АЛРОСА сэдэх көтөрдөрү харыстыырга көмөлөһөр

Share

Билигин кыыллар уонна үүнээйилэр үгүс көрүҥнэрэ өлөр-сүтэр уһукка тиийбиттэрэ хомолтолоох. Флора уонна фауна сорох көрүҥнэрэ инникитин мусуой чуучалаларыгар эрэ кубулуйуохтарын сөп. Кыһыл кинигэҕэ киирэр кыыллар уонна үүнээйилэр сүтэр кутталлара сылтан сыл аайы улаатарыттан дьон-сэргэ улаханнык долгуйар буолла. Онуоха АЛРОСА хампаанньа ити кыһалҕаны быһаарарга туох оруоллааҕын биһиги матырыйаалбытыгар билсиҥ.

Болҕомто киинигэр – алтан харах

«АЛРОСА салайааччылара быһаччы кыттыылаах айылҕа харыстабылыгар үлэлэрэ – хампаанньа үлэтин дьоһун суолталаах хайысхаларыттан биирдэстэрэ. Биһиги былырыын бу үлэбитин кэҥэтэргэ быһаарыммыппыт уонна Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит кыылларга болҕомтобутун уурбуппут. Кыһыл кинигэҕэ киирбит кыыл-сүөл хампаанньа үлэлиир сиригэр-уотугар баарын-суоҕун учуонайдартан туоһуласпыппыт. Онуоха РНА СС Криолитозона биологическай проблемаларыгар института Мууна өрүс салаатыгар пискулька-хаас баарын бигэргэппитэ. Кыһыл кинигэҕэ киирбит бу көтөрү харыстыыр­га көмө наада эбит этэ. Онон 2022 сыллаахха алтан хараҕы чинчийиини үлэбит хайысхатыгар киллэрэргэ быһаарыммыппыт», – диэн АЛРОСА Экологияҕа киинин салайааччыта Полина Анисимова кэпсиир.

Алмааһы хостооччу наукаҕа чинчийэр үлэлэри эбэтэр мониторинг үлэлэрин ыытыахтаах диэн сокуон эбээһинэстээбэт. Ол гынан баран, АЛРОСА бэйэтин баҕатынан экология эйгэтигэр эбэһээтэлистибэлэри ылыммыта. Ол эбэтэр, кыылы-сүөлү харыстааһыны, мониторины кытта сибээстээх чинчи­йэр, бырактыычаскай үлэлэри, тэрээһиннэри ыытар. Ол иһигэр, хотугу кыыл табаҕа мониторинг, 2018 сылтан өрүстэргэ балыктар ыамаларын киэҥник ыытыы. Кэнники сылларга АЛРОСА, ааспыт биэс сылы кытта тэҥнээтэххэ, экологияҕа аналлаах бырайыактарга бэйэтин кылаатын икки төгүл ­­улаатыннарда.

Алтан харах ханна кыстыырый?

«2022 сыллаахха хампаанньа үлэлиир сиригэр пискульканы үөрэтэр уонна харыстыыр туһунан АЛРОСА уонна биһиги институппут икки ардыгар дуогабар түһэрсибиппит.
Кытайга биир идэлээхтэрбит 2020 сыллаахха “Wild Fawn” сурунаалга бэчээттээбит матырыйаалларын үөрэтэн уонна Саха сиригэр эспэдииссийэни ыытан баран, алтан харах ахсаана аҕыйыырыгар улахан көтөрдөр ортолоругар өлүү элбэҕэ оруоллааҕын бигэтик дакаастаабыппыт. Ол төрүөттэр көтөрдөр тохтуур уонна кыстыыр сирдэригэр бааллар, ол эбэтэр Саха сиригэр уйаланар сиригэр ханнык да мөкү дьайыылары булбатахпыт», – диэн наука ыстаарсай үлэһитэ, биология наукатын хандьыдаата, РНА СС ИБПК көтөрдөр харыстабылларыгар уонна мониториныгар бөлөх сала­йааччыта Евгений Шемякин кэпсиир.
2022 сылга диэри Саха сирин орнитологтара көтөрдөр кыстыыр сирдэрин туһунан чопчу чахчылара суоҕа, көтөр арҕаа дуу, илин дуу популяцияҕа сыһыан­нааҕын эмиэ билбэттэрэ. Дьиҥ чахчыны аргыс-передатчиктар көмөлөрүнэн билбиттэрэ – биһиги пискулькаларбыт илиҥҥи популяцияҕа сыһыаннаахтарын быһаарбыттара. Чуолаан аргыс-технологиялар пискулька Кытайга, Поянху уонна Дунтинху күөллэргэ кыстыылларын бигэргэппиттэрэ. GPS-трекердэр көрдөрөллөрүнэн, алтан харах күһүн Мууна өрүс Сииктээх бөһүөлэгин диэки көтөр. Манна арыыларга хаастар уһун айаннарыгар бэлэмнэнэнэллэр. Мантан кинилэр өссө биир уһуннук тохтуур сирдэригэр Кытай Хотугулуу-Илиҥҥи өттүгэр Харбин куорат оройуонугар көтөн кэлэллэр. Манна эмиэ эбии сыа саппааһын иҥэринэн баран, бүтэһик пууннарыгар – кыстыыр сирдэригэр тиийэллэр. Кинилэр күөллэргэ алтынньы саҥатыттан кулун тутар саҥатыгар диэри сылдьаллар, онтон Муунаҕа төннөн кэлэллэр.
«Трекердэр көмөлөрүнэн биһиги кинилэр олохсу­йар чопчу сирдэрин биллибит. Аныгыскы эспэдииссийэ кэмигэр ханнык үүнээйинэн аһылыктаналларын үөрэтиэхпит», – диир Евгений Шемякин.

Саха сирин уонна Кытай икки ардыгар «көтөрдөр кэпсэтиилэрэ»

Быйыл ахсынньыга Саха сирин орнитологтара Кытайга биир идэлээхтэрин кытары алтан харахтар кыстыыр сирдэрин чопчулаары трекердэр чахчыларын анаалыстыахтара. Онтон салҕыы, кыталыктары харыстыыр үлэни ыыппыттарын курдук, алтан хараҕы элбэтиигэ үлэ ыытыллыаҕа.
«Алтан хараҕы быыһыыр­га барыллаан былааннары Кытайга оҥоруохпут. Онно АЛРОСА, биһиги институппут уонна Поянхку күөл заповеднигын икки ардыларыгар меморандумҥа илии баттыахпыт. Биһиги алтан харах олоҕун-дьаһаҕын туһунан элбэх иһитиннэриини билиэх­питин наада уонна кини ахсаа­нын оҥоһуу (искуственнай) ньыманан элбэтэр: уйатыттан сымыыттары ылан үөскэтэр наадатын дуу, суоҕун дуу быһаа­рыахпыт. Бу барыта хонуу усулуобуйатыгар оҥоһуллар. Маннык үлэ уопута хайыы үйэ баар», – диир Евгений Шемякин.

Олохсуйар сирдэрин харыстааһын

Саха сиригэр алтан харах уйаланар хас да сирэ баар – Өлөөн, Анаабыр уонна Мууна, Халыма уонна Индигииркэ. Сорох уйаланар сирдэрэ резерваттар учаастактарыгар бааллар.
Алтан харахтар экология өттүнэн ыраас сирдэргэ уйаланаллар. Учуонай бэлиэтээбитинэн, Мууна уута ыраас.
Маннык көтөрдөр быһыыларын-майгыларын, олохторун-дьаһахтарын үөрэтии АЛРОСА-ҕа суолталаах иһитиннэриилэри – тулалыыр эйгэ туругун хаачыстыбатын туһунан чахчыны биэрэр. Тоҕо диэтэххэ, ханнык баҕарар сүтэн эрэр көтөр көрүҥүн быыһыырга, бастатан туран, кини сылдьар сирин харыстыахха наада. Сүрүнэ, холбоһуктаах күүһүнэн пискулька илиҥҥи популяцията сүппэтин ситистибит. Кытайдааҕы биир идэлээхтэрбит итэҕэстэри көннөрөллөр, меморандум үс өрүтэ Кыһыл кинигэҕэ киирбит бу хааһы харыстыырга эппиэтинэһи ылла. Учуонайдар уонна АЛРОСА хампаанньа холбоһуктаах үлэлэрэ туһаны аҕаларыгар эрэнэбит.

Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

6 часов ago