Бөдөҥ ювелирнай алмаастарга Саха сирин уһулуччулаах дьонун ааттарын иҥэрэр үтүө үгэс ааспыт үйэ 1959 сылыттан саҕаламмыта. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит биллэр-көстөр биир дойдулаахтарбыт ааттарын бөдөҥ алмаастарга иҥэрии – бу кинилэр ааттарын үйэтитии биир көрүҥэ. Бу күннэргэ АЛРОСА түөрт бөдөҥ алмааска ааттары иҥэрдэ.
АЛЬБИНА ГОЛЬДМАН
Бу сыл саҕаланыаҕыттан түөрт алмааска түөрт биир дойдулаахпыт ааттара үйэтитилиннэ. Ол курдук, 2023 сылга алтынньы 28 күнүгэр “Юбилейнай” алмаастаах сиргэ булуллубут 55,19 карааттаах алмаас А.С. Макаренко аатынан уордьан кавалера Альбина Гольдман аатын сүктэ. Альбина Гольдман Саха сирин арҕаа өттүгэр алмаас бырамыысыланнаһын каадырдарын бэлэмниир, үөрэтэр биир бастыҥ, тумус туттуллар үөрэх кыһатын тэрийбит киһинэн буолар. Кини М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй института аһыллыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх.
ИВАН ЕГОРОВ
Өссө биир алмаас бэрэпиэссэр Иван Егоров аатынан ааттаммыта. Бу 76,15 карааттаах тааһы Накыыҥҥа кулун тутар 14 күнүгэр булбуттара. Быйыл Иван Егоров төрөөбүтэ 90 сааһа бэлиэтэннэ итиэннэ М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет «Технология обработки драгоценных камней и металлов» кафедрата тэриллибитэ 20 сылын туолла. Бэрэпиэссэр Иван Егоров күндү таастары уонна металлары чочуйуу, материаловедение технологияларын кытары сибээстээх саҥа идэлэр баар буолууларыгар итиэннэ Саха сирин кырыылыыр, ювелирнай салааларыгар үрдүк квалификациялаах исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ улахан өҥөлөөх.
«Технология обработки драгоценных камней и металлов» кафедра сэбиэдиссэйэ Варвара Дмитриева бэлиэтээбитинэн, алмаастарга ааттары иҥэрии — бу Саха сирин сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит дьон туһунан өйдөбүлү үйэтитиигэ өссө биир хардыынан буолар.
– Иван Иванович салайыытынан Саха сирин үрдүк үөрэҕин устуоруйатыгар аан бастаан Саха судаарыстыбаннай университетын физика-тиэхиньиичэскэй институтугар 20 сыл анараа өттүгэр «Технология обработки драгоценных камней и металлов» диэн исписээлинэс аһыллыбыта. Онон, биһиги университеппыт Арассыыйаҕа туһааннаах идэлээх дьону бэлэмнээһиҥҥэ сүрүн үрдүк үөрэх кыһатынан буолбута, – диэн кини эбэн эттэ.
ИННОКЕНТИЙ ТАРБАХОВ
Саха төрүт аһын сөргүтүүгэ бары күүһүн уурбут тумус туттар киһибит, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх асчыта Иннокентий Тарбахов быйыл 80 сааһын туолбута. Кини олоҕун хотугу норуоттар куукуналарын үөрэтиигэ, сайыннарыыга, тарҕатыыга анаата. Бүгүн Иннокентий Тарбахов аатын 2024 сылга кулун тутар 14 күнүгэр Накыыҥҥа булуллубут 73,16 карааттаах алмаас сүгэр.
– Бу сонуну истэн олус долгуйбуппут. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ аҕабыт аатынан алмаас ааттаммыта – бу Иннокентий Иннокентьевич саха төрүт үгэстэрин харыстааһыҥҥа, билигин өрөспүүбүлүкэни ааттата сылдьар хас да көлүөнэ маастардарын үөрэтэн-такайан таһаарбыт үтүөлэрин билинии диибит, – диэн Иннокентий Тарбахов кэргэнэ Антонина Семеновна этэр. – Түөрт сыл анараа өттүгэр кэргэним улаханнык ыалдьыбыта. Ковид содулуттан. Элбэх эпэрээссийэни ааспыта. Ол да буоллар, кини ыһыктынан кэбиспэккэ, билигин доруобуйатын чөлүгэр түһэринэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ, аан дойдуга туох буолар турарын интэриэһиргиир. Биһиги АЛРОСА хампаанньаҕа тапталлаах аҕабыт, эһээбит, хос эһээбит аатын алмааска иҥэрбиттэригэр махтанабыт. Бу киниэхэ олус суолталаах, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтэ сайдарыгар дьоһун кылаата киллэрбитин сыаналааһын буолар.
НИНА ЧИГИРЕВА
«Удачнай» күндү таастаах сиргэ 2024 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр 63 карааттаах алмаас көстүбүтэ. Билигин ол бөдөҥ күндү таас Саха сирин биллиилээх опернай ырыаһыта Нина Николаевна Чигирева аатын сүгэр. Мусукаалынай ускуустуба сайдыытыгар улахан кылаатын иһин Нина Чигиреваҕа СӨ үтүөлээх артыыһын, СӨ норуодунай артыыһын, РФ үтүөлээх артыыһын ааттара иҥэриллибиттэрэ. Кини Норуоттар доҕордоһууларын уордьанынан, “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Алмааска Чигирева аатын иҥэрии – бу кини үтүөлэрин билинии эрэ буолбакка, эдэр көлүөнэ артыыстарга ускуустубаҕа өссө үрдүк ситиһиилэри дабайалларыгар холобур быһыытынан буолуоҕа.
«САХА АССР 100 СЫЛЫГАР 100 АНАЛ ААТТААХ АЛМААС» БЫРАЙЫАК
Икки сыл анараа өттүгэр «Саха АССР 100 сылыгар 100 анал ааттаах алмаас» диэн киэҥ далааһыннаах бырайыак олоххо киллэриллибитэ. Бу бырайыак иитинэн бөдөҥ алмаастарга Саха сириттэн Сэбиэскэй Сойуус уонна Социалистическай Үлэ Дьоруойдара буолбут, устуоруйаҕа киирбит дьон уонна Саха сирин биллэр-көстөр уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай, ускуустуба, култуура, билим биллиилээх диэйэтэллэрин ааттара иҥэриллибитэ.
Хас биирдии маннык ааттаах алмаас — бу бөҕө турук, норуот күүһүн, талаанын көрдөрүү бэлиэтэ. Холобур, алмаастар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, лүөччүк, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр 48 байыаннай көтүүнү оҥорбут Сергей Асямов, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Польша уонна Чехословакия кыраныыссаларыгар дьоруойдуу хорсун быһыыны көрдөрбүт Семен Достовалов, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, 28 сылтан ордук кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ инники иһээччилэртэн биирдэстэрин, “Томпо” сопхуоһу салайбыт Василий Кладкин, ыанньыксыт-новатор, холкуос хаалан иһэр учаастагын өрө таһаарбыт Анастасия Копырина ааттарын сүгэллэр. Маны таһынан, Саха сирин Гохраныгар өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын сүгэр алмаас баар.
Алтынньы 31 күнүгэр диэри Дьокуускайга «Сокровищница Якутии» быыстапка комплексын былаһааккатыгар АЛРОСА уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Гохранын «АЛРОСА – Саха сирин алмаастаах устуоруйата» холбоһуктаах экспозицията үлэлиир. Быыстапка Саха сиригэр бастакы алмааһы булуу 75 сылыгар – Арассыыйаҕа уонна аан дойдуга алмааһы хостооһун устуоруйатыгар дьоһун суолталаах түгэннэртэн биирдэстэригэр ананна. Быыстапкаҕа ураты алмаастар, бирилийээннэр, ювелирнай оҥоһуктар уонна ааттаах-суоллаах алмаастар, ол иһигэр “Тыгын Дархан”, “Семен Новгородов”, “Галина Кривошапко”, “Петр Шишигин” уонна да атыттар бааллар. АЛРОСА кэллиэксийэтиттэн 60 дьикти алмаас Саха сиригэр аан бастаан көрдөрүүгэ туруорулунна. Бастакы алмааһы булуу 75 сылыгар анаан-минээн АЛРОСА исписэлиистэрэ 7 тыһыынчаттан тахса карааттаах алмаастан оҥорор паннолара баар. Панноҕа Сунтаар Кириэстээҕин чугаһыгар Бүлүү өрүскэ бастакы саха алмааһа көстүбүт сиригэр Арассыыйа бөдөҥ учуонайа, этносоциологияны төрүттээччи Леокадия Дробижева аатын сүгэр алмаас ууруллубут
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…