Салгыы
АЛРОСА  Бүлүү бөлөх улуустарыгар саҥа электростанцияны тутар

АЛРОСА  Бүлүү бөлөх улуустарыгар саҥа электростанцияны тутар

Ааптар:
29.10.2024, 13:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

«Саха сирин генерирующай хампанньата», АЛРОСА састаабыгар киирэр тэрилтэ, Саха сирин арҕаа өттүгэр Бүлүү бөлөх улуустарынан энергиянан хааччыйыы таһымын үрдэтиигэ бырайыагы олоххо киллэриини саҕалаата.

Энергетиктэр Бүлүү куоракка 32 МВт кыамталаах саҥа газопоршневай электростанцияны (ГТЭС) тутары былаанныыллар. Электростанцияны тутуу болдьоҕо 2027 сылга диэри былааннанар. Бырайыакка 2,8 млрд солк. суума үп-харчы көрүллүөҕэ.

Саҥа электростанция Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй уонна тиэхиньиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах — бу улуустарга бастакы улахан кыамталаах энергия эбийиэгэ тутуллар. Билиҥҥи кэмҥэ Бүлүү бөлөх улуустарын олохтоохторо Саха сирин арҕаа оройуоннарыттан тэйиччи сытар гидроэлектростанцияларыттан электроэнергиянан хааччыллаллар.  Саҥа электростанция үлэҕэ киирдэҕинэ  саҥа дьиэлэр тутуллуохтара уонна атын саҥа тэрилтэлэр холбонуохтара, ону кытта ситимнээх хаһаайыстыбалар саахала суох үлэлиир болдьоҕо улаатыаҕа. 

«Саҥа модун күүстээх гааһынан үлэлиир электростанция дизельнэй уонна бензин оттукка үлэлиир станциялары солбуйарга көмөлүөҕэ. Бу айылҕа киртитиитин намтатыыга уонна экологияны тупсарыыга улахан сабыдыаллаах», — диэтэ АЛРОСА экологическай киинин салайааччыта Полина Анисимова. Бу туһунан АЛРОСА пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: