Алматыга саха муусукатын үнүстүрүмүөннэрин билиһиннэрдилэр

Share

Саха сирэ Алматы куоракка Ыхлас аатынан муусука норуодунай үнүстүрүмүөннэрин мусуойугар саха  эдэр маастара  Амаантай Григорьев оҥорбут күпсүүрүн, сиксиирин уонна ытыгыйын, ону сэргэ Руслан Габышев кырыымпатын бэлэхтээтилэр.

Бүгүн Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрин чэрчитинэн Алматы куоракка  Саха сирин муусукатын уонна фольклорун мусуойун пуондуттан “Чарующие звуки предков” көһө сыһа сылдьар быыстапка аһылынна.

Тэрээһин кыттыылаахтара виртуоз-мусукааннар Руслан Габышев, Анна уонна Афанасий Томскайдар  уо.д.а. толорууларын олус сэргээтилэр. Ыалдьыттар саха омугун үнүстүрүмүөннэрин туһунан лиэксийэни олус сэргээтилэр, ким баҕалаах бу үнүстүрүмүөннэргэ оонньоон көрөр кыахтанна.

Алматы култуураҕа управлениетын салайааччы Гани Майлыбаев Саха сирин култууратын билиһиннэрбиттэригэр махтанна.

“Дойду мусуойдарын сайыннарыы уонна улахан былааннары олоххо киллэрии  хардарыта бииргэ үлэлээһинтэн тутулуктаах. Биһиги олохтоммут  сыһыаны олус сыаналыыбыт уонна хардарыта бииргэ үлэлээһин  икки дойду култуурата сайдарыгар көмөлөһүөҕэр эрэнэбит”, — диэтэ Г.Майлыбаев.

Санатан эттэххэ, Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрэ Казахстаан Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаев уонна СӨ Ил Дархана Айсен Николаев икки ардыларыгар 2023 сыл тохсунньуга көрсүһүүлэригэр  түһэрсибит  дуогабардарынан  ыытыллаллар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түһүөҕэ.…

2 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

14 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago