АЛРОСА тутуулара – үүнэр көлүөнэҕэ үйэлээх бэлэх
Сыл ахсын АЛРОСА Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар үбү угуутунан Саха сиригэр саҥа суоллар, муосталар, социальнай суолталаах эбийиэктэр, олорор дьиэлэр, оҕо былаһааккалара тутуллаллар.
2011-2022 сылларга хампаанньа пуондаҕа 9 миллиартан тахса солкуобайы ыытта. Аҥаардас кэнники икки сылга хас да социальнай эбийиэк тутулунна. Олор ортолоругар:
- Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Култуура киинэ;
- Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр ССРС норуодунай артыыһа Дмитрий Федорович Ходулов аатынан элбэх хайысхалаах култуура-сынньалаҥ киинэ;
- Дьааҥы оройуонун Баатаҕай бөһүөлэгэр терапия уонна оҕо отделениелардаах поликлиника;
- Өлөөн улууһун Харыйалаах сэлиэнньэтигэр оскуола-саад;
- Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһа бааллар.
Уопсайынан, пуонданы кытары бииргэ үлэлээһин кэмигэр 130-тан тахса социальнай суолталаах эбийиэк тутулунна.
Уус Алдаҥҥа Култуура дыбарыаһын аана барыларыгар аһаҕас
Уус Алдаҥҥа былырыын олоххо киирбит Култуура дыбарыаһа бэлиэр 262 тэрээһини ыыта оҕуста. Санатар буоллахха, Василий Васильевич Никифоров аатынан Култуура дыбарыаһа өр кэмҥэ бэйэтэ дьиэтэ суоҕа. Онуоха АЛРОСА хампаанньа үбүлээһининэн дыбарыас саҥа уораҕайа тутуллан, 2022 сыл олунньутугар үлэтин саҕалаабыта.
Дыбарыас олоххо киириэҕиттэн ыытыллар тэрээһиннэр таһымнара үрдээн, көрөөччүлэр сүргэлэрэ көтөҕүллэн, эбийиэк уу чуумпутук турбут күнэ суоҕун кэриэтэ.
Максим Гоголев, Култуура дыбарыаһын дириэктэрэ:
– Биһиги материальнай-тиэхиньиичэскэй базабыт сайдыыта, саҥа үлэһиттэр, исписэлиистэр эбиллиилэрэ, ыытыллар тэрээһиннэр таһымнара үрдээһинэ, кыттааччылар, көрөөччүлэр эбиллээһиннэрэ – бу маннык айымньылаах үлэбитигэр, үүнэрбитигэр-сайдарбытыгар Култуурабыт саҥа дыбарыаһа төһүү күүһүнэн буолар. Онон, дыбарыаспыт үбүлээһинин тэрийбит АЛРОСА аахсыйалаах хампаанньаҕа В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Тойон Мүрү Култуура дыбарыаһын бары үлэһиттэрин ааттарыттан барҕа махталбытын тириэрдэбит.
Күн бүгүн дыбарыаска үлэлиир түмсүүлэр итиэннэ куруһуоктар ахсааннара 25 тэҥнэстэ. Манна үҥкүүттэн саҕалаан, ырыаҕа-тойукка барыта 430 киһи дьарыктанар.
Ольга Копырина, Мындааба бөһүөлэгин олохтооҕо:
– Сылы быһа элбэх тэрээһиннэргэ кытынныбыт. Манна үҥкүүлүүбүт уонна көрөөччү быһыытынан элбэх кэнсиэрдэри, тэрээһиннэри кэлэн үөрэ-көтө көрөбүт.
Итиэннэ нэһилиэнньэ олохтоохторун ырыаларын диискэҕэ түһэрэ ыраах сытар нэһилиэктэртэн тиийэ кэлэллэр. Дыбарыас исписэлиистэрин үлэтин сэргииллэр.
Петр Оконешников, Уус Күөл сэлиэнньэтин олохтооҕо:
– Олус үчүгэй дыбарыас. Манна уһуллар ырыабыт табыллар ини диэн үөрэ сылдьабыт. Биһиги сэлиэнньэбитигэр хаһан эмиэ маннык үчүгэй кулууп тутуллан, ыллыахпыт-туойуохпут диэн олохтоохтор күүтэбит, кэтэһэбит.
Маны сэргэ, Култуура дыбарыаһыгар улахан дьон уонна оҕо бибилэтиэкэлэрэ үлэлииллэр. Онон, кинигэ ааҕааччы ахсаана күннэтэ элбээн иһэр.
Снежана Охлопкова, Мүрү 2 №-дээх орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ:
– Сырдык, киэҥ, наһаа үчүгэй бибилэтиэкэҕэ сылдьабыт. Мин манна нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ кэлэбин уонна кэнсиэрдэргэ сылдьааччыбын.
Ити курдук, АЛРОСА уонна Үүнэр көлүөнэ пуондатын холбоһуктаах үлэлэринэн тутуллубут өрөспүүбүлүкэ саҥа тутуулара, эбийиэктэрэ инникитин өссө да элбэх тэрээһиннэринэн дьону-сэргэни үөрдэ туруохтара. Култуура уонна духуобунай сайдыы, үөрэхтээһин, успуорт эйгэлэригэр саҥаттан-саҥа саҕахтар арыллыахтара, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыта инники күөҥҥэ тахсыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: