«АЛРОСА» авиахампаанньа: Саха сирин тырааныспарын комплексын тирэх тэрилтэтэ

Share

“АЛРОСА” авиахампаанньа Саха сирин 500-тэн тахса тыһыынча нэһилиэнньэтин көтүүнэн хааччыйар. Бу дьону таһыы уопсай кээмэйиттэн 37 бырыһыанын ылар. Авиахампаанньа Арассыыйа иһигэр тиһигин быспакка көтөр, дойду иһигэр ньиэп-гаас тэрилтэлэригэр быһа көтөр (чартернай) рейстэри оҥорор, таһаҕас таһар уонна авиация анал үлэлэрин толорор. Ол иһигэр, “АЛРОСА” тэрилтэлэрин бөлөҕө оҥорон таһаарыыга үлэтин хааччыйар.

Эрэллээх көтүтээччи

Билигин авиахампаанньа тиһигин быспакка көтөр рейс­тэрин географията Арассыыйа 30-тан тахса куоратын, ол иһигэр Москваны, Санкт-Петербуру, Новосибирскайы, Иркутскайы, Сочины, Дьокуускайы уо.д.а., хабар. Тиһигин быспакка көтөр уонна быһа көтөр рейстэрин сэргэ, тэрилтэ Мииринэй, Полярнай, Айхал, Ленскэй, Дьокуускай курдук аэропортар рейстэрин хааччыйар. Мииринэй, Полярнай, Айхал, Ленскэй уонна Новосибирскай аэропортарга базаланар.

«Өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун сайдыытын (Арктиканы киллэрэн туран) учуоттаан, “АЛРОСА” авиа­хампаанньа Саха сирин тырааныспарга комплексын тирэх тэрилтэтинэн буолар уонна тыраа­ныспарга куттал суох буоларыгар хаачыстыбалаах, үрдүк таһымнаах үлэни хааччыйар”, – диэн Саха сирин тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев бэлиэтээн эттэ.

Көтүүлэр бары кэриэтэ хайысхаларыгар көмө харчы бэриллэр (субсидия). 2021-2022 сылларга хампаанньа чэпчэтиилээх хайысханан 670 тыһыынчаттан тахса киһини көтүтэр. Хампаанньа көмө харчы бэриллэр хас да бырагы­рааматыгар кыттар, ол иһигэр биэнсийэлээхтэри көтүтэргэ уонна Уһук Илиҥҥи эрэги­йиэннэр истэригэр. Хампаанньа көмө харчы көрүллэр көтүүлэр бырагыраамаларын күүһүрдэргэ уонна эбии үбүлээһини ыларга суоттанар.

«Биһиги көтөр хайысхаларбыт бигэ туруктаахтар. Биһиги стратегическай сорукпут – өрөс­пүүбүлүкэ арҕаа уонна хотугулуу-арҕааҥҥы оройуоннарыгар көтүүгэ нэһилиэнньэ наады­йыытын хааччыйыы. Биһиги өҥө оҥоруу хаачыстыбатын уонна килийиэннэрбит биһиэхэ бэриниилээх буолалларыгар болҕомтобутун уурабыт. Маны сөптөөҕүнэн ааҕабыт, Саха сиринээҕи авиахампаанньалары уонна Тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын эрэгийиэннээҕи министиэристибэтин кытта ситимнээхтик үлэлиибит”, – диэн авиахампаанньа генеральнай дириэктэрэ Андрей Гулов эттэ.

10 сыл — бигэ туруктаах үлэ

Авиахампаанньа Миири­нэйдээҕи авиа-тэрилтэ (МАП), АЛРОСА структурнай тэрилтэтин базатыгар тэриллибитэ. Хампаанньа 2012 сылтан туспа структура быһыытынан үлэлиир, кэмиэрчэскэй көтүүлэри оҥороругар эксплуатант сэртипикээтэ бэриллибитэ.

Быйыл АЛРОСА авиахампаанньа 10 сыллаах кирбиитин хардыылаата. Бу кэм устата хампаанньа бэйэтин Саха сиригэр тырааныспар табыгастаах буоларын үрдэтэргэ үлэлиир эрэллээх көтүтээччи быһыытынан биллэрдэ. Авиа хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Андрей Гулов тэрилтэ атаҕар туруутун уонна сайдыы кэскиллэрин билиһиннэрдэ.

«Өскөтүн соторутааҥҥы устуоруйаҕа эргилиннэххэ, бу бириэмэ ирдэбилэ диэн ­этиэххэ сөп этэ. Оччолорго аэропортар уонна авиа хампаанньалар күрэстэһии балаһыанньатын тэрийэргэ араарыллар этилэр. Аэропортар – авиа-хампаанньалартан, оттон авиа-хампаанньалар аэропортартан тутулуга суох буолуохтаахтара. Бу ханна да сокуонунан оҥоһуллубатаҕа эрээри, бары кыһамньы итинник араарыыны оҥорорго хайысхаламмыта. Бу бэлиитикэ түмүктэрин этэр билиҥҥитэ эрдэ. Ол гынан баран, урут Арассыыйаҕа тыһыынчаттан тахса аэропорт баар этэ, билигин 300-тэн арыый аҕыйах аэропорт уонна түһэр былаһаакка хаалла. Арассыыйаҕа 110-ча авиахампаанньа баар, ахсааннара сотору-сотору уларыйар. Биһиги хампаанньабытын тэрийэргэ тириэрдибит балаһыанньалар итинник этилэр. Ити 2012 сыл от ыйын 12 күнүгэр буолбута”, – диэн Андрей Гулов ахтар.

«Араарыыга бэлэмнэммиппит, ол уһун уонна уустук этэ. Сүрүнэ – экэниэмикэ моделын билгэлээһин, оҥоруу уонна олоххо киллэрии этэ. Бииргэ үлэлэһээччилэри уонна килийиэннэри кытары сибээһи барытын оннунан хаалларыы наада этэ. Бу барыта тоҕо наадатын үлэһиттэргэ быһаарыллыахтааҕа. Тоҕо диэтэххэ, дьон, биллэн турар, долгу­йара.

Кинилэргэ тустаах сэрэхэдийии баара. Ол эбэтэр көһүү кэмигэр тэрилтэ салгыы үлэлээбэтин курдук балаһыанньалар үөскүөхтэрин сөбө. АЛРОСА уонна Мииринэйдээҕи авиа-тэрилтэ өйөбүллэрэ үчүгэй оруолу оонньообуттара. Үлэһиттэрбит биһиги сыалбытын-сорукпутун итэҕэйбиттэрэ”, – диэн генеральнай дириэктэр кэпсээтэ.

Паарканы саҥардыы

Авиахампаанньа Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр дойдуга оҥоһуллубут сөмөлүөттэри бэйэтин пааркатыттан сыыйа-баайа та­­һаарбыта.

«Итинник сөмөлүөттэри оҥоруу тохтотуллубута, тиэхи­ньиичэскэй көрүүтэ-истиитэ арыый кыһалҕалаах уонна сыаналаах буолан барбыта”, – диэн генеральнай дириэктэр быһаарар.

Пааркаттан бастакынан Ту-154, Ту-134 таһаарыллыбыттара. Хампаанньа авиапаарката Boeing 737-800 уонна Boeing 737-700 диэн орто магистраллаах 5 сөмөлүөтүнэн эбиллибитэ. Ити көтүү бырагырааматын толорорго тиийэр. Пааркаҕа Сибиир уонна Уһук Хотугу сир усулуобуйатыгар анаан оҥоһуллубут Ан-38-100, Ан-38-120 эрэгийиэннээҕи тииптээх аныгы сөмөлүөттэр, Ан-24РВ, Ан-26-100 сөмөлүөттэр бааллар.

Хампаанньа бөртөлүөттэри актыыбынайдык атыылаһар. Билигин “АЛРОСА” Ми-8Т, Ми-8МТВ, Ми-171 уонна Ми-26Т көтүүлэри оҥорор. 2026 сылга авиахампаанньа үс Ан-38 сөмөлүөтү атыыласта. Инникитин 2030 сылга диэри өссө алта бөртөлүөтү уларытыы былааннанар. Ону таһынан авиахампаанньа салгын магистральнай суудуналарын Арассыыйа аныгы SSJ, Ил-114, МС-21 сөмөлүөттэрин саҥардарга былаанныыр.

Андрей Гулов авиахампаанньа сүрүн баайынан үгэстэри илдьэ сылдьар уонна үрдүк квалификациялаах үлэһиттэрин ааҕар.

«Биһиги үрдүк билиилээх кэлэктииппит инники көлүөнэ үгэстэрин харыстыыр уонна элбэтэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ салгынынан хааччыйыыны кытары сибээстээх туруоруммут сорукпутун быһаарабыт”, – диэн Андрей Гулов кэпсээнин түмүктээтэ.

Владимир Сивцев, тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ:

– “АЛРОСА” авиахампаанньа 2022 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр бастакы уон сылын бэлиэтээтэ. Авиахампаанньа уон сыл устата 254 тыһыынча чаас көттө, 4 мөлүйүөн киһини таста, 72 тыһыынча туонна таһаҕаһы таста. Билигин тэрилтэҕэ 605 киһи үлэлиир.

Үрдүк ситиһиилэри дириҥ билиилээх исписэлиистэр уонна салайааччылар хамаандалара ситистэ. “АЛРОСА” авиахампаанньа кэлэктиибэ көтүү сайдарыгар уонна пассажирдарга оҥоһуллар өҥө хаачыстыбата тупсарыгар үлэлиир.

“АЛРОСА” авиахампаанньа өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар ты­­рааныспар табыгастаах буоларын хааччыйар үлэтэ салҕанар.

Түгэнинэн туһанан, СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кэлэктиибин уонна тус бэйэм ааппыттан “АЛРОСА” авиахампаанньа үбүлүөйдээх күнүнэн эҕэрдэлиибин.

Таһаарыылаах бииргэ үлэлээһини уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторугар мобильноһы хааччыйаргыт иһин истиҥ махталбын тутуҥ. Салгыы туруктаах сайдыыны, үлэҕитигэр үрдүк сити­һиилэри, уһун сыллаах үтүө туругу баҕарабын.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһа – Бастакы лигаҕа мас тардыһыыга Федерация Куубагын хаһаайына

Амма улууһа мас тардыһыыга Федерация Куубагын күрэҕин түмүгүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандатын кытта күүстээх киирсиитин…

2 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

15 часов ago