Салгыы
АЛРОСА оҕолорго кыһамньыта

АЛРОСА оҕолорго кыһамньыта

01.06.2023, 14:25
Хаартыска: АЛРОСА пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо сыһыан – ханнык баҕарар уопсастыба сайдыытын көрдөрүүтэ. Саха сиригэр 6 тыһыынчаттан тахса инбэлиит оҕо баарыттан 4 тыһыынчаттан тахсата доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр толору көмөҕө наадыйар. Ол да иһин, биэс сыл анараа өттүгэр Дьокуускайга доруобуйаларынан хааччахтаах кырачааннарга уонна оҕолорго Өрөспүүбүлүкэтээҕи Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киин аһыллыбыта. Бары өттүнэн табыгастаах, тутуутугар 1,6 миллиард солкуобай суума ороскуоттаммыт социальнай тэрилтэ АЛРОСА өрөспүүбүлүкэҕэ өссө биир улахан бэлэҕинэн буолбута.

Үөрүүлээх аһыллыы

Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор доруобу­йаларын чөлүгэр түһэрэр   өрөспүүбүлүкэтээҕи киин – Арассыыйаҕа оҕолорго биир кэлим социальнай реабилитацияны уонна абилитацияны оҥорор аҕыйах тэрилтэттэн биирдэстэрэ. Манна сыл аайы икки тыһыынчаттан тахса оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр. Киин 100 куойка-миэстэлээх уонна күнүс кэлэн барарга 150 миэстэлээх. Эбийиэк АЛРОСА үбүн суотугар СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын көмөтүнэн тутуллубута. Алмаастаах хампаанньа салалтата Киин тутуутун уонна тустаах тэриллэринэн сэбилэниитин болҕомтолоохтук кэтээбитэ. Киин аана 2018 сыл кулун тутарга аһыллыбыта.

Хас биирдии оҕоҕо ураты сыһыан

Кииҥҥэ хамсанар (опорно-двигательный) аппа­рааттарыгар, саҥаралларыгар уонна истэллэригэр кэһиллиилээх оҕолору мэдиссиинэ, эт-сиин, психологическай-педагогическай уонна социальнай өттүнэн чөлүгэр түһэрии­гэ усулуобуйа барыта тэриллибитэ. Ньиэрбэ систиэмэтигэр (ол иһигэр, церебральнай параличтаах) уонна хамсанар аппарааттарыгар кэһиллиилээх оҕолор тастан сылдьан уонна сытан эрэ эмтэнэллэр.

Чуолаан хас биирдии оҕоҕо ураты сыһыан – бу Киин биир уратытынан буолар. Манна доруобуйатын чөлүгэр түһэрэргэ наадыйар оҕо уонна испи­сэлиис ыкса хантаактаһалларыгар аналлаах элбэх хос баар. Мэдиссиинискэй-чөлүгэр түһэрэр киин уопсай иэнэ – 12,5 тыһыынча квадратнай миэтэрэ. Киин биэс куорпуһугар аактабай, успуорт уонна тренажер саалалара, мэдис­сиинэ кэбиниэттэрэ, кылаастара, бассейн бааллар. Ону сэргэ үөрэтэр-чөлүгэр түһэрэр уонна олорор куорпустар бааллар.

Төрөппүттэр оҕолорун кытары тэҥҥэ дьарыктаналлар

Билигин Кииҥҥэ 136 киһи үлэлиир. Исписэлиистэр ахсааннара сыыйа-баайа эл­­биир, ону сэргэ Киин кыаҕа эмиэ улаатар. Ол гынан баран, оҕону көдьүүстээхтик эмтиир­гэ штат, уопут, тиэхиньиичэс­кэй уонна мэтэдиичэскэй баазалар эрэ наада буолбатахтар. Тоҕо диэтэххэ, Кииҥҥэ кэлбит хас биирдии оҕо үксүгэр судургута суох, ардыгар алдьархай­даах устуоруйалаах. Төрөппүттэр оҕолорун туругар сыһыаннара, ситиһиигэ эрэллэрэ улахан оруол­лаах. Ол да иһин, кинилэри кытары психологтар үлэлиил­лэр. Өскөтүн урут төрөппүттэр оҕолорун арыаллыыр: сарсыарда аҕалар, киэһэ ылар эрэ буоллахтарына, билигин саҥа Кииҥҥэ оҕолорун кытары тэҥҥэ дьарыктаналлар,  доруобуйаны чөлүгэр түһэрии хаамыытыгар кытталлар. Онуоха төрөппүттэргэ эмиэ сөптөөх усулуобуйа тэриллэр.

Бу күннэргэ Кииҥҥэ уочараттаах киирии буолла. Төрөппүттэр санааларын атас­таспыттарын истиэҕиҥ.

«Биһиэхэ оҕолор бары күндүлэр»

Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киин дириэктэрэ Зинаида Максимова этэринэн, манна эмтээбэттэр – оҕолор уопсастыба толору бырааптаах чилиэннэринэн буолалларыгар көмөлөһөллөр.

«Киин аһыллыаҕыттан элбэх уларыйда. Аан бас­таан аһылларбытыгар баара-суо­ҕа икки эрэ отделениелаах этибит, билигин хайыы үйэ 5 отделе­ниелаахпыт. Киин кэбиниэттэрэ хаачыстыбалаахтык сэбилэннилэр, эбии физиоаппаратураны атыыластыбыт, маннык 50-тан тахса аппараат­таахпыт. Холобур, гидротерапия олус туһалаах. Барыта 11 ванналаахпыт уонна биир бассейннаахпыт. Оҕолор олус сөбүлүүллэр.

Ону таһынан, оҕолору кытары логопед-дефектологтар, психологтар үлэлииллэр. Биһигин сотору-сотору оонньуурдарбытын уларытабыт, дидактическай матырыйааллары атыылаһабыт, бэйэбит мэлдьи эбии үөрэнэбит. Оҕолору кытары хардарыта бииргэ үлэлиир олус суолталаах, оонньуу көрүҥэр оҕо аһыллар, итэҕэйэр. Элбэх ньыматтан оҕо уопсастыбаҕа үөрэнэригэр көмөлөһөр вербо­трнальнай ныма ордук туһалаах. Биһиги оҕо майгыта-сигилитэ хайдах уларыйарын көрөбүт, кини атыннык кэпсэтэр буолар, социокултуурунай дьоҕура сайдар.

Уопсайынан, оҕолорго социальнай адаптация эрэ буолбакка, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго уопсас­тыба сөптөөх сыһыанын иитии, дьиэ кэргэҥҥэ өйдөһүү уонна өйөбүл эйгэтин, тоҕоос­тоох  килиимэти хааччы­йыы наадалар», – диэтэ Зинаида Семеновна.

Дириэктэр бэлиэтииринэн, кэлэктиип биэс сыллаах көхтөөх үлэтэ.  Киин сөптөөх суолунан баран иһэрин көрдөрдө. Чугастааҕы соруктарынан микрореабилитационнай киини уонна кыа­йан кэлбэт дьиэ кэргэттэргэ, өрөспүүбүлүкэ ыраах сытар, каадыр тиийбэт  улуустарыгар  сүбэ-ама биэрэ тиийиини тэрийии буолаллар. Кулгаахтарынан мөлтөхтүк истэр оҕолору иитэргэ уонна үөрэтэргэ тифлопедагогика  уонна эбии коммуникациялар бырагыраамалара   кэҥэтиллиэхтэрэ.

Киин исписэлиистэрэ кинилэр көрөр-истэр хас биирдии оҕолоро бэйэлэрэ талаан­наахтарыгар уонна кыахтаахтарыгар эрэнэллэр,  ону ары­йалларыгар көмөлөһүөххэ эрэ наада. Кинилэр атыттартан итэҕэһэ суох оҕолор курдук сананалларын: күлэллэрин-үөрэллэрин, мичээрдииллэрин ситиһии улахан суолталаах. Оҕо мичээрэ – төрөппүттэр уонна Киин үлэһиттэрин дьоллоро.

Орто Халыматтан Армеец дьиэ кэргэнэ:

– Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ оҕолорго уонна төрөппүттэргэ кыһамньылаах сыһыаннаах, бэйэлэрин дьыалаларын билэр дьон үлэлииллэр. Кинилэр биһиги оҕолорбут доруобуйалара тупсарыгар уонна эрэлбит күүһүрэригэр ис сүрэхтэриттэн кыһаллан үлэлииллэр. Дьиэ олус сырдык, ыраас, барыта хомуллуулаах, үлэһиттэр үтүө санаалаахтар, кыһамньылаахтар уонна эйэҕэстэр. Ону таһынан, олус минньигэстик астыыр асчыттарга махталбытын биллэриэхпитин баҕарабыт. Киин дириэктэригэр уонна исписэлиистэргэ барыларыгар нөрүөн нөргүй буоллун!

Дьокуускайтан Копыриннар:

– Биһиги биэс оҕобутунуун манна доруобуйабытын тупсарбыппыт. Уопсай дьиэҕэ олорбуппут, олус элбэх процедураны ылбыппыт. Икки улахаммыт доруобуйаларын туругун быһаартараннар, салгыы бэйэбит неврологпутугар уонна ортопедпытыгар эмтэниэхпит. Оҕолор остолобуой аһылыгын олус сөбүлээтилэр. Кыргыттарбыт Монтессори кэбиниэтигэр биир саастыылаахтарын кытары дьарыктарыттан олус астыннылар. Кырачааммытыгар ЛФК уонна илбийии дьарыктара олус көмөлөстүлэр. Кииҥҥэ доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ усулуобуйа барыта тэриллибит: мэдиссиинискэй тэриллэринэн үчүгэйдик сэбилэммит, исписэлиистэр таһымнара үрдүк. Салгыы да дьиэ кэргэттэргэ көмөлөһө тураргытыгар, кинилэргэ бигэ тирэх уонна өйөбүл буоларгытыгар баҕарабыт.

Дьааҥы улууһуттан Потаповтар:

– Биһиги манна Дьааҥы улууһуттан кэлбиппит. Барытын олус сөбүлээтибит. Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киин үлэһиттэригэр барыларыгар улахан махталбытын уонна үтүө баҕа санааларбытын тириэрдэбит.  Кылаабынайа, оҕобут астынна – биир да дьарыгы көтүппэтэ. Исписэлиистэр үтүө санаалаахтар, аһаҕастар. Киин өссө да сайда турарыгар баҕарабыт.

Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: