья кэпсиир. — Мин аан дойду таһымнаах алмааһы хостуур хампаанньаҕа үлэлээһин бэйэҕин буларгар көмөлөһөр уонна туох эрэ улахаҥҥа, айылҕа оҥорбут кэрэтигэр сыстар кыаҕы биэрэр диэн мэлдьи саныырым. Биллэн турар, чопчу алмааһы наардааччынан үлэлиэм диэн тута быһаарымматаҕым. Ол гынан баран, саҥа идэбэр үөрэммитим уонна АЛРОСА улахан кэлэктиип сорҕотунан буолбутум хас да сыл буолла. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдарыгар сүҥкэн кылаатын киллэрэр хампаанньаҕа үлэлээһин миэхэ олус суолталаах. Маннык социальнай хайысхалаах хампаанньаҕа үлэлиирбинэн киэн туттабын.

««Алмаас харах» диэн биһигини этэллэр»

— Үлэҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? Алмааһы илиигитинэн наардыыгыт дуо?
-Мин үлэбэр микроскобу уонна лупаны туһанабын. Мин учаастакпар бөдөҥ алмаастар наарданаллар. Хас биирдии сыаналаах таас быһыытынан-таһаатынан, хаачыстыбатынан уонна өҥүнэн сыаналанар. Үлэбит быыччык уонна тыҥааһыннаах. Ол гынан баран, биһиги үлэбититтэн салҕыы хайдах түмүк оҥоһуллара тутулуктаах. Алмааһы сөпкө уонна чопчу сыаналааһын олус суолталаах -– сыыһа-халты тахсыа суохтаах. «Алмаас харах» диэн биһигини этэллэр диэххэ сөп. Бриллиаҥҥа кубулуйуохтаах сыаналаах таастардыын үлэлиирбэр аан бастаан хайдах долгуйбуппун өйдүүбүн. Үлэбин саҥа саҕалыырбар миэхэ үөрүйэхтээх исписэлиистэр олус көмөлөспүттэрэ, сырье кэлин ханна-хайдах туһанылларын, алмаас ханнык уратытыгар ордук болҕомто уурулларын быһаарбыттара. Мин билигин ханнык алмаас ювелирнай оҥоһукка, ханнык тиэхиньичэскэй туттуллууга барарын тута быһаарар буоллум.
– Микроскоп нөҥүө тугу көрөҕүтүй? Үлэлиир кэмҥэр ханнык кэрэхсэбиллээх таастар түбэспиттэрэй?
– Таас иһин көрөрбөр кини айылҕаттан уратытын билэ-көрө сатыыбын. Мин илиим нөҥүө күҥҥэ тыһыынчаҕа тиийэ алмаас ааһар, онтон үлэлээбитим тухары уратылаах таастары элбэҕи көрдүм. Айылҕаҕа бэйэ- бэйэтигэр маарыннаһар алмаас суох — хас биирдиилэрэ дэҥҥэ көстөр алмаастар. Алмаастар араас быһыылаахтар эрэ буолбатахтар, өссө араас өҥнөөхтөр: араас дэгэттээх, өҥө суох, араҕас, күрэҥ таастар баар буолаллар. Хара, маҥан алмаастар бааллар. Өҥнөрүн дьүөрэлэһиитэ араас. Күөх, от күөх, кыһыллыҥы, кубархай кыһыл, сирень курдук сэдэх өҥнөр көһүннэхтэринэ, улахан интэриэһи тардаллар, кинилэр ордук сыаналаахтарынан уонна уратыларынан ааҕыллаллар. Ис өттө эмиэ дьикти буолар: иһигэр сулустар эбэтэр смайлик ойууламмыт курдук баар буолааччы. Мин санаабар, хас биирдии киһи туох эрэ уратыны булан көрөр.
– Эн ордук ханнык алмаастары өйдөөн хаалбыккыный?
– Биһиэхэ, Алмааһынан эргинэр тэрилтэҕэ, АЛРОСА дьикти алмаастарын кэлиэксэйитигэр киирбит алмаастары, холобур, хаар кыырпаҕар майгынныыр алмааһы, булбуттара. Итинник тааһы мин биир идэлээҕим Александра Шапошникова булбута. Атын биир идэлээҕим Татьяна Бурцева аан дойдуга аатырбыт «Матрешка» алмааһы булбута. Бу дьикти таас иһигэр атын алмаас көҥүл сыҕарыйар. Алмаас иһигэр алмаас! Биһиги олус элбэх силбэспит кристаллары булбуппут – кинилэр быһыыларынан-таһааларынан АЛРОСА логотибын санаталлар. Ол гынан баран, биһиэхэ алмаас үчүгэй хаачыстыбалаах буолара ордук суолталаах. Итинтэн сыаната быһаччы тутулуктаах, ол эбэтэр үгүстэр этэллэринэн, кээмэйиттэн эрэ буолбатах. Алмаас төһөнөн ыраас уонна дьэҥкир да, ырыынакка сыаната үрдүк. Ол иһин, бытархай да буолбутун иһин, ыраас тааһы көрдөххүнэ, куруук үөрэҕин.
– Хас биирдии таас туһунан устуоруйалаах?
— Оннук диэххэ сөп. Үөрүйэхтээх наардааччы алмааһы көрөн, кини ханнык сиргэ хостоммутун быһаарыан сөп.
Алмааһы кытта өр үлэлээтэххинэ, алмааһы сыаналаах мал курдук буолбакка, үлэ матырыйаалын курдук ылынаҕын. Хас биирдиилэрин сыныйан көрүөхтээххин, кини устуоруйатыттан, тас көрүҥүттэн уонна да атын көстүүлэриттэн сиэттэрэн, классификаторга сөп түбэһэр сыаналарын категориятын быһаараҕын.
-Эн наардааччы идэтин тоҕо талбыккыный? Мин дьылҕам уонна бэйэм миэстэбэр сылдьабын дии сананаҕын дуо?
– Мин үлэбин сөбүлүүбүн, Алмааһы хостуур тэрилтэҕэ наардааччы буоларга баҕаран кэлбитим. Мин үлэҕэ чопчу сыһыаны -– үлэ эрэһиимин, кээмэйин, былаанын уонна түмүгүн тута сөбүлээбитим. Мин бэйэм даҕаны тэрээһиннээх киһибин, үлэ хаамыыта чопчу тэрээһиннээҕин, туох соруктар туралларын өйдөөһүн баарын сөбүлүүбүн. Ол үрдүнэн бэйэм таптыыр дьарыктарбар бириэмэм тиийэр: сүүрүүнэн, саахыматынан дьарыктанабын уонна оҕуруонан быысапкалыыбын.


Айар дьарыга идэтигэр сирдээбитэ

Наталья этэринэн, оҕо эрдэҕиттэн сүүрэр дьарыга олоҕун сорҕотунан буолар. Наталья саахымакка оскуола саҕаттан оонньуур. Бу дьарыгын төрөппүт уола утумнаан, Дьокуускай куорат уокуругар алта сааһыгар турнир кыайыылааҕынан тахсыбыта. Кини  билигин хайыы үйэ оскуола үөрэнээччитэ буолбут уолун кытары киэһээ аайы саахыматтыыллар, кини түмүктэриттэн уонна кыайыыларыттан үөрэр.
Биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут оҕуруонан быысапкалааһынан эмиэ оскуола эрдэхтэн дьарыктанар. Наталья бэйэтэ сабаҕалыырынан, чуолаан бу айар дьарыга инники талыахтаах идэтигэр кубулуйбут.
– Төрөппүттэрим миэхэ тугу биэрбиттэрэ уонна бэйэм дьарыктарым билигин миэхэ наадалаах сатабылларга көмөлөспүттэр. Мин элбэх быыстапкаҕа кытынным, 8-с кылааска үлэлэрим Саха сирин уонна Москва брендовай истиэнэлэригэр ыйаммыттара. Быысапканан билиҥҥэ диэри астынан дьарыктанабын. Саха киэргэллэрин таһынан оонньуурдары оҥоробун. Мин санаабар, бу дьарыгым миэхэ алмааһы наардыыр үлэҕэ олус наадалаах: дьаныардаах уонна бэйэни сааһыланар хаачыстыбалары сайыннарарга көмөлөһөр.

«Кэлэктиибим мин туспар ыалдьара бэйэм күүспэр эрэли үөскэппитэ»

Наталья олус көхтөөх киһи уонна мэлдьи спартакиадаларга уонна араас куонкурустарга кыттар.
Быйыл Наталья Осипова АЛРОСА «Идэҕэ бастыҥ» идэ үрдүк маастарыстыбатын саамай инникилээх корпоративнай чөмпүйэнээтигэр бастакы миэстэни ылла.
«Идэҕэ бастыҥ» – АЛРОСА саамай киэҥ хабааннаах корпоративнай куонкуруһа. Куонкуруска Мииринэй, Айхал, Удачнай, Дьокуускай, Архангельскай, Москва структурнай подразделениеларыттан уонна хос уопсастыбаларыттан оробуочай идэлээх исписэлиистэр кытталлар.
Быйыл чөмпүйэнээккэ АЛРОСА 14 подразделениетыттан уонна хос уопсастыбаларыттан 79 идэлээх киһи кытынна. Кинилэр алта күн устата Мииринэй уонна Айхал былаһааккаларыгар теорияҕа уонна быраактыкаҕа бэйэлэрин маастарыстыбаларын көрдөрөн, 9 хайысхаҕа бастыыр иһин кииристилэр.
– Мин чөмпүйэнээккэ иккиһин кытынным. Былырыын үһүс миэстэни ылбытым. Быйыл эбэһээт кыайарга быһаарыммытым. АЛРОСА-ҕа бастыҥ буолар туһугар биһиги бэйэбит подразделениеларбытыгар сүүмэрдээһини ааһабыт. Бу — бастыҥтан бастыҥнар, үрдүк таһымнаах исписэлиистэр мустар дьоһуннаах куонкурустара. Биһиги бары бэйэбитин, идэбитигэр таһыммытын көрдөрөр кыах бэриллэрин иһин, хампаанньабытыгар олус махтанабыт. Онтон чөмпүйэнээккэ миэхэ сүрүн өйөбүлүнэн, биллэн турар, биир идэлээхтэрим буолбуттара. «Бу биһиги уопсай, кэлэктиип кыайыыта», — диэн этиэхпин баҕарабын. Биир идэлээхтэрим өйөбүл тылларын эрэ буолбакка, видеолары ыыппыттара. Күрэхтэһиигэ мин туспар кэлэктиип барыта ыалдьара, кыһаллара бэйэм күүспэр эрэли үөскэппитэ.
-Алмааһы наардааччылар хайдах күрэхтэһэллэрий?
-Биһиэхэ икки түһүмэх баара -– теория өттүгэр 20 ыйытыыга хоруйдаабыппыт, оттон быраактыка өттүгэр 90 мүнүүтэ иһигэр 50 тааһы наардыахтаах этибит. Ол эбэтэр таас ханнык хаачыстыбаҕа уонна ирдэбилгэ сөп түбэһэрин сөпкө быһаарыахтаах этибит. Көннөрү үлэ күнүгэр тыһыынча кэриҥэ тааһы наардыахпын сөп. Ол гынан баран, күрэхтэһии кэмигэр олус долгуйаммын, бириэмэ чаҕылҕанныы ааспыта. Ол да буоллар, түмүккэ ситиспитим. Бэйэни сааһыланыы, үөрүйэх уонна сөптөөх турук көмөлөспүттэрэ.
Аан дойду таһымнаах алмааһы хостуур тэрилтэҕэ үлэлиириҥ бэйэҕэр туох суолталааҕый?
-Бастатан туран, туруктаах, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолуу. Үлэһиттэр баҕа санааларын болҕомтоҕо ылалларын, хампаанньа биһиги санаабытын истэрин сөбүлүүбүн. Саҥаны киллэриэххин, тугу эмэ тупсарыаххын баҕараргын өйүүллэр. Холобур, тааһы наардааһын хаамыытыгар, үлэ тустаах соруктарыгар бириэмэни көдьүүстээхтик туһанарга хас да этиини киллэрбитим. Ол этиилэрим олоххо киллэриллибиттэрэ. Быраактыка көрдөрбүтүнэн, ити быһаарыылар табыгастаах этилэр.
Хампаанньа ыччаты уонна оробуочай идэлэри өйүүрүн, эбии үөрэхтэри, трениннэри, идэҕэ куонкурустары тэрийэрин сэҥээрэбин. Манна дьон олус аламаҕай майгылаах -– хаһан баҕарар көмөҕө кэлэллэр. Уһуйааччылар тустарынан этэр буоллахха, биһиги тэрилтэбитигэр уонна АЛРОСА-ҕа барытыгар дьоһун суолталаах үгэстэртэн биирдэстэринэн буолар. Биһиги сүрүннүүр эспиэрдэрбит -– бэйэлэрин дьыалаларын чахчы баһылаабыт дьон, кинилэр эдэр исписэлиистэр алмааһы наардааччы идэтин дэгэттэрин баһылыырга көмөлөһөллөр. Бу барыта хампаанньа уонна отделлар, подразделениелар үлэлэрин- түмүгэр дьайар.

БЫҺААРЫЫ:
Алмааһынан эргинэр Саха сиринээҕи тэрилтэ быйыл саас 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.
Билигин тэрилтэҕэ 170-ча киһи үлэлиириттэн үс гыммыт иккитэ -– алмааһы наардааччылар уонна эспиэрдэр. Үлэ кэлэктиибин 80-тан тахса бырыһыана үрдүк үөрэхтээх, үгүстэрэ тэрилтэҕэ 15 сылтан ордук кэм үлэлээтэ. Алмааһынан эргинэр Саха сиринээҕи тэрилтэ билигин -– баай устуоруйалаах ситиһиилээх тэрилтэ. Алмааһы чопчу наардааһынтан инники батарыыттан киирэр барыс, ол эбэтэр хампаанньа өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр ыытар нолуоктара уонна дивиденнара, тутулуктанар.

Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас
АЛРОСА пресс-сулууспатын уонна дьоруой архыыбын  хаартыскалара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: