АЛРОСА көдьүүстээх үлэ көрдөрүүтүн барытын толорор

Share

Ил Дархан Айсен Николаев АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ-бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Павел Маринычевы кытары оробуочай көрсүһүүтэ буолла.

Көрсүһүүгэ хампаанньа бу сыл икки ыйыгар үлэтин түмүктэрин уонна кыбаарталлааҕы, сыллааҕы сабаҕалааһыннары дьүүллэстилэр.

Павел Маринычев хампаанньа сүрүн көрдөрүүлэри барытын толорорун туһунан иһитиннэрдэ.

«Хампаанньа алмаас аан дойдутааҕы ырыынагар кириисис көстүүлэригэр быйыл эмиэ бэлэмнэммитэ”, — диэн Павел Маринычев бэлиэтээтэ.

Көрсүһүүгэ ону тэҥэ минеральнай-сырьевой баазаҕа чугастааҕы былааннары ырытыстылар. 2024 сыл АЛРОСА-ҕа  инвестицияҕа дьоһуннаах быһаарыныылар сылларынан буолуоҕа. Хампаанньа алмааһы сир аннынан хостооһун ньыматыгар көһүөн наада уонна оннук быһаарыныыны хайыы үйэ билигин ылыныахха наада. Ону таһынан инникитин минеральнай-сырье баазата баар буоларын туһугар кыра баайдаах сирдэри хаһаайыстыбаннай эргитиигэ тардыллыахтаах.

Айсен Николаев кэпсэтии кэмигэр, үгэс курдук, АЛРОСА социальнай былааннарыгар уонна хампаанньа үлэлиир сирдэригэр олохтоох дьаһалтаны кытары хардарыта үлэлээһин боппуруостарыгар болҕомтотун уурда.

Павел Маринычев, АЛРОСА мэлдьи социальнай хайысхалаах хампаанньа буоларын бэлиэтээн туран, бу хайысхаҕа тэрилтэ бэлиитикэтэ өссө күүһүрүөҕүн туһунан эттэ.

(СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

31 минута ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

2 часа ago