Салгыы
Алмаас каадырдара: оскуоланы бүтэрбит киһи АЛРОСА-ҕа үлэтин саҕалыыр

Алмаас каадырдара: оскуоланы бүтэрбит киһи АЛРОСА-ҕа үлэтин саҕалыыр

Ааптар:
19.07.2024, 09:25
АЛРОСА пресс-сулууспатын хаартыскалара.
Бөлөххө киир:

2024 сылга оскуоланы бүтэрээччилэр олус табылыннылар. Ол эбэтэр, чуолаан быйылгыттан ыла Саха сирин бырамыысыланнаһыгар  орто анал үөрэх каадырдарын бэлэмнииргэ саҥа хардыылар олоххо киллэриллэллэр. Уопсайынан, ити –  алмаас салаатыгар карьераларын оҥостуон уонна алмааһы хостооһун лиидэрин хамаандатыгар кыттыһыан баҕалаахтарга саҥа кыаҕы биэрэр  орто анал үөрэх ситимигэр уларыйыылар саҕаланыылара.

 Дьокуускай – Мииринэй – Айхал

Бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр исписэлиистэри бэлэмнээһин маннык тэриллиэҕэ: устудьуоннары Дьокуускайга сүүмэрдиэхтэрэ уонна түөрүйэҕэ бэлэмниэхтэрэ, онтон салгыы бырамыысыланнас сайдыбыт, үчүгэй матырыйаалынай-тиэхиньии­чэскэй баазалаах  Мииринэйгэ, Алдаҥҥа, Нерюнгригэ, Хаандыгаҕа үөрэнэ барыахтара. Сүрүнэ, өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаһын сүрүн хампаан­ньаларын баазатыгар стажировкаланар уонна быраак­тыкаланар, ону сэргэ салгыы үлэҕэ ылыллар кыахтаналлар.

АЛРОСА-ҕа оробуочай каадырдары хайдах бэлэмниэхтээхтэрин туһунан Мииринэй эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэс­кэй кэллиэһин  дириэктэрин бастакы солбуйааччы Клара Бурнашева  кэпсээтэ.

– Билигин хампаанньа биисинэс уонна үөрэхтээһин бииргэ үлэлээһиннэригэр инники кэккэҕэ сылдьар: АЛРОСА үөрэх бары таһымнаах систиэ­мэтин, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэтиит­тэн саҕалаан орто уонна үрдүк үөрэҕи бүтэриигэ тиийэ, өйүүр. Ону сэргэ кыра куорат усулуобуйатыгар, ол иһигэр Мииринэйгэ, демографияҕа тустаах кыһалҕалар бааллар. Оскуоланы бүтэрээччилэр үксүгэр  киин кэллиэстэргэ уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар туттарса бараллар. Онон, биһиэ­хэ уонна уопсайынан муниципальнай былааска ыччаты Мииринэй улууһугар хаалларар сорук турар.

Онуоха  быйыл  бастакы бырайыакпытын олоххо киллэрэбит – өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар  Т.Г.Десяткин аатынан Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас тиэхиньикумугар 11-с кылаас баазатыгар  «Массыына двигателлэрин, систиэмэлэрин уонна агрегаттарын тиэхиньии­чэскэй хааччыйыы уонна өрөмүөннээһин»  идэҕэ 15 бүддьүөт миэстэтин арыйабыт, онно икки сыл 10 ый үөрэнэл­лэр. Устудьуоннарбытын Дьокуускайга сүүмэрдиэхпит. Кинилэр ахсынньыга диэри манна түөрүйэҕэ бэлэмнэниэх­тэрэ, ол эбэтэр бастакы куурус бастакы семестрын бүтэриэхтэрэ. Онтон Мииринэйгэ көһөн, Мииринэй эрэгийиэннээҕи  тиэхиньиичэскэй кэллиэ­һин баазатыгар үөрэх быраак­тыкатын барыахтара. Онуоха кэллиэс матырыйаалынай-тиэ­хиньиичэскэй баазата эппиэттэһэр, үчүгэй мастарыскыайдар бааллар. Устудьуоннар салгыы бүтэһик маршруттарыгар – АЛРОСА  Айхаллааҕы хайа-ба­йытар кэмбинээтин базатыгар  үлэҕэ быраактыканы ааһаллар. Биһиэхэ сүрүн түмүк – ыччаттары үлэнэн хааччыйыы. Бырайыак олоххо ситиһиилээхтик киллэриллиэҕэр эрэнэбит, – диэн Клара Абрамовна кэп­сээтэ.

АЛРОСА пресс-сулууспатын хаартыскалара.

«Үөрэн уонна үлэлээ» бырайыак

Бэлиэтээн эттэххэ, АЛРОСА бэйэтин кэккэтигэр үөрэхтээх каадырдары тардарга олус элбэҕи оҥорор. Ол курдук, алмааһы хостуур хампаанньа былырыыҥҥыттан ыла Мииринэйдээҕи кэллиэ­һи кытары «Үөрэн уонна үлэлээ»  диэн өссө биир бырайыагы олоххо ситиһиилээхтик киллэрэр. Ол эбэтэр устудьуоннар кэллиэскэ үөрэхтэрин АЛРОСА хампаанньа структурнай подразделениетыгар идэлэринэн үлэни кытары дьүөрэлиэхтэрин сөп.

Бырайыагы быйыл Дьокуус­кайга үөрэххэ ылыллыах­таах устудьуоннарга киллэрии былаан­нанар. Үөрэнэр уонна үлэлиир усулуобуйалар тэриллиэхтэрэ, Айхаллааҕы Хайа-байытар кэмбинээт устудьуоннарга толору хааччыллыылаах уопсай дьиэни биэрэргэ бэлэм.

Мииринэй эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэскэй кэллиэһин дириэктэрин бастакы солбуйааччы:  «Бу – бастакы хараҥаччы. Бырайыак түмүгүттэн олус элбэх тутулуктаах буолуоҕун  өйдүүбүт, онон ыччаттарбытын төһө кыалларынан өйүөхпүт», – диэн бу бырагыраамаҕа көхтөөх ыччаттар киирэллэригэр эрэнэрин биллэрдэ.

АЛРОСА корпоративнай университета

Алмааһы хостуур хампаан­ньа  подразделениеларыгар оробуочай каадырдары бэлэмнээһининэн  АЛРОСА Корпоративнай университета эмиэ дьарыктанар. Манна үөрэнэргэ араас болдьох­тоох 300-тэн тахса үөрэх бырагыраамата олоххо киллэриллэр. Корпоративнай университекка  саҥа идэлэргэ үөрэнэллэр, хампаанньаҕа ордук наада­лаах араас оробуочай идэлэрин үрдэтинэллэр. Үөрэх бырагы­раамалара хампаанньа уратытын барытын учуоттууллар, элбэх биридимиэти АЛРОСА хампаанньаҕа  өр үлэлээбит дьон үөрэтэллэр.

Корпоративнай университет салайааччытын солбуйааччы Мария Дударь этэринэн, университекка сыл аайы 20 тыһыынчаттан тахса киһи үөрэнэр. Онуоха АЛРОСА үлэһиттэрин эрэ буолбакка, оробуочай идэни баһылыахтарын баҕарааччылары барыларын үөрэтэллэр.  Университет ону таһынан  үөрэнээччилэргэ идэҕэ хайысхалыыр үлэни тэрийэр.

– Үөрэнээччилэри идэҕэ хайысхалыыр үлэ – биһиги университеппыт дьоһуннаах хайысхата. Холобур, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр Мииринэйдээҕи политехническай лиссиэй баазатыгар күнүскү үөрэххэ биһиги «АЛРОСА-кылааспыт» үлэлиир. Ону таһынан, Саха сирин уонна Иркутскай уобалас үөрэнээччилэригэр  «АЛРОСА online кылаастар» бааллар. Оҕолор араспысаанньанан ити платформаҕа киирэн, тэйиччиттэн дьарыктаналлар. Уопсайынан, «АЛРОСА-кылаастарга» үөрэх – үрдүк үөрэх кыһатыгар тиэхиньиичэскэй идэҕэ, ол иһигэр, АЛРОСА идэтигэр, үөрэнэргэ үчүгэй бэлэмнэнии, – диэтэ   Мария Дударь.

Ол эрээри, АЛРОСА хампаанньа  үлэтин ыччакка эрэ туһаай­бат. Билигин корпоративнай университекка өрөспүүбүлүкэ  дьарыга суох нэһилиэнньэтин үөрэтэргэ бырайыак олоххо киллэриллэр.

–Биһиги үлэһиттэри уонна АЛРОСА дочернэй уопсас­тыбаларын подразделение­ларын салайыы сулууспатын кытары бииргэ үлэлиибит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо  АЛРОСА хампаан­ньа подразделениеларыгар  үлэни булаллара мэктиэ­лэнэрин курдук үлэлиибит, – диэн Корпоративнай университет салайааччытын солбуйаач­чы бэлиэтээн эттэ.

Ирина Романова суруйуутуттан тылбаас,

АЛРОСА пресс-сулууспатын хаартыскалара.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: