АЛРОСА, Саха сирин учуонайдара ойуур баһаардарын үөрэтэллэр
2020-2021 сылларга Саха сиригэр ойуур баһаарын ахсаана муҥутуур элбээтэ. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата федеральнай киин өйөбүлүнэн уот күөдьүйүүтүн сэрэтиигэ уонна уот алдьархайын утары охсуһууга үлэтин биллэ тэтимиртэ.
Саха сирин бары олохтоохторун долгутар кыһалҕаттан АЛРОСА эмиэ туора турбата, алмаастаах хампаанньа тулалыыр эйгэҕэ ойуур баһаарын содулун дьайыытын чинчийэргэ ылыста.
Ол курдук, АЛРОСА учуонайдарга бастакы суолталаах соругу туруорда. Ол эбэтэр учуонайдар ойуур баһаарын өр кэмнээх кэтээн көрүү пуондаҕа баар чахчыларын сөргүтүү, урукку уонна билиҥҥи баһаардар буолбут сирдэрин чинчийии, хонуу уонна лаборатория үлэлэрин толору ыытыы, баһаары утары охсуһууга туох үлэлэр ыытыллыбыттарын уонна билигин онно туох уларыйыылар тахсыбыттарын үөрэтии үлэтин ыыталлар. Бу барыта айылҕаҕа тугунан көмөлөһүөхпүтүн сөбүн туһунан ыйытыыга хоруйу ылар кыаҕы биэриэҕэ.
«Биһиги, экологтар, ыытар биир дьаһалбытынан билим элбэх өрүттээх чинчийэр үлэтэ буолар. Тоҕо диэтэххэ, ойуур баһаардара диэн, салгыҥҥа углекислай гаас быраҕыллыыта эрэ буолбатах. Биһиги баһаардар түмүктэригэр экокомплекска барытыгар ханнык куттал суоһууруй диэн боппуруоһу туруордубут. Баһаардар бары өрүттээх дьайыыларын, айылҕа төһө кэминэн бэйэтин чөлүгэр түһэринэр кыахтааҕын, онуоха көмөлөһөр наадатын-суоҕун чинчийиэхтээхпит. Чөлүгэр түһэрии үлэтин эрэйэр ойуурдарга көмөлөһөргө төһө түргэнник ылсыахтаахпытын билиэхтээхпит. Бу ыйытыыларга барытыгар хоруйу булар туһугар икки сылга суоттанар улахан үлэбитин саҕалаатыбыт», – диэн АЛРОСА Экологияҕа киинин салайааччыта Полина Анисимова кэпсээтэ.
Биир кэлим чинчийиилэри саҕалааһын
«АЛРОСА-ны кытары сөбүлэһии чэрчитинэн, биһиги ойуур баһаардара тахсар төрүөттэрин, баһаар буолбут сирдэрин, ахсааннарын, төһө киэҥ сири ылбыттарын уонна дьайыыларын үөрэтэбит. Куруҥнар оһо үүнэр кэмнэрин, от-мас хаһан быгарын, гидрологическай усулуобуйалар хайдах уларыйалларын, ирбэт тоҥҥо дьайыылары кытта сибээстээх чинчийиилэри ыытар улахан суолталаах. Биһиги баһаардар барбыт сирдэрин туруктарын эрэ буолбакка, кырыс, уу, дьапталҕалар, салгын химическэй састааптарын чинчийэбит. Ханнык бэссэстибэлэр үөскүүллэрин, ууга суураллалларын эбэтэр хаалалларын, ол тулалыыр эйгэҕэ хайдах дьайарын көрүөхтээхпит. Фауна туругун үөрэтэбит, онуоха биһиэхэ энтомологтар, орнитологтар, териологтар үлэлииллэр. Бу – биир кэлим чинчийии.
Биһиэхэ ааспыт кэмнэри кэрэһэлиир пуондаҕа сытар чахчылар бааллар, ол гынан баран чөлүгэр түһэриллиэхтээх кыһалҕалар эмиэ үөскүүллэр. АЛРОСА өйөбүлүнэн ыытыллар чинчийиилэр түмүктэринэн ылыллыбыт чахчылары үөрэтии кэнниттэн баһаардар ханна уонна тоҕо үөскүүллэрин, ол кэнниттэн ойуур хайдах чөлүгэр түһэрин туһунан билиэхпитин сөп», – диэн научнай-чинчийэр үлэ салайааччыта,
РНА СС криолитозона биологическай чинчийиитин институтун дириэктэрин солбуйааччы Александр Петрович Исаев сиһилии кэпсээтэ.
Ол курдук, былырыын учуонайдар Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Горнай, Хаҥалас, Үөһээ Дьааҥы уонна Аллайыаха улуустарын сирдэригэр-уоттарыгар эспэдииссийэлэри тэрийбиттэрэ. Ону сэргэ кинилэр Горнай улууһугар, холобур, Бэс Күөлүн таһыгар, стационарнай чинчийиилэри ыыталлар. Быйыл Алдан, Нерюнгри, Аллайыаха (сорҕотугар) улуустарыгар, Өлүөнэ очуостарын сиригэр-уотугар үлэлэр бардылар. Ону таһынан Өлөөн улууһугар эспэдииссийэ ыытыллара былааннанар.
«Эспэдииссийэлэри сэргэ боруобалар анаалыстара оҥоһуллаллар уонна түмүктэр таһаарыллаллар. Ылбыт түмүктэрбитин хампаанньаҕа ахсынньы 20 күнүгэр диэри туттарыахтаахпыт. Ол эрээри, онуоха диэри Экология министиэристибэтигэр научнай-тиэхиньиичэскэй сэбиэт сыанабылын ылыахпытын наада», – диэн учуонай бэлиэтээн эттэ.
Ойуур баһаарын утары охсуһуллуохтаах дуо?
Сэбиэскэй кэм саҕана ойууру өттөөһүн көхтөөхтүк ыытыллара, ити баһаар кутталын намтатар тиэхиньиичэскэй ньымалартан биирдэстэрэ этэ. Ол гынан баран, билигин өртөөһүн бобуллар, бу туһунан мөккүөр билигин да салҕаммытын иһин, өртөөһүн элбэх буортуну аҕалар диэн сыаналыыллар.
«Саха сиригэр сөҥүү биллэ аҕыйахтык түһэр. Ол иһин, ыҥырыы ардахтар туһалаах уонна суолталаах дьаһалынан ааҕыллаллар.
Өссө биир түгэн – антропогеннай майгыннаах баһаардар үөскээһиннэрин сэрэтии. Үөттээһин, соруйан уматыы, дьалаҕай быһыы эмиэ бааллар, кинилэр баһаар уопсай ахсааныттан аҥаарыгар төрүөт буолаллар. Бу Саха сирин киин өттүгэр ордук биллэр. Манна баһаардар ордук элбэхтик тахсаллар, ол гынан баран аҕыйах сиргэ-уокка үөскүүллэр. Оннук баһаардары түргэнник суох оҥороллор. Баһаардар иккис аҥаардара – этиҥнээх ардахтан күөдьүйбүт баһаардар, маннык уот олус кутталлаах.
Баһаары утары охсуһар наада. Онуоха өр сыллаах ирбэт тоҥ уонна ол туруктаахтык сайдар усулуобуйатыгар ойуур туһунан сокуон бэйэтин оруолун ылыа этэ», – диэн учуонай кэпсээтэ.
«Баһаар үөскүүрүн ойуур бэйэтэ этэн биэрэр»
«Үгүс түгэҥҥэ уопсастыбаннас, учуонайдар, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр ойуур баһаарын хабаанын улаатыннараллар. Ойуур баһаардара суохтара буоллар, үүнээйи да, ойуур да суох буолуо этилэр. Тоҕо диэтэххэ, Саха сиригэр сытыйыы-эмэҕирии хаамыыта олус бытааннык барар. Ол иһин, элбэх оттук мунньуллан иһэр. Чуолаан ити ойуур баһаарын сибикитинэн буолар», – диэн Александр Исаев иһитиннэрдэ.
Ааспыт сыл үлэлэрин түмүгүнэн учуонайдар бэлиэтээбиттэринэн, былырыын умайбыт сирдэргэ от-мас быкпатаҕын кэриэтэ. Онтон быйыл куруҥнарга кучу чэй үүммүт. Александр Петрович этэринэн, бэс, атын үүнээйилэр уонна муох, лабыкта сорох көрүҥнэрэ быгаллар. Кинилэри кытта хатыҥ, бэс, тиит үүнэн бараллар. Салгыы өссө күүскэ үүнэллэрин бэлиэтии көрүөххэ сөп, кинилэр 3-4 сылынан туорахтаах үүнээйилэринэн солбуллаллар. 10-15 сылынан араас оттоох, туорахтаах үүнээйилэр, сэппэрээк, мас араас боруодата тахсаллар. Элбэх хатыҥ быыһынан бэс уонна тиит үүнэллэр. 120 сылынан ойуур төрүт олоҕун ылар.
«Баһаар кэнниттэн ойуур 90-95% ыарыыта суох чөлүгэр түһэр. Онтон ойуур 5-10% тута чөлүгэр түспэт, киһи аймах кыттыһыан наада. Эбиитин антропогеннай дьайыы баар буолуохтаах. Холобур, баайдаах сири туһанааччылар ойуур чөлүгэр түһэригэр дьайар миэрэлэри ылыахтаахтар. Онуоха биһиги АЛРОСА итинник үлэни хас да сыл устата ыыппытын билэбит», – диэн учуонай бэлиэтээн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: