АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ үлэлиир туһунан саҥа Сөбүлэһиигэ илии баттаата.
Үс өрүттээх докумуон урут олоххо киллэриллибит Сөбүлэһии салгыытынан буолар уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын тылларын, култуураҕа нэһилиэстибэлэрин уонна үгэстэрин туруктаахтык сайыннарар усулуобуйаны тэрийиигэ хайысхаланыаҕа.
Чуолаан, АЛРОСА биэрэр үбэ “СӨ эбээннэрин сойууһа” уопсастыбаннай тэрилтэ, “Ярхадана” дьүкээгирдэр аһымал пуондаларын, СӨ долганнарын ассоциациятын, «Ассоциация лыгъоравэтльат (чукчей)» эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ, русскоустьелар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин тэрээһиннэрин үбүлээһиҥҥэ туһаныллыаҕа. Ону таһынан, сөбүлэһии чэрчитинэн, ассоциация ыччакка сэбиэтин тэрээһиннэрин ыытыы, “Кындыкаан” аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттары өйүүр пуонда бырайыактарын олоххо киллэрии былааннаналлар.
«Биһиги хампаанньа уһун кэмҥэ бииргэ үлэлээһин бырагыраамаларын олоххо киллэрэн, Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын улаханнык өйүүр. 2023 сыллаахха аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттары кытары хардарыта бииргэ үлэлээһин салаатыгар аналлаах Бэлиитикэни бигэргэппиппит уонна СӨ бырабыыталыстыбатын, Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары үс өрүттээх бастакы Сөбүлэһиини түһэрсибиппит. Онтон билиҥҥи сөбүлэһии чэрчитинэн, хампаанньа хотугу норуоттар тылларын, култуураҕа нэһилиэстибэлэрин уонна үгэстэрин харыстабылыгар аналлаах тэрээһиннэри салгыы үбүлүөҕэ”, — диэн АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев бэлиэтээн эттэ.
АЛРОСА үгүс сыллар усталарыгар Саха сирин Арктикатын улуустарыгар тус сыаллаах үбүнэн көмөнү оҥорон, көхтөөхтүк өйөөн кэллэ. Хампаанньа кэнники 6 сылга Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттара түөлбэлээн олорор улуустарыгар уонна сирдэригэр-уоттарыгар 1 миллиартан тахса суумалаах тус сыаллаах көмөнү оҥордо. Ону таһынан дьоһуннаах социальнай эбийиэктэри: Дьааҥы улууһугар оҕо уһуйааннарын, Баатаҕай бөһүөлэгэр уонна Эдьигээн сэлиэнньэтигэр мэдиссиинэ тэрилтэлэрин, Зырянка бөһүөлэгэр култуура-успуорт комплексын тутууну уонна өрөмүөннээһини үбүлээтэ. Хампаанньа социальнай эбийиэктэри тутар эрэ буолбатах, ону таһынан төрүт норуоттар култуураларын, тылларын уонна фольклордарын харыстааһыны кытта сибээстээх көҕүлээһиннэри көхтөөхтүк өйүүр.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын уонна тус бэйэм ааппыттан АЛРОСА-ҕа туһалаах бииргэ үлэлээһин иһин махтанабын. Хампаанньа экэниэмикэҕэ чэпчэкитэ суох усулуобуйатыгар уочараттаах Сөбүлэһиини түһэрсии хампаанньа социальнай эппиэтинэс тускулларын салгыы бигэтик тутуһар былааннааҕын чаҕылхайдык көрдөрөр.
Бэлиэтээн эттэххэ, алмаастаах хампаанньа социальнай эппиэтинэстээх үлэҕэ-хамнаска эрэ буолбакка, мэлдьи бастакынан суолу тэлээччинэн буолар, нэһилиэнньэҕэ, судаарыстыбаннай, муниципальнай былаас уорганнарыгар уонна Саха сирин бырамыысылыннаска хампаанньаларыгар үтүө холобуру көрдөрөр”, — диэн, СӨ Хотугу норуоттар аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Константин Роббек махтанна.
Кини ону сэргэ АЛРОСА төрүт норуоттары кытары хардарыта бииргэ үлэлииргэ үтүө үөрүйэҕэ алмааһы хостуур хампаанньаларга, ол иһигэр омук дойдуларыгар, интэриэһи уонна үөрүйэҕи ылар баҕаны үөскэтэрин бэлиэтээтэ.
«АЛРОСА – Саха сирин тиһиктээх, бүддьүөтү оҥорор тэрилтэтэ эрэ буолбатах. Хампаанньа бэйэтин үлэһиттэригэр, олохтоох нэһилиэнньэҕэ эппиэтинэстээх сыһыанын, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыанын көрдөрөр. Ону Хотугу норуоттар аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциацияларын кытары бииргэ үлэлээһин салҕанара бигэргэтэр”, — диэтэ Константин Роббек.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: