Салгыы
АЛРОСА кэтээн көрөр сэбиэтэ дивидент төлүүргэ сүбэлээтэ

АЛРОСА кэтээн көрөр сэбиэтэ дивидент төлүүргэ сүбэлээтэ

Ааптар:
29.08.2023, 16:30
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

АЛРОСА кэтээн көрөр сэбиэтэ 2023 сыл бастакы аҥаарын үлэтин түмүгүнэн хампаанньа акционердарыгар балаҕан ыйын 30 күнүгэр 27,77 млрд солк. суумаҕа дивиденнэри төлүүрүн туһунан сүбэлээтэ.

«Бу судургута суох геобэлитиичэскэй быһыыга-майгыга биһиги бүгүн АЛРОСА үчүгэй финансовай түмүктэрин көрөбүт. Быйыл бу иннинэ хампаанньа өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 10 млрд.-тан солкуобайы эбии көрбүтэ. Бу үп-хапчы улахан аҥаара алмаас хостонуллар улуустарыгар аттарыллыбыта. Биһиги бүгүн АЛРОСА-ны бигэ туруктаах хампаанньа диэн сыаналыыбыт», — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев. 

Саха сиригэр АЛРОСА дивиденнэрэ уопсайа 9,16 млрд солк. суумалаах көрүллүөҕэ. Онтон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 6,94 млрд. солк., алмаас хостонуллар улуустарыгар 2,22 млрд. солк. барыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: