Нам улууһун олохтоохторо өр күүппүт Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһа тутулларын 2,5 сыл устата үөрэ кэтээн көрдүлэр. Култуура киинин эргэ дьиэтэ өссө 2000 сыл саҥатыгар саахалланар кутталлааҕа биллибитэ. Эбийиэги тутуу АЛРОСА СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын нөҥүө ыытар харчытынан үбүлэммитэ.
Култуура уонна духуобунас киинэ бэйэтин аанын быйыл ахсынньыга арыйыаҕа. Эбийиэк архитектурата уустук дизайннаах: дизайн-бырайыак быһыытынан банкеттыыр саала ураһа быһыылаах, саха омук истиилинэн оҥоһуллубут.
Аныгы эбийиэк бастакы акылаата 2020 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр ууруллубута. Бырайыак Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 уонна САССР 100 сылларын бырааһынньыктааһын чэрчитинэн социальнай эбийиэктэри тутуу уонна дьаһаллар былааннарын быһыытынан, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан олоххо киирэр. СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата АЛРОСА үбүн суотугар 450 мөлүйүөн солкуобайы көрбүтэ.
Коронавирус пандемията уонна кыраныыссалары сабыы тутуу хаамыытыгар дьайбыттара, ол гынан баран, кыраапыктан улахан хаалыы тахсыбата. Уопсайа 5 692 квадратнай миэтэрэ иэннээх, үс мэндиэмэннээх эбийиэк улуус култууратын, духуобунай сайдыытын, айар олоҕун киининэн буолуоҕа. Манна 400 миэстэлээх көрөр саалалаах Култуура дыбарыаһа, Н.М.Рыкунов аатынан улуустааҕы бибилэтиэкэ, ЗАГС улуустааҕы управлениета, П.И.Сивцев аатынан устуоруйа-этнография түмэлэ, хартыына галереята баар буолуохтара. Ону таһынан, саҥа дьиэҕэ норуот кэлэктииптэрэ, прикладной ускуустуба маастардара, кэлэксийэниэрдэр уонна араас түмсүүлэр олохсуйуохтара.
«АЛРОСА үбүлээһининэн Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр тутар Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһа улуус олохтоохторун баҕа санааларын олоххо киллэриинэн буолар. Култуура саҥа дыбарыаһа национальнай култуура улахан комплексын киининэн буолуоҕа. Манна Нам улууһун култууратын уонна духуобунай сайдыытын управлениета олохсуйуоҕа. Онтон быйыл эмиэ Култуура дыбарыаһыгар киириэхтээх А.Ф.Шестаков аатынан Норуот айар дьиэтин тэрийдибит.
Билигин дизайн-бырайыагынан ис үлэтэ оҥоһулла турар, наадалаах тэриллэрбит уонна миэбэллэри күүтэбит.
Дыбарыас таһыгар саха уһулуччулаах бэйиэтэ Илья Винокуров-Чаҕылҕан түмэлэ, Максим Аммосов аатынан болуоссат уонна, биллэн турар, саха балаҕана баар буолуохтара. Ол курдук, манна сыстыһа сытар сир-уот барыта национальнай истиилинэн тупсарыллыаҕа. Ону таһынан куорат эйгэтин оҥоруу бырагырааматынан биэрэк эмиэ биир истииллээх оҥоһуллуоҕа. Ол курдук, биһиэхэ АЛРОСА үбүнэн-харчытынан саҥа уопсастыбаннай куйаар баар буолуоҕа”, – диэн Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов кэпсээтэ.
«Биһиги сотору саҥа дьиэҕэ көһүөхпүт. Ол – саҥа тэриллэринэн сэбилэммит сырдык уонна сылаас дьиэ буолуоҕа. Түмэлбит манна 900 кв. миэтэрэ курдук иэни ылыаҕа. Биһиги тэриллэри атыылаһарбытыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн мөлүйүөнтэн ордук суумалаах субсидияны ылбыппыт, тэриллэрбит сороҕо кэллэ, сороҕун бу сотору күүтэбит. Биһиэхэ саҥа экспозициялар, интерактивнай остуоллар, экраннар баар буолуохтара. Интерактивнай остуолларбыт хас биирдии эспэнээт туһунан иһитиннэриилэри биэриэхтэрэ. Ону таһынан биһиги нууччалыы уонна сахалыы үлэлиир аудиогидтары ыллыбыт, ол эбэтэр түмэлгэ сирдээччитэ суох төһө баҕарар сылдьыахха сөп. Улахан экраннаах кэмпириэнсийэлиир саала баар буолуоҕа, манна документальнай киинэлэри көрдөрөр, араас сүрэхтэниилэри ыытар кыахтаныахпыт. Ону таһынан эспэнээттэрбитин харайарбытыгар улахан эйгэ баар буолла.
Уопсайынан, аһыллыыга бэлэмнэнэбит. Бу – кырдьык, биһиги олус күүппүт түгэммитинэн буолар. Биһиги урут үлэлээбит мас дьиэлэрбит эргэ, араас кыһалҕалаах этилэр. Оттон билигин АЛРОСА уонна Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын көмөлөрүнэн аныгы таас дьиэлэннибит”, – диэн П.И.Сивцев аатынан Намнааҕы устуоруйа-этнография түмэлин дириэктэрэ Александр Копырин кэпсээтэ.
«Саҥа дьиэҕэ бибилэтиэкэ 1000 кв. миэтэрэ иэни ылар. Манна Оройуоннааҕы киин бибилэтиэкэ дьаһалтата, Н.М.Рыкунов аатынан Нам улууһун бибилэтиэкэтэ уонна Оҕо модельнай бибилэтиэкэтэ үлэлиэхтэрэ. Бибилэтиэкэ үс мэндиэмэҥҥэ баар буолуоҕа: иккис мэнидэмэҥҥэ – оҕо бибилэтиэкэтэ, үһүс мэндиэмэҥҥэ – улуустааҕы бибилэтиэкэ. Уопсайынан, нэһилиэнньэ бары араҥатын – оскуола иннинээҕи саастаах оҕолортон саҕалаан, аҕам саастаах дьону барыларын учуоттуурга кыһалынныбыт. Манна өссө быраап информациятын киинэ уонна кыраайы үөрэтээччилэргэ зона баар буолуохтара. Биһиги 25 тыһыынча кинигэлээх пуондабытыгар кинигэни харайар сир көрүлүннэ, аныгы миэбэллээх буолуохпут.
Ону таһынан, саҥа дьиэҕэ көһөн баран, бибилэтиэкэбит пуондатын сыыппараҕа көһөрөргө “Култуура” национальнай бырайыакка кыттарга сайаапка түһэрэргэ былааннанабыт”, – диэн Н.М.Рыкунов аатынан Намнааҕы улуус бибилэтиэкэтин дириэктэрэ Майя Софронова үөрүүтүн үллэһиннэ.
Култуура уонна духуобунай сайдыы саҥа дыбарыаһа урукку үгэстэри аныгы ситиһиилэри уонна биир санаалаах араас көлүөнэ дьонун түмүөҕэр эрэнэбит.
Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбит саха уһулуччулаах уола, Саха сирин автономиятын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэнэр. Улууска элбэх тэрээһин ыытылынна, араас эбийиэктэр тутулуннулар уонна реставрацияланнылар: Хатырык оскуолата олохтоохтук өрөмүөннэннэ, Кириэс Кытыл сэлиэнньэтигэр 240 миэстэлээх оҕо уһуйаана тутулунна. Онтон былырыын алтынньы бүтүүтэ кэрэ-бэлиэ түгэн тосхойбута – Аммосов төрөөбүт дойдута Хатырык сэлиэнньэтигэр диэри суол толору аспаалланан, “Нам” массыына суолунан айан суола аһыллыбыта. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир аныгы суол бу суолунан айаннааччыларга куттал суох буоларын биллэрдик хааччыйыаҕа.
Култуура суолталаах саҥа эбийиэги тутуу наадатын туһунан боппуруос Ил Дархан Нам улууһун нэһилиэнньэтин кытары көрсүһүүтүгэр турбута.
Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…