2023 сыл ахсынньы 10 күнүгэр АЛРОСА, РНА СС Криолитозона биологическай проблемаларыгар институтун уонна Цзянси провинциятын «Озеро Поянг» айылҕа национальнай заповеднигын дьаһалтатын икки ардыларыгар стратегическай бииргэ үлэлээһин туһунан Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин кытары меморандумҥа илии баттаатылар.
Докумуон сүрүн соруга -– көтөрдөр сэдэх көрүҥнэрин, чуолаан ахсаана аҕыйаан эрэр алтан хараҕы (пискулька), харыстааһын.
Меморандум Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит алтан хараҕы чинчийиигэ АЛРОСА бырайыагын салҕыытынан буолар. 2022 сылтан алтан харах хампаанньа уонна Саха сирин учуонайдарын улахан болҕомтолоругар сылдьар. Криолитозона биологическай кыһалҕаларыгар институтун кытары бу көтөрдөр Саха сиригэр уйа туттар сирдэрин быһаарбыттара.
«Биһиги чинчийиилэрбит түмүктэринэн, Мууна өрүс салаатыгар алтан харах уйаланара быһаарыллыбыта. Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит көтөрү харыстыырга көмө наада. Ол иһин, 2022 сыллаахха биһиги алтан хараҕы чинчийиини хампаанньа үлэтигэр-хамнаһыгар киллэрэргэ быһаарбыппыт. Алтан харах ахсаана, сэбиэскэй кэми кытары тэҥнээтэххэ, олус аҕыйаабыт. Онтон ити көтөр уйаланар сиригэр тиийэр ыараханынан уонна да атын төрүөттэринэн сибээстээн, көтөр тоҕо аҕыйаабытын үөрэтэр кыахтара суоҕа», -– диэн АЛРОСА Экологияҕа киинин дириэктэрэ Полина Анисимова кэпсээтэ.
Алтан харах -– Хотугулуу-Илиҥҥэ уонна Илиҥҥи Азияҕа экология халбаҥныырыгар ордук кэбириир хаас көрүҥэ. Бу көтөрдөр этэҥҥэ буолуулара көһөр суолларын тухары: төрүүр-ууһуур сирдэриттэн кыстыыр сирдэригэр диэри тутулуктаах.
Криолитозона биологическай кыһалҕаларыгар института иһитиннэрбитинэн, алтан харах 4000 ахсааҥҥа тиийэ аҕыйааһына суһал дьайыылары эрэйэр. Онуоха Кытайга «Озеро Поянг» заповеднигы кытта бииргэ үлэлээһини сайыннарар туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Саха сирин учуонайдара Кыһыл кинигэҕэ киирбит көтөрү харыстааһыҥҥа үлэни салгыы Кытайдааҕы биир идэлээхтэрин кытары ыытыахтара.
«Кытай уонна Монголия сүрүн орнитологическай сирдэрин-уоттарын икки ардыларыгар хардарыта бииргэ үлэлээһини бөҕөргөтүүгэ дьоһуннаах хардыыны оҥоробут. Биһиги дойдуларбыт учуонайдарын бииргэ үлэлээһиннэрэ көтөрдөр сэдэх көрүҥнэрин ахсаана аҕыйыыр төрүөтүн быһаарарга көмөлөһүөҕэ уонна балаһыанньаны көннөрүү стратегиятын быһаарарга төрүөтүнэн буолуоҕа. Онуоха Саха сирэ араас көтөрдөр дойдуларынан буолар: чуолаан манна көтөрдөр үөскүүллэр уонна киэҥник тарҕаналлар. Ол көтөрдөр истэригэр Арассыыйа Федерациятын сокуонунан эрэ буолбакка, айылҕа харыстабылын аан дойдутааҕы регламеннарынан, дуогабардарынан, сөбүлэһиилэринэн харыстанар сэдэх көтөрдөр бааллар. Онуоха Арассыыйа, ол иһигэр Саха сирэ, кыталык уонна алтан харах курдук көтөрдөр сир үрдүттэн симэлийбиттэрин туһугар киһи аймахха эппиэтинэһи сүгэр», -– диэн РНА СС Криолитозона биологическай кыһалҕаларыгар институт дириэктэрэ Иннокентий Охлопков иһитиннэрдэ.
Меморандум үс өрүтэ Кыһыл кинигэҕэ киирбит хааһы харыстыырга эппиэтинэһи бэйэтигэр ылла. Стратегическай бииргэ үлэлээһин сэдэх көтөрдөр көһөр, тохтуур суолларын, кыстыыр сирдэрин чопчу быһаарарга көмөлөһүөҕэ, мониторинг уонна наука чинчийиилэрин тэрээһиннэрин көмөлөрүнэн көтөрдөр аҕыйыыр төрүөттэрин булуоҕа.
Тулалыыр эйгэ туруктаах буоларын өйүүргэ АЛРОСА кыттыыта бырамыыслыннас атын хампаанньаларыгар үчүгэй холобур буоларыгар учуонайдар эрэнэллэр.
ЫСПЫРААПКА:
Алтан харах Саха сирин уонна Арассыыйа Кыһыл кинигэтигэр киллэриллибитэ, «ахсаанынан аҕыйыыр» иккис араҥаҕа киирсэр.
Саха сиригэр алтан харах Өлөөҥҥө, Анаабырга уонна Муунаҕа, Халымаҕа, Индигиркаҕа уйаланара биллэр. Сорох уйаланар сирдэрэ резерваттар сирдэригэр-уоттарыгар баар.
30 сыл иһигэр 16 төгүл кэриҥэ аҕыйаабыт көтөр киниэхэ көмө наадатын туһунан сэрэтэр. Ол туһуттан Кытай уонна Саха сирин учуонайдара күүстэрин холбуурга быһаарыннылар. Онтон бу бырайыагы АЛРОСА алмааһы хостуур Саха сирин хампаанньата үбүлүүр уонна олоххо киллэрэр.
АЛРОСА кэнники сылларга экология бырайыактарыгар бэйэтин кылаатын икки төгүл улаатыннарда.
Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…