Үрдүк таһымнаах исписэлииһи бэлэмнээһин, каадырдардар кыахтарын көдьүүстээхтик туһаныы, үлэ бастыҥ усулуобуйатын хааччыйыы – АЛРОСА каадырга бэлиитикэтин сүрүн соруктара. АЛРОСА бөлөҕөр 35 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиириттэн 80-тан тахса бырыһыана Саха сиригэр үлэлиир. АЛРОСА-ҕа үлэлиир ыччат үксэ орто, үрдүк үөрэх кыһаларын бүтэрэн, производствоҕа быраактыканы ситиһиилээхтик ааһан баран, хампаанньа тэрилтэлэригэр үлэлии кэлэр. Бүгүн биһиги кинилэри кытары билсиэхпит.
Константин Николаевич Васильев — Мииринэй-Ньурба хайа байытар кэмбинээт (Накыын) силиэсэрэ.
— Константин Васильев Чурапчы улууһун Дириҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх. Эдэр киһи тиэхиньикэни, араас массыынаны оҕо эрдэҕиттэн сэргээһиниттэн, билэ-көрө сатыырыттан сиэттэрэн, бырамыысыланнаска үлэлээһини оччолортон интэриэһиргээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэригэр, тэлэбидьиэннэ биэриилэригэр бырамыысыланнаска (чуолаан АЛРОСА-ҕа) үлэни, араас тиэхиньикэлэр баалларын көрөн-истэн ымсыыра саныыра. “Кырдьыга да, алмааһы Мииринэйгэ, Айхалга уонна Удачнайга эрэ хостууллар дии саныырым. Ньурбаҕа эмиэ үлэлиэххэ сөбүн билбэт этим”, — диэн кини билигин күлэ-үөрэ кэпсиир. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына ийэтэ төрөппүт мунньаҕыттан кэлэн баран, икки убайа өрөспүүбүлүкэҕэ “Саха ыччатын – бырамыысыланнаска” (“СЫП”) диэн бырайыакка кыттыһан барар буолбутун туһунан кэпсээбитэ. Чурапчы улууһуттан бырайыакка кыттыыны география учуутала Борисова Анна Гаврильевна сүрүннээн барсыбыта. Костя эмиэ тылламмытын, өссө кыраҕын диэн хаалларбыттара. Дьэ, ити кэмнэртэн ыла бырамыысылыннаска үлэлииргэ сыал-сорук туруоруммута.
И.Е.Федосеев (Доосо) аатынан Дириҥнээҕи агрооскуоланы бүтэрбитин кэннэ эдьиийин сүбэтинэн докумуоннарын Мииринэй эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэскэй кэллиэһигэр “Массыыналары өрөмүөннүүр уонна хааччыйар маастар” биир сыллаах үөрэххэ ыыппыта уонна тута киирбитэ. Өссө үөрэнэ сылдьан улахан куурус уолаттара хайдах, туох тиэхиньикэҕэ үлэлииллэрин истэ-билэ сылдьыбыта, этэргэ дылы, тиэхиньикэнии баһылыахтаах кэмэ кэлэрин тулуйбакка күүтэрэ. Быраактыкатын Бүлүүтээҕи хайа-чинчийэр эспэдииссийэҕэ ааспыта. Үөрэҕин 2020 сыллаахха бүтэрбитэ.
Аармыйаҕа Владивостокка Находка куоракка сулууспалаабыта. Сулууспалаан кэлэн баран улахан кыамталаах массыыналарынан ыраах айаҥҥа сылдьыбыта, АЛРОСА-ҕа үлэлиир баҕата иккис былааҥҥа хаалбыт курдук буолбута. Ол сырыттаҕына, Айхаллааҕы хайа-байытар кэмбинээккэ кылаабынай инженеринэн үлэлии сылдьыбыт убайа Геннадий Васильев Накыыҥҥа үлэҕэ сүүмэрдээһин буола турарын кэпсээбитэ. Дьэ, онтон ыла, 2023 сыл саҥатыттан Константин Ньурба улууһугар Накыыҥҥа бастайааннай үлэһит быһыытынан, баахта ньыматынан үлэҕэ тиэхиньиичэскэй хааччыйыы силиэсэринэн үлэлии сылдьар. Кини үлэтин сүрүн соругунан тиэхиньикэ барыта үлэҕэ үчүгэй туруктаах тахсарын, алдьанан төттөрү кэлбэтин хааччыйыы буолар. Массыына араас узелларын уонна агрегаттарын өрөмүөннүүллэр уонна таҥаллар. Бу үлэ билиини уонна массыына деталларыгар кыраҕы болҕомтону эрэйэр. Ону сэргэ туох алдьаммытын-кээһэммитин быһаарар, массыыналар рейскэ тахсыахтарын иннинэ туруктарын бэрэбиэркэлиир, ол эбэтэр тиэхиньикэлэр үлэлии тахсалларыгар куттала суох, эрэллээх буолалларын хааччыйар.
Манна биир ый үлэлээн баран, биир ый сынньанар графигынан үлэлииллэр. Константин кэпсииринэн, Накыыҥҥа үлэлиир, сынньанар усулуобуйа, хамнас үчүгэй. Тиэхиньикэлэрэ эмиэ күүстээхтэрин, улахан кыамталаахтарын туһунан астына бэлиэтиир.
“Киһиэхэ, чуолаан бырамыысыланнас хампаанньатыгар үлэлээччигэ, доруобуйа наада. Харчы кэлэр-барар, онтон доруобуйа араас буолуон сөп. Биһиги үлэбитигэр сэрэхтээх буолуу хайаан да наада. Киһиттэн таһынан туттунуулаах буоллаххына, содула ыарахан буолуон сөп, ону таһынан тиэхиньикэҕэ куттал суох буолуутун мэктиэлээһин уонна тиэхиньиичэскэй докумуону тутуһуу улахан суолталаах”, — диэн үлэ уратытын уонна бырамыысылыннаска үлэлиир баҕа санаатын толорбутун, өссө да үүнүөххэ-сайдыахха наадатын туһунан этэр.
Дьулусхан Гаврильевич Ушницкай — Мииринэй-Ньурба хайа байытар кэмбинээккэ (Накыын) хайа маастара.
Кини билигин Накыыҥҥа дэлби тэптэрэр учаастакка хайа маастарынан үлэлиир.
Дьулусхан Уус Алдан улууһун Балыктаах оскуолатын бүтэрэн баран, эдьиийдэрэ уонна убайдара үөрэммит Красноярскай куораттарыгар хайа институгар “хайа аһаҕас үлэлэрэ” идэҕэ үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин 2018 с. бүтэрэн баран, ытык иэһин толорон аармыйаҕа сулууспалаабыта.
Аармыйаттан кэлэн баран, үрдүк үөрэх дипломнаах киһи быһыытынан, бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр, АЛРОСА хампаанньаҕа резюметын ыыталаабыта. Үксүгэр үлэҕэ уопуттаахтары ыла сатыылларын билэр этэ эрээри, эрэл кыыма уостубатаҕа. Ол да буоллар, өр кэтэһэ сатаан баран, Уус Маайаҕа дыраага үлэтигэр барбыта. Икки ый курдук үлэлээн баран, Дьокуускай куоракка кэлбитэ уонна идэтинэн бакаансыйалары үөрэтэ сылдьыбыта. 2019 с. биир үтүө күн АЛРОСА Накыын былаһааккатыттан эрийбиттэригэр олус үөрбүтэ уонна ханнык баҕарар үлэҕэ сөбүлэһэрин биллэрбитэ. Инньэ гынан, дуогабар түһэрсэн, бастаан дэлби тэптэрээччинэн (взрывник) үлэҕэ киирбитэ. Биир сыл дэлби тэптэрээччинэн үлэлээн баран, хайа маастарыгар көспүтэ үһүс сыла буолла.
Дьулусхан Ушницкай: “Мин кыра эрдэхпиттэн алмааһы кырыылааччы идэтин интэриэһиргиир этим. Ол иһин, дьонум ити идэҕэ чугас ханнык хайысхалар, идэлэр баалларын кэпсээбиттэрэ. “Саха” НКиК бырамыысыланнаһы, АЛРОСА-ны көрдөрөр биэриилэрин сэргиирим. Онон үөһээ кылаастарга тахсарбар хайа бырамыысыланнаһын идэтин таларга бигэтик быһаарыммытым. Ханнык баҕарар идэни талыаҥ иннинэ бу идэҕэ төһө наадыйалларын, туох кэскиллээҕин үөрэтэҕин. Хайа бырамыысыланнаһыгар идэни талбыт киһи ханна баҕарар үлэ булар кыахтаах”, — диэн идэтин хайдах талбытын туһунан кэпсиир.
Дьулусхан талан ылбыт идэтин олус сөбүлүүрүн, эдэр ыалга баахта ньыматынан үлэлиир табыгастааҕын, эдэр дьону өйүүр бырагыраама элбэҕин, олорор уонна үлэлиир сир үчүгэй усулуобуйалааҕын туһунан этэр. Эн хайдах үлэлииргиттэн, бэйэҕин хайдах көрдөрөргүттэн карьераҕа үүнүү эмиэ тутулуктаах.
Егор Устинович Халгаев — Мииринэй-Ньурба хайа байытар кэмбинээккэ (Мииринэйгэ) учаастак геолога.
Егор Халгаев 2021 с. М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет геология-чинчийэр факультетын баайдаах сирдэри чинчийиигэ “хайа инженер-геолога” дипломнаах бүтэрбитэ. Кини талбыт идэтигэр илиитин “имитэ” турар уонна уопут ылар баҕалаах буолан, 3-с куурустан геология институтугар үс сыл лабораннаабыта. Үөрэҕин бүтэрэн баран, быраактыкатын барбыт “Якутскгеология” тэрилтэтигэр 1,5-2 сыл курдук баайдаах сирдэри көрдөөччүнэн, көмүс хостооһунугар учаастактааҕы геологынан (2-с категориялаах), “узкай” хайысхалаах институкка (“морфология золота”) үлэлээбитэ.
Билигин Мииринэй-Ньурба хайа байытар кэмбинээтигэр учаастак геологынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Сүрүн үлэтэ – хостооһуну, вскрышной үлэлэри бэрэбиэркэлээһин, хайа маастардара уонна бульдозеристара хайа учаастакка төһөнү ылыахтаахтарыгар ыйыы-кэрдии биэрии уо.д.а.
Мииринэйгэ олорор сирдэрэ үлэлэриттэн чугаһынан олус табыгастаах, иллээх-эйэлээх кэлэктиип үлэтэ да көхтөөх, таһаарыылаах. Сынньалаҥы эмиэ табан тэрийэллэр, ичигэс кэмнэргэ айылҕаҕа тахсан кэлэктиибинэн сынньаналлар, успуордунан дьарыктаналлар. Кэмбинээт начаалынньыктара — олохтоох дьон. Кинилэр эдэр дьоҥҥо куруук сүбэ-ама биэрэллэр, бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик билсэллэр. Егор Халгаев үрдүк үөрэххэ бииргэ үөрэнэн идэ ылбыт уолаттарын кытары тутуһан үлэлии сылдьалларын, саха ыччата бырамыысыланнаска үлэлиир кыахтааҕын туһунан этэр.
Кини 56 күннээх уоппускатыгар төрөөбүт дойдутугар, сиригэр-уотугар балыктыырын, бултуурун, дьиэтигэр-уотугар үлэлиирин сөбүлүүр.
Айаан Алексеевич Винокуров — Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт оператора.
Кини “Удачнай” сир аннынааҕы рудникка диспетчер сулууспатын операторынан үлэлиир.
“… Ол аата шахта үөһээ олороммун шахтаҕа үлэҕэ киирээччилэр, тиэхиньикэ иһин эппиэттиибин. Шахтаҕа олус элбэх тиэхиньикэ үлэлиир. Олортон биир эмэ тиэхиньикэ алдьанна да, шахтаны кытары суһаллык сибээстэһэ охсон силиэсэрдэри ыҥырабын. Дэлби тэптэрэр матырыйааллары таһааччылары тиэхиньикэнэн хааччыйабын, тырааныспардар үлэлэрин хонтуруоллуубун. Бу үлэбэр кылаабынайа болҕомтолоох уонна суһал дьайыылаах буолуу ирдэнэр”, — диэн үлэтин туһунан кэпсиир.
Уус Алдан Бороҕонуттан төрүттээх Айаан Винокуров аймахтарын сүбэлэринэн Мииринэй куоракка 5,5 сыл үрдүк үөрэххэ үөрэнэн, “подземная разработка рудных месторождений” идэни ылбыта. 3-с куурус кэнниттэн быраактыкаларыгар хамнас төлүүллэрэ. Быраактыкаҕа биир ый шахтаҕа киирэн үлэлииллэрэ булгуччулаах этэ, онтон атын ыйдарга үлэлииргин-үлэлээбэккин бэйэҥ быһаарынарыҥ. Айаан «Мир», «Интер» рудниктарга үлэлээн, производство туһунан өйдөбүлэ дириҥээбитэ. Үөрэнэ сылдьар идэтэ кэскиллээҕин, наадалааҕын өйдөөбүтэ уонна талбыт идэтинэн үлэлииргэ бигэтик быһаарыммыта.
Ол да иһин, аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн баран, Удачнайга кэлбитэ.
Айаан кэпсииринэн, Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт иллээх-эйэлээх кэлэктиибин дьоно бары үлэлэригэр олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар. Ыстаарсай диспетчердэринэн шахтаҕа хас эмэ сыл уопутурбут дьон үлэлиир. Салалтаны кытары биир тылы булан үлэлииллэр. Үчүгэйэ диэн, Мииринэй бэйэтэ шахталааах, карьердаах куорат.
Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах. Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…
Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…
Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…
ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…
Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…