Салгыы
АЛРОСА бырайыага: наадалаах идэлэргэ ханна уонна хайдах үөрэтэллэрий?  

АЛРОСА бырайыага: наадалаах идэлэргэ ханна уонна хайдах үөрэтэллэрий?  

27.09.2024, 11:30
Хаартыска: АЛРОСА пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Саха сирин бырамыысыланнаһа  оробуочай каадырдарга наадыйара элбээн иһэр. Холобур, үүнэр-сайдар кэскили, үлэ усулуобуйатын уонна сөптөөх хамнаһы  аан дойдуга алмааһы хостооһуҥҥа инники иһэр АЛРОСА хааччыйар. Онуоха алмааһы хостооччу оробуочай идэлэргэ олохтоох каадырдары бэлэмнииргэ хайа сатанарынан  көмөлөһөр.

Олус наадалаах оробуочай идэни баһылаабыт киһи үлэни түргэнник булар  уонна туруктаах хамнаһы ылара мэктиэлэнэр. Холобур, тиэхиньикэни өрөмүөннээһини баһылаабыт үчүгэй силиэсэр хаһан баҕарар,  ханна баҕарар үлэни булуон сөп. Ол биир төрүөтүнэн кэнники сылларга үлэ ырыынагар үрдүк таһымнаах каадырдар тиийбэттэрэ буолар. Ол иһин, үлэни биэрээччилэр үгүс оробуочай идэлэргэ наадыйаллар.

АЛРОСА орто хамнаһа өрөспүүбүлүкэ орто хамнаһыттан икки төгүл кэриэтэ үрдүк. Хампаанньа кэлэктиибэ улахан. Кэлэктиипкэ, бастатан туран, Саха сирин, чуолаан тыа сирин олохтоохторо аҕыйаҕа суохтар. Алмааһы хостуур тэрилтэлэргэ  хайыы үйэ 30 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиирин да иһин, оробуочай идэҕэ наады­йыы оҥорон таһаарыы сайдыытын кытта тэҥҥэ улаата турар.

Тиһиктээх  үөрэх

АЛРОСА каадырдарын бэлэмниир сүрүн кыһанан Бүлүү бөлөх улуустарын бы­ра­мыысыланнай хампаанньаларыгар  исписэлиистэри бэлэмниир  Мииринэй эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэс­кэй кэллиэһэ буолар. Ол гынан баран, тэрилтэлэр наады­йыыларын толуйарга (алмаас­таах түөлбэ улуустарын атын  үөрэҕин тэрилтэлэригэр курдук)  кэллиэс кыаҕа тиийбэт. Онуоха АЛРОСА көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэҕэ профессиональнай үөрэх тиһигин оҥорбуттара. Ол чэрчитинэн орто профессиональнай үөрэхтээһин  тэрилтэлэрэ бырамыысыланнас хампаанньаларын эрэ кытары буолбакка, бэйэ-бэйэлэрин кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиэхтэрэ. Маннык бииргэ үлэлээһин наадалаах исписэлиистэр ах­­сааннарын уонна хаачыстыбаларын үрдэтиэхтээх. Оттон үөрэх уратылара  бэлэмнэнии уонна үлэ миэстэтигэр үөрү­йэҕи ылыы болдьоҕун кыччатарга көмөлөһүөхтэрэ.

АЛРОСА көҕүлээһинин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыс­тыбата өйөөбүтэ. Ол түмүгэр быйыл «Сквозная профессиональная ориентация для отраслей промышленности и геологии республики» үөрэх тиһигин сайыннарыы кэнсиэпси­йэтэ ылыллыбыта. Бырайыагы СӨ Үөрэхтээһиҥҥэ, билимҥэ уон­на Бырамыысыланнаска, гео­логия­ҕа министиэристибэлэрэ сүрүннүүллэр.

Ол курдук, быйыл бэ­­йэ-бэйэни кытары тиһиктээхтик хардарыта бииргэ үлэлээһин туһунан дуогабары Мииринэй эрэгийиэннээҕи тиэхиньии­чэскэй кэллиэһэ уонна Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнай   техникум түһэристилэр. Бу орто үөрэх тэрилтэлэрэ АЛРОСА-ҕа наада­лаах каадырдары тус сыаллаах бэлэмниир туһугар холбоһук­таах бырайыактары олоххо киллэрэр туһунан дуогабардастылар.

Бырайыак туһунан

Бырайыак туһунан сиһилии Мииринэй эрэги­йиэннээҕи  тиэхиньиичэс­кэй кэллиэһин дириэктэрин бастакы солбуйаач­чы Клара Бурнашева кэпсээтэ:

– Кэллиэс  эрдэ Сунтаар­дааҕы технологическай кэллиэһи уонна Ньурбатааҕы тиэхиньикуму кытары “Үөрэн уонна үлэлээ” бырайыагы үлэлэппитэ. Баар үөрүйэххэ тирэнэн, АЛРОСА Корпоративнай университетын кытары Саха сирин үөрэҕин тэрилтэлэрин  икки ардыларыгар тиһиктээх хардарыта бииргэ үлэлээһин туһунан бырайыагы көҕүлүүргэ бы­­һаарбыппыт. Кинилэргэ биһиги үөрэхпит кыһатыгар суох, ол эрээри хампаанньаҕа уонна бырамыысыланнас атын да тэрилтэлэригэр олус наада­лаах идэлэргэ үөрэтэллэр.  Онон бииргэ үлэлээһини аан бастаан саҕалаабыт үөрэх тэрилтэтинэн Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнай тиэхиньикум буолбута.

Устудьуоннар Дьокуус­кайдааҕы бырамыысыланнай тиэхиньикум баазатыгар түөрүйэ кууруһун ааһаллар, үлэҕэ базовай үөрүйэҕи ылаллар, онтон Мииринэй эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэскэй кэл­­лиэс салгыы  быһаччы АЛРОСА эби­йиэктэригэр быраактыка­лаах үөрэҕи хааччыйар.  Маннык ньыма өрөспүүбүлүкэттэн барытыттан устудьуоннары, ол иһигэр киин куоракка араас улуустартан кэлээччилэри, сүүмэрдииргэ көмөлөһөр.

Мииринэй эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэскэй кэллиэһигэр устудьуоннар оҥорон таһаарыы үлэтин уонна инникитин үлэлиэхтээх сирдэрин билсэллэр. Холобур,  билигин Айхаллааҕы хайа байытар кэмбинээккэ. Онтон инникитин АЛРОСА атын структурнай подразделениеларын  наадыйыыларынан устудьуоннары ылыахтара.

Үс сыл иһигэр идэни баһылыыллар

Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас тиэхиньикумун бырайыагын оруолун туһунан дириэктэр Дмитрий Павлов кэпсээтэ:

– Дьокуускайдааҕы бырамыысылыннас тиэхиньикума матырыйаалынай-тиэхиньии­чэскэй баазанан хааччыйар уонна  Мииринэй эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэскэй кэл­лиэһигэр устудьуоннары ылыыга көмөлөһөр. Биһиги быйыл 15 устудьуону «Техническое обслуживание и ремонт двигателей, систем и агрегатов автомобилей» идэҕэ ыллыбыт. Мин са­­наабар, АЛРОСА-ҕа быраак­тыкаҕа биһиги атын идэлэрбитинэн эмиэ кэлиэхтэрин сөп. Бүддьүөт миэстэлэрин өрөспүүбүлүкэ көрдө.

Устудьуоннарга сүрүн биридимиэттэрин сэргэ,  инженернэй графика, тиэхиньиичэскэй механика, материаловедение, метрология, стандартизация уонна  сертификация курдук хайысхалаах идэлэр баар буолуохтара. Ону таһынан бастакы куурус устудьуоннара силиэсэр үлэлэригэр үөрэх быраактыкатын барыахтара. Кинилэр илии үстүрүмүөнүнэн, тимири быһар станоктарга  силиэсэр сүрүн эпэрээссийэлэрин оҥоро үөрэниэхтээхтэр уонна токарнай, сверлильнай уонна заточнай станоктарга судургу деталлары оҥорорго үөрэниэхтэрэ.

Ол курдук, үөрэхтээһин бу систиэмэтинэн Дьокуускайга сыл аҥаара түөрүйэ кууруһун ааһыахтара, онтон үөрэхтэрэ Мииринэйгэ салҕаныаҕа. Иккис сылларыгар Айхаллааҕы Хайа-байытар кэмбинээт базатыгар үөрэнэллэр, онтон үһүс кууруска үлэҕэ быраактыкаларын бараллар. Ол түмүгэр үөрэҕи бүтэрэн идэ ылыах­таах дьон идэлэрин эрэ буолбакка, үлэлиир сирдэрин, хампаанньа кэлэктиибин билсиэхтэрэ. Устудьуоннар ону таһынан истипиэндьийэ ылаллар, онтон быраактыка барар сирдэригэр диэри төлөбүр ороскуотун үлэни биэрээччи – АЛРОСА уйунар.

Хас биирдии устудьуон үөрэҕин бүтэрэригэр салгыы хампаанньаҕа үлэлиирэ 100% мэктиэлэнэр. Сүрүнэ – са­­таан үлэлиэххэ наада. Түөрүйэҕэ уонна быраактыкаҕа буолбакка, быраактыкаҕа – дьиҥнээх үлэ усулуобуйатыгар.

ххх

Артур Семенов, Орто Халыма куоратыттан:

– Мин оскуолабын бүтэрэн баран, үөрэххэ туттарсарга быһаарыммытым. Бырамыысыланнас техникумугар кэлбиппитигэр Мииринэй эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэскэй кэллиэһигэр ылыллар бөлөх туһунан кэпсээбиттэрэ. Онно билбиппитинэн, үөрэнэн баран электромонтерунан эбэтэр сварщигынан үлэлии барыахха сөп эбит. Ону сэргэ В уонна С категорияҕа суоппар быраабын ылыахха итиэннэ тута үлэҕэ киириэххэ сөп. Балаҕан ыйын 2 күнүгэр АЛРОСА бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсүһүү буолбута. Биһиэхэ хампаанньа туһунан кэпсээбиттэрэ. Бу үчүгэй этиини ылынан, манна үөрэнэ киирэргэ быһаарыммытым. Ити иннинэ Орто Халымаҕа үөһээ кылаастарга үөрэнэр кэммэр дьиэ-уот хому­наалынай хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьыбытым, онон кэккэ үөрүйэхтээх этим.

Любомир Трофимов, Амма улууһун Өнньүөс сэлиэнньэтиттэн:

– Бу үөрэх туһунан миэхэ уба­йым кэпсээбитэ, үөрэххэ киирэрбэр көмөлөспүтэ. Кини бэйэтэ дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар суоппардыыр уонна мин манна үөрэннэхпинэ үлэтэ суох хаалбатым туһунан эппитэ. Тиэхиньиичэскэй хайысха миэхэ ордук чугас: илиибинэн тутан-хабан үлэлиирбин, тиэхиньикэни хасыһарбын, өрөмүөннүүрбүн сөбүлүүбүн. Тырааныспары, чуолаан тыраахтары ыытабын.

Игорь Пшенников, Өлүөхүмэ улууһун Дабаан с.:

– Мин үөрэххэ киириэм иннинэ интэриниэккэ иһитиннэриилэри билсибитим. Мииринэйгэ үөрэнии туһунан иһитиннэриилэри аахпытым. Манна киирэрбэр сүбэлээбиттэригэр МРТК саайтын билсэн,  Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас техникумугар киирэр кыах баарын билбитим. Манна хас да идэни, суоппар быраабын ылыахха сөбүн, ону  таһынан улахан хампаанньаҕа үрдүк хамнастаах үлэҕэ киирэр, карьераны оҥорор кыах баарын кэрэхсээбитим. АЛРОСА туһунан уруккуттан истэр этим эрээри,  наһаа иҥэн-тоҥон билэ сатаабатаҕым. Онтон сиһилии билсэн баран: “Тоҕо табыллыа суоҕай?” –  дии санаабытым. Салгыы үөрэнэргэ кыах баар – хампаанньа оннук кыаҕы биэрэр.

Алгыс Слепцов,  Покровскай куораттан:

— Үөрэххэ киириэм иннинэ саайтка иһитиннэриилэри үөрэппитим. Ханнык эрэ кэмҥэ бырамыысыланнас техникумун сайтыгар, салгыы МРКТ саайтыгар түбэспитим. Төрөппүттэрим манна үөрэнэ киирэрбэр сүбэлээбиттэрэ, бэйэм да ити кэмҥэ олус интэриэһиргээбитим. Үөрэнэр кэмҥэ инники үлэҕин кытта билсэр уонна үөрэх кэнниттэн тута үлэҕэ киирэр кыах баара кэрэхсэтэр. Ол эрэн, билигин сүрүнэ – үөрэниэххэ наада.

ххх

Тиһиктээх үөрэх  бырайыагар Чурапчытааҕы аграрнай-тиэхиньиичэскэй, Сунтаардааҕы тиэхиньиичэскэй, Т.Г.Десяткин аатынан Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнай кэллиэстэр уонна  Дьокуускайдааҕы автодорожнай, Ньурбатааҕы техникумнар киирдилэр.

Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: