Салгыы
Алмааска  — үтүөлээх  быраас аата

Алмааска  — үтүөлээх  быраас аата

14.08.2023, 09:05
Хаартыска: С.Васильева архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Аан дойдуга 20‑тэн ордук караттаах ювелирнай алмаастарга уһулуччулаах дьон аатын иҥэрэр үтүө үгэс баар.

АЛРОСА хампаанньа урукку генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов 2023 сыл кулун тутар 31 күнүнээҕи бирикээһинэн 50,48 карааттаах алмааска Степанида Митрофановна Васильева аата иҥэриллибитэ. Бу алмаас 2022 сыл сэтинньи 26 күнүгэр “Заполярнай” сир баайдаах сиргэ хостоммута.

Оонньооботох  оҕо саас

Степанида Митрофановна 1925 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Бүлүү улууһун Чернышевскай нэһилиэгэр Ирина Кузьминична уонна Митрофан Васильевич дьиэ кэргэнигэр бэһис оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Ийэтин эмэр кырачаан сааһыгар булчут-алчыт, айаны-сырыыны сылдьыбыт аҕалара ыалдьан өлөн, Ирина Кузьминична биэс оҕотун (улаханнара 9 саастааҕа) кытары соҕотоҕун туран хаалбыта. Үксүгэр аҥаардас тарынан, сааскы өттүгэр хааһынан, бэс үөрэтинэн үссэнэн олорбуттара. Степанида сотору-сотору ыарытыйар буолан, иринньэх оҕо этэ. Биир эрэ ыанар ынахтаах ыал оҕолорун хайдах да аһатар кыаҕа суоҕуттан, уу кырбас оҕолоро наар аймахтарынан, билэр дьоннорунан сылдьыбыттара, кинилэр оҕолору иитэргэ көмөлөспүттэрэ. Степаниданы 9 сааһыгар аҕатын бииргэ төрөөбүт балта Евдокия Васильевна иитэ ылан, Бүлүүгэ хаалбыттара. Евдокия оҕону ылан барарыгар: “Өрүүнэ, бука диэн өйдөө: биһиги бары сөтөл ыарыытынан удьуордаан ыалдьабыт, өлөбүт-сүтэбит. Быыһанар  суолбут биир — бэйэбит испититтэн үөрэхтээх бырааһы  таһаарыы. Мин Стешаны сөтөлү эмтиир быраас үөрэҕэр үөрэттэриэм. Оччоҕо биһиги аймах эмтэниэхпит, этэҥҥэ олоруохпут”, — диэн инникини өтөн көрөн эппит уонна баҕа санаатын толорбут эбит.

Бииргэ төрөөбүттэр эмиэ бары үөрэҕи ылан, үлэһит бэрдэ дьон буолбуттара. Убайдара Семен Митрофанович суруналыыс уонна «Мир» туруупкаҕа экскаваторщиктар биригэдьиирдэрэ буолан, Социалистическай Үлэ Дьоруойун аатын сүкпүтэ. Аччыгый убайдара Иннокентий Митрофанович САССР үтүөлээх учуутала, эдьиийэ уонна балта Евдокиялаах Софья өрөспүүбүлүкэ норуотун  хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһиттэрэ буолбуттара.

Миниистир алгыһынан

Степанида Васильева 1945 сыллаахха Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрэн учууталлыы сылдьан, Иркутскайдааҕы мэдиссиинискэй институкка эмтиир-ыарыыны сэрэтэр факультекка үөрэнэ киирбитэ. Үөрэххэ барарыгар улахан оруолу Саха сирин доруобуйатын харыстабылын миниистиринэн үлэлии олорбут Ефрем Николаевич Андреев ылбыта. Миниистир кыысчаан кыра уҥуохтааҕын, ыарыһах, дьүдьэх көрүҥнээҕин бэлиэтии көрөн: “Сэллиги эмтиир быраас буолуоххун сөп эбит”,  — диэн эмиэ уот харахха эппит. Онон, 20‑чэ оҕоттон талыллан, Степанида үөрэххэ ылыллан, үөрүүтэ муҥура суоҕа.

1950 сыллаахха институту ситиһиилээхтик бүтэрэн, фтизиатр-быраас идэтин ылбыт Степаниданы Дьокуускайга сэллиги эмтиир институт Саха сиринээҕи салаатын терапияҕа отделениетыгар ординаторынан анаан, инники идэтин муҥутуурдук баһылыыр кыаҕы биэрбиттэрэ. Кэлин Степанида Митрофановна: “Биһиэхэ киин сиртэн элбэх учуонай кэлэрэ. Кинилэртэн үгүстэрэ үлэлии хаалан, олус элбэх туһалаах үлэни ыыппыттара. Биһиэхэ, эдэр быраастарга, лиэксийэлэри ааҕаллара, элбэххэ үөрэппиттэрэ. Бу барыта мин кэнники үлэбэр көмөлөспүтэ”,  — диэн ахтыбыта.

Оттон ыарыһахтар: “Олус судургу, ис киирбэх көрүҥнээх бырааспытын Степанида Митрофановнаны хара маҥнайгыттан сөбүлүү көрбүппүт. Кини тыла-өһө, сүбэтэ-амата, туттара-хаптара ыарыһах дьоҥҥо бэрт чугас, истиҥ уонна сымнаҕас буолара”, — диэн ахтан турардаахтар.

Төрөөбүт дойдуга эргиллии

Олоҕун аргыһа, Ленинград самбоҕа чөмпүйүөнэ, саха тустууктарын бастакы тириэньэрэ, кэлин өрөспүүбүлүкэ 17 төгүллээх чөмпүйүөнэ, үтүөлээх тириэньэр, Д. П. Коркин аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Василий Румянцевы кытары Бүлүүгэ тиийэн олохсуйбуттара.

Киин куорат институтугар 12 сыл үлэлээн, улахан оскуоланы барбыт Степанида Митрофановна 1962–1971 сылларга Бүлүүтээҕи сэллиги эмтиир диспансер кылаабынай бырааһынан, онтон 1971–1973 сылларга Бүлүү оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһынан үлэлээбитэ. Бу кэрдиис кэмэ киниэхэ саамай айымньылаах,  кыаҕын, билиитин муҥутуурдук туһанан үлэлээбит сылларынан буолбуттара. Ыарыыны чопчу быһаарары уонна биир кэлим эмтээһини ыарырҕаппатаҕа. Диспансер үлэтин бириэмэтигэр уонна хаачыстыбалаахтык ыытара. Онон, төрөөбүт улууһун дьонун-сэргэтин дириҥ ытыктабылын ылыан ылбыта. Оччолорго Степанида Митрофановна ону сэргэ баартыйа райкомун бюрютун чилиэнинэн, САССР алтыс ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллан, улахан уопсастыбаннай үлэни ыыппыта.

Сэллиги утары үлэ тэрээһиннээхтик ыытыллан, Бүлүү оройуонугар сэллигинэн ыалдьыы үс төгүл, бациллярнай сэллигинэн ыалдьыы икки төгүл аҕыйаабыттара элбэҕи этэр.

Сыралаах үлэтэ сыаналаммыта

1974 сылтан Румянцевтар Дьокуускай куорат ыала буолар дьылҕаламмыттара. Ол курдук, 1974–76 сылларга Сэллик научнай-чинчийэр институтун килииникэтин кылаабынай бырааһынан, 1976–1982 сылларга килииникэ терапияҕа отделениетын ординаторынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Сыралаах үлэтэ улаханнык сыаналанан, САССР уонна Арассыыйа үтүөлээх бырааһын аатын ылары ситиспитэ.

Үтүөлээх быраас Степанида Васильева институкка ординатордыы сылдьан, 1982 сыллаахха

бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. “РСФСР персональнай пенсионера” уонна “Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина” ааттар иҥэриллибиттэрэ.

Степанида Митрофановна биир үйэ олорбут кэмин устата төһөлөөх дьон үрүҥ тыынын өрүһүйбүтүн, күн-ый буолбутун ааҕан сиппэккин. Кини бэйэтин талааннаах  тэрийээччи, үрдүк таһымнаах исписэлиис, үтүө суобастаах үлэһит, эрэллээх доҕор быһыытынан көрдөрбүтэ.

Степанида Васильева 98 сааһыгар үктэнэн баран күн сириттэн күрэммитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: