АЛРОСА Хотугу сир норуоттарын оҥоһуктарын быыстапка-дьаарбаҥкатыгар ыҥырар

Share

Субуотаҕа, ахсынньы 10 күнүгэр, Дьокуускайга  “Айар Уус”  киэҥ хабааннаах интерактивнай быыстапка-дьаарбаҥка буолуоҕа. Быыстапка ыалдьыттара  норуот маастардарын ураты оҥоһуктарын көрөр эрэ буолбакка, атыылаһар кыахтаныахтара. Ону таһынан айар маастар-кылаастар уонна  кэнсиэр бырагыраамата былааннаналлар. Дьаһалы  АЛРОСА хампаанньа  “Симэх” ускуустуба галереятын кытары тэрийэллэр.

70-ча маастар —  Саха сирин бары муннугуттан национальнай култуураны харыстаан илдьэ сылдьааччылар “Куруһаала” Эргиэн киинигэр мустуохтара. Бу күн Эргиэн киинэ  Хотугу сир норуоттарын  ускуустубаларын үгэс буолбут көрүҥнэрин киининэн буолуоҕа. Маастардар, худуоһунньуктар, устуудьуйалар уонна норуот айар талааннаахтарын талааннаахтара, орто уонна үрдүк анал үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннара, норуот уус-уран оҥоһуктарын тэрилтэлэрэ быыстапка кыттыылаахтарыгар бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэриэхтэрэ. Онтон быыстапка кыттыылаахтара  кыайыылаахтары быһаарыахтара. Норуот куоластааһына “прикладной ускуустуба” уонна “олохтоох оҥорон таһаарыы” номинацияларга  лауреаттары  быһаарыаҕа.

«Бу тэрээһин Норуот ускуустубатын уонна Арассыыйа норуоттарын материальнайа суох култуурунай нэһилиэстибэтин сылыгар ананар. Быыстапка сүрүн соруга – Саха сирин норуоттарын үгэстэрин харыстааһын уонна сайыннарыы, локальнай эйгэ уонна кэлэктиибинэн айар үлэ таһымын өйөөһүн (ол иһигэр, уопуту атастаһыы көмөтүнэн)”, — диэн айылҕа сирин-уотун харыстабылыгар уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын  кытары үлэҕэ АЛРОСА отделын начаалынньыга Алена Дьяконова иһитиннэрдэ.

«Омук үгэһинэн тигиини, мастан, муостан, туостан  уонна керамикаттан оҥоһуктары, омук малын-салын, сувенирдары, ювелирдар уонна уустар  бородууксуйаларын, олохтоох оҥорон таһаарааччылар чэйдэрин  уонна мүөттэрин – маны барытын “Айар Уус” быыстапкаҕа көрүөххэ уонна атыылаһыахха сөп”,  — диэн Норуот прикладной ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын  национальнай киинин дириэктэрэ Яна Игнатьева бэлиэтээн эттэ.

“Айар Уус” ыалдьыттара норуот маастардарын ураты сэдэх оҥоһуктарын көрүөхтэрин, чугас дьонноругар Саҥа дьылга хатыламмат бэлэҕи оҥоруохтарын сөп.

Быыстапка ахсынньы 10 күнүгэр “Куруһаала” Эргиэн дьиэтигэр (Дьокуускай куорат, Аммосов аатынан уулусса, 1 дьиэтигэр) 10 чаастан саҕаланар. Киириитэ босхо.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

24 минуты ago
  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

57 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

1 час ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

2 часа ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

3 часа ago