2018–2022 сылларга “Олохтоох каадырдары — бырамыысыланнаска” бырайыагынан өрөспүүбүлүкэ олохтоох нэһилиэнньэтиттэн 12 тыһыынчаттан тахса киһи АЛРОСА бөлөҕөр үлэ булла. Хампаанньа бырайыак бастыҥ кыттааччытынан буолар уонна бырагыраамаҕа салгыы көхтөөхтүк кыттар.
Хампаанньа исписэлиистэри үлэҕэ ыларын сэргэ, кинилэргэ сөптөөх хамнаһы төлөөһүнү болҕомтоҕо ылар. Ол да иһин, АЛРОСА дьулуурдаах уонна олоххо көхтөөх саҥа үлэһиттэри бэйэтин кэккэтигэр үөрэ-көтө ылар.
Актыбыыс, спортсмен уонна биир бастыҥ исписэлиис Виктор Соколов АЛРОСА хампаанньаны эрдэттэн үөрэтэн, билэн-көрөн баран хайыы үйэ анал үөрэхтээх исписэлииһинэн үлэлии кэлбитэ. АЛРОСА-ҕа үлэҕэ киирэргэ биир сүрүн төрүөтүнэн, биллэн турар, үлэ үчүгэй усулуобуйата уонна үүнэр-сайдар кыах буолаллар.
Виктор Чурапчы улууһугар Надежда Терентьевна Соколова уонна Алексей Петрович Захаров түөрт оҕолоох дьиэ кэргэннэригэр эдьиийин кэнниттэн иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ, икки кыра бырааттаах.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ сиртэн хостонор туһалаах баайынан аатырарын, манна бырамыысыланнас сайдара киэҥ кэскиллээҕин истэ-билэ улааппыта.
Аҕата Алексей Петрович «Туймаада-Даймоҥҥа» эмиэ технологунан үлэлии сылдьыбыта. Онон, кыра эрдэҕиттэн аҕата ааҕар, туһанар кинигэлэрин уонна аҕыйах кыра тэриллэрдээҕин интэриэһиргээн тутан-хабан көрөрө. Онон аҕатын курдук, бырамыысыланнас эйгэтигэр барыан саныы сылдьыбыта.
Санааттан санаа саҕыллар дииллэринии, түгэнтэн түгэн көстөн испитэ. Ол курдук, онус кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, «Эдэр саас» хаһыат «Саха ыччатын — бырамыысыланнаска» бырайыагы үлэлэтэн, ыччаттары өрөспүүбүлүкэ бырамыысылыннай улуустарыгар илдьэн билиһиннэрэрин истэн олус сэҥээрбитэ. Онон, хаһыат эрэдээктэрэ Прокопий Бубякин салалтатынан Мииринэйинэн, Ленскэйинэн оптуобуһунан айаннаан тиийэн, илэ харахтарынан көрөн-истэн, билсэн кэлбиттэрин олус күндүтүк саныыр. Виктор ити кэмтэн ыла бырамыысыланнас эйгэтигэр идэни баһылыырга бигэтик быһаарыммыта.
Виктор Соколов 2014 сыллаахха Дириҥ орто оскуолатын бүтэрээт да, М. К. Аммосов аатынан ХИФУ физика-тиэхиньиичэскэй институтугар үөрэххэ киирбитэ. Үөрэҕин 2018 сыллаахха бүтэрэн, сыаналаах таастары уонна металлары тупсарар технология исписэлииһин идэтин ылбыта. Бу идэни баһылаабыт киһи ювелирынан эбэтэр алмааһы кырыылааччынан үлэлиэн сөп. Оттон Виктор хара маҥнайгыттан алмааһы кырыылааччыны талбыта.
Дьокуускайга баар буола сылдьыбыт (2020 с. сабыллыбыта) “DDК” алмааһы кырыылыыр хампаанньа собуотугар үлэҕэ киирбитэ. Собуот сабыллыан аҕай иннинэ Москваҕа «ЭПЛ Даймонд» хампаанньаҕа алмааһы кырыылааччынан үлэлии барбыта. Виктор Соколов этэринэн, алмааһы кырыылыыр хампаанньаҕа кырыылааччы эрэ буолбакка, технолог курдук үлэлиигин. Бу хампаанньаҕа үлэлээбитин туһунан кылгастык маннык кэпсээтэ:
— Эйиэхэ сырье биэрэллэр, таас быһыытын-таһаатын бэлиэтиигин (разметка), «эрбиигин», сөптөөх быһыытын ылыар диэри имиллэҥнэтэҕин, тааһыҥ ирдэниллэр ыйааһыҥҥа эппиэттиирин курдук тостубут муннуктарын, хайаҕастарын суох оҥороҕун уо. д.а. Уопсайынан, таас бриллиаҥҥа кубулуйуор диэри үлэтин барытын бэйэҥ оҥороҕун. Холобур, биир тааһы разметкалыыргар 10‑ча мүнүүтэ барыан сөп. Кыра тааһы аҕыйах чааһынан бүтэриэххин сөп, оттон улахан тааска бытаан, — диэн үлэтин уратытын үллэһиннэ.
Виктор былырыын Москваттан дойдутугар кэлбитэ. 2023 с. саҕаланыаҕыттан АЛРОСА Саха сирин алмааһынан эргинэр тэрилтэтигэр (ЯПТА) алмааһы наардааччынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.
Дьэ, алмааһы наардыыр үлэҕэ киһиэхэ тулуур, дьаныар, болҕомтолоох буолуу курдук хаачыстыбалар хайаан да наадалар. Дэлэҕэ даҕаны, Виктор тугу барытын тэҥнии, ыйааһынныы сылдьар буолан хаалаҕын диэн күлэн этиэ дуо?
Эдэр киһи АЛРОСА хампаанньаҕа үлэнэн эрэ муҥурдаммакка, кэлэктиип иһигэр араас тэрээһиннэр, спартакиадалар, күрэхтэһиилэр ыытыллалларын астынан бэлиэтиир. Дьэ, онно эдэрдиин-эмэнниин эттэрин-сииннэрин эрчийэ, өйдөрүн-санааларын тургута, үүнэр-сайдар кэскиллээх көхтөөхтүк кытталлар. Успуорт араас көрүҥнэригэр спартакиадалар, ыһыах тэрээһиннэрэ — биир тылынан эттэххэ, олох күөстүү оргуйар. Манна барытыгар Виктор Соколов биир бастыҥ кыттааччы, көҕүлээччи. Кини оҕо эрдэҕиттэн волейболлуурун, футболлуурун, хайыһардыырын олус сөбүлүүр.
Виктор Соколов билигин сүрүн үлэтиттэн быыс булан, «Приоритет» ааҕыныстыбаҕа үлэлэһэр. Үчүгэйэ диэн, бэйэтин сүрүн үлэтигэр мэһэйдэппэт, ыарырҕаппат буоллаҕына, салалта ону утарбат, өйүүр.
Виктор этэринэн, АЛРОСА-ҕа үүнэр-сайдар кыах улахан. Виктор аан бастаан 4‑с разрядтаах эбит буоллаҕына, билигин 5‑с разрядтаах наардааччы-исписэлиис буола охсубут.
Онон, кини биир саастыылаахтарын, эдэр дьону аан дойдуга аата ааттанар АЛРОСА хампаанньаҕа үлэлии кэлэргэ резюмеларын толлубакка биэрэн иһэллэригэр ыҥырар.
— Баҕалаах киһи «Анаабыр алмаастарыгар», Мииринэйгэ, Дьокуускайга, Москваҕа АЛРОСА бөлөх тэрилтэлэригэр бырамыысыланнас салаатын исписэлииһинэн эрэ буолбакка, информационнай технологиялар эйгэлэригэр үлэни булуон сөп. Билигин устудьуоннары эмиэ үлэҕэ ыҥыраллар. Бэйэлэрин үчүгэйдик көрдөрдөхтөрүнэ, АЛРОСА хампаанньаҕа үлэҕэ ылылларга мэктиэлэнэллэр.
АЛРОСА эдэр үлэһиттэригэр үүнэр-сайдар кэскили сэргэ, олорор усулуобуйаларыгар кыһаллар.
Эдэр исписэлиистэри социальнай өттүнэн өйүүр бырагырааманан элбэх чэпчэтии көрүллэр. Ол иһигэр, үлэһит ипэтиэкэнэн олорор дьиэ атыыласпыт буоллаҕына, ипэтиэкэ быраһыанын хампаанньа төлүүр. Ону таһынан үлэһит түүлэһэн олорор дьиэтин ороскуотун төлөһөр, оҕо уһуйааннарыгар, лааҕырдарга сылдьыы ороскуотун толуйар.
«АЛРОСА алмааһы хостооһуҥҥа аан дойдутааҕы хампаанньалар ортолоругар инники кэккэҕэ сылдьар. Мин бу идэни таларбар Саха сирин бырамыысыланнаһын хампаанньата тэтимнээхтик сайдара, бу биһиги ыччаппытыгар кэскиллээх хайысха буолара оруолу оонньообута дии саныыбын. Хампаанньаҕа бигэ турук уонна үүнэр-сайдар кыах баар, — диэн Дьокуускай куоракка АЛРОСА Саха сирин алмааһынан эргинэр тэрилтэтигэр (ЯПТА) алмааһы наардааччынан үлэлиир Виктор Соколов кэпсээнин түмүктүүр.
Виктор Соколов билигин үлэлиир сыаҕар идэтин баһылыырыгар, үлэтин эҥкилэ суох хаачыстыбалаахтык толороругар уһуйааччы (настаабынньык) сүбэтэ-амата, көмөтө олус туһалааҕын туһунан этэр.
Киниэхэ боруобалыыр болдьоҕун кэмигэр уһуйааччыны анаабыттар. АЛРОСА хампаанньаҕа 1998 сылтан үлэлиир, обогатитель идэлээх Мария Михайловна Коношенколыын сэргэстэһэ олорон үлэлээбиттэр. Уопуттаах үлэһит эдэр исписэлиис биир да ыйытыытыгар аккаастаабакка, болҕомтолоохтук истэн баран быһааран, хас биирдии хаамыытын көрдөрөн биэрэн испит.
— Виктор Соколов биһиэхэ 2023 сыл саҥатыгар үлэлии кэлбитэ. Кини үчүгэй үлэһит, булугас өйдөөх. ХИФУ-га үөрэммит анал идэлээх, алмааһы кырыылааччынан үлэлээбит. Онон, күндү тааһы кытта хайдах үлэлиири билэр. АЛРОСА хампаанньаҕа үлэлии кэлбитигэр аан бастаан технология докумуоннарын билиһиннэрбиппит, анал литератураны аахтара биэрбиппит. Ону Виктор олус кыһамньылаахтык кэниспиэктиир, уруһуйдуур этэ. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии таас бэйэ-бэйэтиттэн туох эрэ уратылаах. Онтон дьэ, дьиҥнээх таастарга үлэлээн барбыта. Мин киниэхэ сырьену оҥорторо биэрэрбин барытын булугас өйүнэн табан оҥороро. Кини кыраҕы харахтаах, болҕомтолоох, олус кыһамньылаах, чэнчис. Эксээмэннэрин үчүгэйдик туттарбыта, онон билигин толору бырааптаах үлэһит быһыытынан үлэлиир, нуорматын толорор.
Виктор Соколов холку майгылаах, киэҥ көҕүстээх. Барыларыгар сөбүлэтэн, тута кэлэктиипкэ киирдэ. Онон, аан дойду таһымнаах АЛРОСА хампаанньаҕа Виктор Соколов бэйэтин үчүгэй эрэ өттүнэн көрдөрөн үлэлии сылдьарыттан уһуйааччы быһыытынан олус үөрэбин.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…