Салгыы
«АЛРОСА» хампаанньаҕа махтаналлар («Аламай таас» сэрийээли  устааччылар, артыыстар…)

«АЛРОСА» хампаанньаҕа махтаналлар («Аламай таас» сэрийээли  устааччылар, артыыстар…)

24.01.2025, 11:00
Хаартыска; "Саха" НКИХ
Бөлөххө киир:

  Ааспыт сыл сэтинньи-ахсынньы ыйдарыгар «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Аламай таас» сэрийээли  көрдөрдө. Көрөөччүлэр  бу сэрийээл атын устуулартан биллэр уратылааҕын, о.э.   өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн оҥорор «АЛРОСА» хампаанньа Саха сиригэр үлэтэ-хамнаһа, ыччаты бырамыысыланнаска сыһыарыы тиэмэлэрэ баһыйалларын бэлиэтээбиттэрэ. Сэрийээл сүрүн дьоруойдара Мииринэй куоракка олороллор, үлэлииллэр. Кинилэри элбэхтик  бырамыысыланнас эбийиэктэригэр, Мииринэй куоракка, ыраах тайҕаҕа  көрдөрдүлэр.  Ону таһынан куһаҕан дьаллык, бэйэ-бэйэҕэ  өстөһүү, ымсыы санаа, албыннааһын-түөкэйдээһин уо.д.а. социальнай уонна уйулҕа тиэмэлэрин таарыйан, сэрийээл ис хоһоонун дириҥэтэн биэрдилэр.

«Аламай таас» сэрийээл бүппүтүн кэннэ «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр  хампаанньа үлэһитэ Михаил Сергеев сэрийээли устааччылары уонна артыыстары кытары 2024 сыл тохсунньу 12 күнүгэр устуудьуйаҕа кэпсэтиитилэриттэн билиһиннэрэбит.

Сэрийээл сүрүн санаата -– бырамыысылыннаска көҕүлээһин

 Марфа Пермякова, «Саха» НКИХ сахалыы сэрийээллэргэ  сулууспатын салайааччы:

-Биһиги хас биирдии бырайыакпыт, сэрийээлбит   ис хоһоонунан, устуутунан, таҥыытынан куруук туох эрэ уратылаах буолар.  Ону тэҥэ сэрийээл аайы  анал үөрэҕэ суох атын дьон  уһуллаллар.

«Аламай  таас» сэрийээл сүрүн санаата —    саха ыччатын бырамыысылыннаска үлэлииргэ  көҕүлээһин.  Дьиҥинэн,  бу сэрийэээл документальнай буолбатаҕын өйдүөххэ наада.  Арай,  документальнай каадырдар киирэн биэрбиттэрэ. Бырамыысылыннаска үлэ көрүҥэ олус элбэх. Холобур, дьоруойдарбыт геодезист, геофизик, суоппар, диспиэччэр уо.д.а. этилэр. Документальнай буолбатаҕын  быһыытынан, кинилэр хайаан да маннык үлэлиэхтээхтэр диэн көрдөрүү суох, оннук   сыал-сорук турбатаҕа. Ол гынан баран, Сахабыт сиригэр бырамыысыланнаска маннык үлэ баар, ыччаттар үөрэ-көтө үлэлииллэр  диэн көрдөрө сатаатыбыт. Ону,  уус-уран айымньыга курдук, уобарастарынан, араас балаһыанньаларынан тириэртибит.

Сэрийээлбитигэр  саҥа артыыстар, ааттар арылыннылар. Кинилэр хас биирдиилэрэ олус кыһаллан оонньоотулар. Сорох көрөөччүлэрбит: «Сэрийээл биһигини дьиссипилиинэҕэ үөрэттэ, күннээҕи түбүгү бүтэрэ-оһоро охсон баран, дьэ, киэһэ буолуута үөрэ-көтө сэрийээлбитин көрөбүт», -– диэн эмиэ  суруйдулар.

«Аламай тааска» хаһааҥҥытааҕар да элбэх үлэ каадырдара киирдилэр уонна Мииринэй куораты наһаа үчүгэйдик көрдүбүт, мин саҥа сылдьаммын  олус  сэргээтим. Түгэнинэн туһанан,  локацияларга көҥүллээн уһултарбыт уонна сэрийээлбит тахсарын өйөөбүт «АЛРОСА» аахсыйалаах хампаанньаҕа,  Мииринэй   куорат дьаһалтатыгар, ону тэҥэ  «Алмаастаах кыраай» медиа-хампаанньаҕа  «Саха» Көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа уонна  сэрийээл сулууспатын ааттарыттан  махталбытын биллэрэбит.

Ольга Ушницкая, туруорааччы-режиссер:

-Марфа Даниловна миэхэ  сценарийы биэрбитигэр көрбүтүм элбэх артыыс, чуолаан   «Аламай таас» доҕордуулар бөлөхтөрүгэр  8 киһи баар эбит. Ол иһин, хайдах эрэ кылгаппыт киһи диэн санаанан кыратык быспытым. Атыннык эттэххэ,  тугу эмэ элбэтээри эбэтэр кылгатаары,   режиссерскай сценарийга син биир киирэ сатыыбыт. Сценарий диэн докумуон, ону режиссер уларытыан да, уларытыман да сөп.  Онон, сценарийы кыратык уларытан, режиссерскай сценарий диэн буолбута уонна сэрийээлбитин уһулаары Мииринэй куоракка   барбыппыт   Уопсайга олорбуппут, күнү быһа уһуллабыт, бириэмэбит олох тиийбэт. Артыыс ыччаттарбыт сценарийдарын кинигэ курдук бэчээттээн таһааран баран, оруолларын үөрэтээри   киэһэ аайы  эрэпэтииссийэлэнэллэр этэ.  Манныгы мин аан бастаан көрдүм, оннук эппиэтинэстээхтэр.

Евгений Рязанскай, туруорааччы оператор:

-Бу сэрийээли  устарга саамай ыарахана    кыра оҕолору кытары үлэлээһин этэ.   Тоҕо диэтэххэ, кинилэр наар сүүрэкэлии сылдьаллар, уоскуйа охсубаттар. Оттон артыыстары кытары хос-хос хатылааһына (дубль) суох кэриэтэ устубуппут, муҥутаан биирдэ-иккитэ эрэ хос устуу баара.

Тус бэйэм  Мииринэйгэ «Интернациональнай»  шахтаҕа түһэн,  шахтердар  хайдах үлэлииллэрин иһигэр киирэн көрбүтүм миэхэ умнуллубат түгэн буолбута.  Ол биһиэхэ төһө да кутталлааҕын иһин,  үлэбэр  уопут курдук этэ.

 Любомир Адамов, тыас-уус режиссера:

-Тыас-уус режиссерын быһыытынан эттэхпинэ, тыаҕа уһуллар эпизодтар ыарахаттардаах этилэр.   Биһиги наар локация көрдүүбүт. Тоҕо диэтэххэ, чугастыы  ойуурга уһуллахпытына,  массыыналар тыастара, ыттар үрэллэрэ уо.д.а. тыас  иһиллэн хаалыан сөп.  Биһиги дьоруойдарбыт тайҕаҕа сылдьалларынан, ыраах локациялары көрдүү сатаабыппыт.

Манна даҕатан эттэххэ, бу сэрийээлгэ  биһиги дубляж диэни киллэрбиппит. Билиҥҥи киинэлэр бары да дубляһы туһаналлар. Биһиги атын тыас-уус иһиллибэтин туһугар, дубляжка  эмиэ холонон көрдүбүт, син сатанна курдук.

Оруоллары табыллан арыйдылар

Петр Домотов, П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыһа (сэрийээлгэ Айдаар):

-Ханнык баҕарар оруол бэйэтэ ыарахаттардаах, онон Айдаар оруолун арыйар эмиэ уустук этэ. Сэрийээлгэ аҕам өлбүтүн кэнниттэн  бэйэм испэр бүгэн хаалабын, аҕам өлбүтүгэр бэйэбин буруйданабын, санааҕа ылларабын.  Ол ыарахан кэмҥэ миигин доҕотторум көрсөн быыһыыллар… Манна уһулла сылдьан дьиҥнээхтии илиибин тоһутан баран,  уһуллан бүттүм быһылаах диэн санаа тута киирбитэ. Буолуохтааҕын буолла быһыылаах дии саныыбын, билигин этэҥҥэбин.

Сардаана Ховрова (Алтаана):

-Сценарийын ааҕан баран, Алтаананы  чугастык ылыммытым, аһыммытым, таптаабытым, ыарахан дьылҕалааҕын өйдөөбүтүм -– барытын бэйэбэнинэн аһарыммыт курдук буолбутум.  Сэрийээлгэ  уһулларга ыарахан түгэн  элбэх этэ. Аан бастаан  аҕам итирэн баран тоҥсуйа-тоҥсуйа киирэ сатыыр эпизодун устубуттара. Онно хайдах эрэ куттана санаабытым, күүстээхтик оонньуохпун наада эбит диэн долгуйбутум.   Өссө ытыыр түгэннэрим эмиэ миэхэ ыарахан этилэр.

Өскөтүн киинэҕэ уһулла ыҥыраллара буоллар, омсолоох соҕус дьоруойдары оонньуур миэхэ интэриэһинэй буолуо этэ дии саныыбын.

Эдуард Захаров, Саха тыйаатырын артыыһа (Тимур):

Тимур уобараһа миигиттэн ыраах диэхпин баҕарабын. Сэрийээли кэлин барытын көрөн баран, Кариналыын уһуллар бүтэһик сыанабытын арыый атыннык оонньуохха сөп этэ дуу санаабытым.   Ол гынан баран, таҥыы көмөтүнэн табыллыбыт курдук. Аны Айдаар  наар миигин охсор, кыайар-хотор. Дьиҥэр,  мин эмиэ тугу эрэ гыммытым быһыылааҕа да, ол киирбэккэ хаалбыт. Онон харда биэрбэккэ, туран  биэрэр эрэ  уол курдук көстүбүппүн (күлэр).

Нина Захарова, дизайнер  (Вера):

-Мин сэрийээлгэ эрдэттэн уһуллуохпун баҕарар этим. Устуу саҕаланыа биир нэдиэлэ иннинэ НКИХ-тан эрийбиттэрэ. Онон, биир нэдиэлэ буолаат, соһуччу Мииринэйгэ айаннаабыппыт, эмискэ атын эйгэҕэ түбэһэн  хаалбытым. Атын куоракка тиийэн уһуллубутум миэхэ киинэҕэ бастакы  уопут курдук буолла.

Иван Кузьмин, Саха тыйаатырын артыыһа  (Валик):

-Уопсайынан, сэрийээлтэн  астынным. Саамай ыарахана кэргэмминиин Вералыын ороҥҥо сыһыаны устуу этэ.   Куһаҕана диэн оператордар  бары көрөллөр, элбэх киһи үлэлии турар, онон ол сыананы өр  оҥорбуппут.

Василий Федоров,  «2 ГИС» хампаанньа эрэкэлээмэҕэ мененджерэ (Рома):

-Мин бастакыбын уһулуннум уонна сөбүлээтим.  Аан бастаан камера иннигэр уһуллар ыарахан этэ, ханна туруохтаах туочукалары ыйан биэрэллэрэ. Тайҕаҕа оһолломмут доҕорбутун төрдүөн наһыылкаҕа тиэйии сыаната ыарахан этэ.  Бүттүбүт ээ  дии санаатахпытына,  төттөрү ыытан хос усталлар этэ. Мин дьоруойум Рома курдук,   сөбүлүүр кыргыттаргыт хаартыскаларын көр да көр буолуҥ, оччоҕо аттыгытыгар  баар буолуохтара (күлэр).

Павел Сидоров (Игнат):

-Сэрийээлгэ  аан бастаан холоннум, кастинынан талыллыбытым. Сюжета олус ураты, интэриэһинэй, киһини толкуйдатар, олоххо баар  түгэннэр көстөллөр.

“Аламай тааһы” көрөн баран,  инникитин  Сахабыт сиригэр бырамыысыланнаска эдэр ыччаттарбыт тардыһыахтара диэн баҕа санаалаахпын. Бэйэм 2022 сылтан «Анаабыр алмаастара» хампаанньаҕа хайа маастарынан үлэлиибин. Сэрийээли устубут хампаанньаҕа олус махтанабын, өссө да үүнэ-сайда туруҥ.

Айыына Колесова, Айыы кыһатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ (Викуша):

-Артыыстары кытары оонньуур олус интэриэһинэй этэ. Бастаан мин кастиҥҥа  кэлбиппэр, элбэх ыйытыыны биэрбиттэрэ, үҥкүүлээн уонна ыллаан көрдөрбүтүм. Өйбөр хатаммыт түгэн диир буоллахха, кирилиэстэн охторум олус ыарахан этэ. Билигин миигин  Айыы кыһатыгар элбэх учуутал, оҕо билэр буолла.

Лидия Васильева, «Ыаллыылар» аан бастакы сахалыы сэрийээл режиссера:

-«Аламай таас» сэрийээли көрдүм. Мииринэйгэ тиийиэх диэтэххэ олус ыраах, аны аһыыр, олорор боппуруоһуҥ турар. Онон ыччаттарбыт харса суохтарын наһаа сөҕөбүн уонна хайгыыбын.  Уопсайынан, сахалыы сэрийээллэр уһуллаллара саха көрөөччүтүгэр олус үчүгэй. Киинэлэргэ, сэрийээллэргэ  билигин эдэр ыччаттар бэйэлэрин баҕаларын күүһүнэн үлэлииллэрин хайгыыр эрэ кыахтаахпын.

Улахан оруол режиссерга сытар. Сценарий араас буолар, сороҕо режиссер көрүүтүгэр  сөп түбэспэт буоллаҕына,  бэйэтэ уларытан биэриэхтээх.

Мин санаабар, «Аламай тааска» оруолларга артыыстар наһаа үчүгэйдик талыллыбыттар.

ххх

Сэрийээл  биир ый устата көстүбүтүн  тухары көрөөччүлэр санааларын элбэхтик үллэһиннилэр, баҕа санааларын тириэртилэр. Хас биирдии дьоруойу бэйэлэрин билэр оҕолорун дуу, ыалларын дуу курдук, кинилэр тустарыгар долгуйдулар, үөрдүлэр-көттүлэр. «Сэрийээлбит бүттэ, салгыы хайдах олоробут?» диэн санаа түһүүтэ эмиэ баар. Сүрүнэ, элбэх киһи «Аламай тааһы» көрөн баран, биир саастыылаахтарын кытары бырамыысыланнаска баран үлэлиэн, Мииринэй куоракка бара сылдьан билсиэн баҕарарын биллэрбитэ  -– бу сэрийээли устубут айар бөлөх  уонна устууга көмөлөспүт «АЛРОСА» ситиһиилэрэ.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
25 января
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: