Бэйэ дьоҕуругар таба тайаныы, бэйэ эйгэтигэр наадалаах исписэлииһинэн буолуу уонна үчүгэй хамнастаныы – бу идэ талыан баҕарар хас биирдии киһи баҕа санаата. Дьэ, ханнык идэни талыахха? Онуоха биһиги АЛРОСА холобуругар билигин ханнык исписэлиистэр ордук наадаларын уонна аан дойду сүрүн алмаастаах хампаанньатыгар кэрэхсэбиллээх үлэни буларга ханнык дьоҕур наадатын билэргэ быһаарынныбыт.
Муус устар 12 күнүгэр Дьокуускайга «Үлэ кыбартаала» креативнай кластерга «Работа России. Время возможностей» үлэҕэ ылыы Бүтүн Арассыыйатааҕы дьаарбаҥка эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэ буолла. Дьаарбаҥка биир сүрүн кыттааччытынан өрөспүүбүлүкэҕэ үлэни биэрэр биир улахан хампаанньанан биллэр АЛРОСА буолла. Маннык дьаарбаҥкалар көмөлөрүнэн үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннара инникитин ханнык идэни талалларын быһаарыныахтарын сөп, онтон көрдөнөөччүлэр бэйэлэрин идэлэринэн үчүгэй усулуобуйалаах үлэни булуохтарын сөп.
АЛРОСА элбэх бакаансыйа испииһэгин билиһиннэрдэ уонна үлэ көрдөнөөччүлэртэн баахтанан үлэҕэ сайабылыанньалары ылла. Хампаанньа исписэлиистэригэр уочарат хара сарсыардаттан саҕаланна. Дьоһуннаах бакаансыйалары бас-көс хампаанньа эрэ буолбакка, АЛРОСА хос тэрилтэлэрэ уонна подразделениелара: «Анаабыр алмаастара», Алмааһынан эргинэр Саха сиринээҕи тэрилтэ, «Алмаздортранс», «АЛРОСА-спецбурение» уо.д.а. билиһиннэрдилэр.
Дьаарбаҥкаҕа кыттыы уонна хампаанньаҕа каадырдары кытары үлэ туһунан АЛРОСА Алмааһынан эргинэр Саха сиринээҕи тэрилтэтэ (ЯПТА) дириэктэрэ Алексей Евстратов сиһилии кэпсээтэ.
«Хампаанньаҕа баар идэлэр испииһэктэрэ олус улахан – тутааччыттан, геологтан саҕалаан IT эйгэтигэр уонна производствоны автоматизациялааһын исписэлииһигэр тиийэ. Үгэс курдук, ордук Айхаллааҕы, Удачнинскайдааҕы уонна Мииринэй-Ньурба хайа-байытар кэмбинээттэригэр, хапытаалынай тутуу управлениетыгар, массыына суолун Мииринэйдээҕи управлениетыгар исписэлиистэргэ наадыйаллар, – диэтэ Алексей Евстратов.
Хампаанньаҕа киэҥник биллэринэн уонна наадалааҕынан оробуочай идэлэр бэрэстэбиитэллэрэ: проходчиктар, тэриллэри уонна массыыналары хааччыйарга силиэсэрдэр, араас тэриллэр машинистара, суоппардар буолаллар. Ону таһынан, инженер идэтигэр, ол иһигэр былааннааһын инженердэригэр, конструктордарга, сметчиктэргэ олус наадыйаллар.
Алексей Евстратов этэринэн, АЛРОСА олохтоох нэһилиэнньэни үлэҕэ ыларга улахан болҕомтотун уурар.
«Биһиги өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтин кытары 2018 сылтан ыкса үлэлэһэбит. Бу кэм устата Саха сирин 16 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо АЛРОСА подразделениеларыгар үлэ булла, кинилэртэн 3,5 тыһыынчаттан тахсата – эдэр исписэлиистэр, 2,7 тыһыынчата – тыа сирин олохтоохторо. Дьарыга суох дьону, ол иһигэр тыа сирин олохтоохторун, үлэнэн хааччыйарга үлэ тиһигин быспакка ыытыллар», – диэтэ АЛРОСА ЯПТА дириэктэрэ.
Бу сыл саҕаланыаҕыттан бас хампаанньаҕа – 500-тэн тахса киһи, «Анаабыр алмаастарыгар» тыһыынчаттан тахса киһи хайыы үйэ үлэлэннэ. Уопсайынан ыллахха, АЛРОСА бөлөх тэрилтэлэригэр билигин 35 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир уонна хампаанньа бэйэтин билиитинэн, дьоҕурунан сөптөөх үлэни булуох киһиэхэ аана аһаҕас.
Хампаанньа алмаас эйгэтигэр каадырдары оскуола ыскаамыйатыттан бэлэмнииргэ дьулуһар. Билигин ситиһиилээхтик үлэлиир АЛРОСА-кылаастарга үөһээ кылаас үөрэнээччилэрэ тиэхиньикэ уонна технология дьиссипилиинэлэрин сэргэ алмааһы хостооһун төрүттэрин үөрэтэллэр.
Өрөспүүбүлүкэ сүрүн үөрэҕин кыһаларын кытары хампаанньа үлэтин бары хайысхатыгар бииргэ үлэлээһин көхтөөхтүк сайдар. Соторутааҕыта АЛРОСА алмаас салаатыгар каадырдары сүрүн бэлэмнээччилэртэн биирдэстэрин – М.К.Аммосов аатынан ХИФУ кытары бииргэ үлэлиир туһунан саҥардыллыбыт Сөбүлэһии ылыллыбыта.
Саҥа Сөбүлэһиигэ үөрэнээччилэри идэҕэ хайысхалыырга үлэ блога кэҥэтилиннэ. Бүтэһик куурус устудьуоннара «Үөрэнэбин уонна үлэлиибин» бырайыак чэрчитинэн үөрэх биирдиилээн бырагырааматыгар көһөрүллэллэр уонна ыкса сибээстээх идэлэргэ үлэлиир кыахтаналлар. Кэнники сылларга АЛРОСА тэрилтэлэригэр университеты бүтэрбит 100-тэн тахса ыччат үлэҕэ киирдэ, ХИФУ 150-тан тахса устудьуона үлэҕэ быраактыкаланна. Бу үлэһит буолуохтаах эдэр дьоҥҥо университекка ылбыт билиилэригэр эбии быраактыкаҕа тугунан да сыаналаммат уопуту ылалларыгар уонна алмаас салаатыгар үлэлэрин саҕалыылларыгар көмөлөөх.
«АЛРОСА алмааһынан эргинэр Саха сиринээҕи тэрилтэтигэр минерологтар уонна геммологтар – сыаналаах таастары үрдүк таһымнаахтык наардыыр уонна сыаналыыр кыахтаах исписэлиистэр наадалар. Бу хайысхаҕа биһиги хайыы үйэ өр сылларга ХИФУ-ну уонна Саха сиринээҕи бырамыысыланнас тиэхиньикумун кытары бииргэ үлэлиибит. Кинилэр устудьуоннара сыл аайы биһиэхэ быраактыкаланаллар», – диэтэ Алексей Евстратов.
АЛРОСА бакаансыйалар дьаарбаҥкаларыгар куруук кыттар, ону таһынан үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарыгар үлэ быраактыкатын тэрийэр. Ол эбэтэр М.К.Аммосов аатынан ХИФУ, Саха сиринээҕи бырамыысыланнас тиэхиньикумун уо.д.а. үөрэх тэрилтэлэрин кытары көдьүүстээхтик бииргэ үлэлээбиттэрэ хас да сыл буолла. Ону таһынан дьаарбаҥкаларга уонна уонна аһаҕас ааннар күннэригэр хампаанньаҕа кэлбит устудьуоннар бэйэлэрин көрдөһүүлэринэн кинилэргэ быраактыка тэриллиэн сөп.
Хампаанньа ону таһынан устудьуоннары кытары истипиэндьийэҕэ дуогабар түһэрсэр. Истипиэндьийэ ыларга үһүс уонна онтон үөһээ куурус устудьуоннара, 4-тэн үөһээ бааллаахтар, тус кэпсэтии түмүктэринэн киирсиэхтэрин сөп. Билимҥэ арыйыылар, кэмпириэнсийэлэргэ кыттыбытын туһунан араас сэртипикээттэр кэрэхсэнэллэр. Устудьуоннар истипиэндьийэни үөрэнэр кэмнэрин устата ылаллар, кинилэргэ быраактыка барар сирдэригэр кэлэ-бара айаннара уонна быраактыка ороскуота барыта төлөнөр. Онтон быраактыканы ситиһиилээхтик аастахтарына, үлэҕэ ылылларга суоттаныахтарын сөп.
АЛРОСА эдэр исписэлиистэри бары өттүнэн өйүүргэ кыһаллар, идэҕэ сайдалларыгар уонна дуоһунаска өрө тахсалларыгар кыаҕы биэрэрин сэргэ, араас чэпчэтиилэри көрөр. Холобур, корпоративнай уопсай олорор дьиэлэргэ миэстэнэн хааччыйар, олорор дьиэни түүлэһии ороскуотун уонна ипэтиэкэ бырыһыаннарын төлүүр. Саҥа үлэһиттэр кэлэктиипкэ түргэнник үөрэнэллэрин туһугар настаабынньыктар сыһыарыллаллар, кинилэр эдэр үлэһиттэр саҥа миэстэҕэ түргэнник үөрэнэн, кэлэктиипкэ олохтоохтук киирэллэригэр көмөлөһөллөр.
Үлэһиттэр идэлэрин, лиидэр дьоҕурун сайыннаралларыгар АЛРОСА Корпоративнай университета көмөлөһөр. Манна 500-тэн тахса араас үөрэх бырагыраамата, ол иһигэр идэҕэ бэлэмнэнии уонна оробуочай идэлэргэ хос үөрэнии, баар.
Хампаанньа сорҕотунан буолуу араас уопсастыбаннай, култуурунай уонна успуорт тэрээһиннэригэр кыттарга туһалыыр. Аҥаардас успуорт сиэксийэлэрин ыллахха, успуорт 26 көрүҥэр 200-чэ сиэксийэ үлэлиир. Баахта бөһүөлэктэригэр эмиэ успуорт саалалара бааллар. Маннык инфраструктуралаах буолан, хампаанньа подразделениелар үлэһиттэрин ортолоругар араас күрэхтэһиилэри куруук ыытар, манна ордук ыччаттар кытталлар. Ону таһынан куонкурус быһыытынан компетенцияларга күрэхтэһиилэр буолаллар, бу үлэһиттэр атын кыахтарын арыйарга, хампаанньа салайар каадырдарыгар саппааһырарыгар көмөлөһөр. Ол иһин биир идэлээхтэри кытары күрэхтэһиилэр – идэҕэ үрдээһини эрэ буолбакка, саҥа саҕахтары арыйарга, дуоһунаска өрө тахсарга үктэл оҥосторго кыаҕы биэрэллэр.
Бакаансыйалар туһунан иһитиннэриилэри HeadHunter, Rabota YKT уонна да атын саайтарга, хампаанньа социальнай ситимнэригэр уонна мессенджердэригэр булуохха сөп. Резюмены ыытыы уонна эбэтэр көрдөнөөччү быһыытынан регистрацияланыы колл-киин операторын эбэтэр чатбот нөҥүө оҥоһуллар.
Өскөтүн АЛРОСА-ҕа үлэлии киириэххин баҕардаххына, хампаанньа 8 800 585 5885 төлөпүөнүгэр эрийиэххин эбэтэр резюмеҕын hr@alrosa.ru аадырыска ыытыаххын сөп. Бакаансыйалар уонна үлэ туһунан биллэриилэр – VK «АЛРОСА-ҕа үлэ» страницатыгар. Telegram – АЛРОСА: устудьуоннарга уонна ыччакка molodezh@alrosa.ru электроннай почтаҕа суруйан иһитиннэриилэри билсиэххэ сөп.
Андрей Шилов суруйуутуттан тылбаас. Хаартыскалар: Евгений Софронеев, А.Шилов.
Анаабыр оройуонун Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр күһүҥҥү хараал кэмигэр булуллубут икки төбөлөөх табаны тутуннулар. Таба олохтоохтор…
Ис дьыала министиэристибэтин Саха сиринээҕи салалтатын 2 №-дээх полиция отделыгар эр киһи харааһыттан электроинструменнарын уорбуттарын…
Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…
Хас биирдии идэ туһунан уратылаах, абылаҥнаах буоллаҕа. Арктикатааҕы археология түмэлин үлэһиттэрэ (дириэктэр Елена Соловьева) 2023-2024…
Сэтинньи 23 күнүгэр Суотту нэһилиэгэр Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, өр сылларга…
Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…