АЛРОСА тутуулара – үүнэр көлүөнэҕэ үйэлээх бэлэх

Share

Сыл ахсын АЛРОСА Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар үбү угуутунан Саха сиригэр саҥа суоллар, муосталар, социальнай суолталаах эбийиэктэр, олорор дьиэлэр, оҕо былаһааккалара тутуллаллар.

2011-2022 сылларга хампаанньа пуон­даҕа 9 миллиартан тахса солкуобайы ыытта. Аҥаардас кэнники икки сылга хас да социальнай эбийиэк тутулунна. Олор ортолоругар:

  • Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэн­ньэтигэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Култуура киинэ;
  • Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэн­ньэтигэр ССРС норуодунай артыыһа Дмитрий Федорович Ходулов аатынан элбэх хайысхалаах култуура-сынньалаҥ киинэ;
  • Дьааҥы оройуонун Баатаҕай бөһүөлэгэр терапия уонна оҕо отделениелардаах поликлиника;
  • Өлөөн улууһун Хары­йалаах сэлиэн­ньэтигэр оскуола-саад;
  • Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһа бааллар.

Уопсайынан, пуонданы кытары бииргэ үлэлээһин кэмигэр 130-тан тахса социальнай суолталаах эбийиэк тутулунна.

Уус Алдаҥҥа Култуура дыбарыаһын аана барыларыгар аһаҕас

Уус Алдаҥҥа былырыын олоххо киирбит Култуура дыбарыаһа бэлиэр 262 тэрээһини ыыта оҕуста. Санатар буоллахха, Василий Васильевич Никифоров аатынан Култуура дыбарыаһа өр кэмҥэ бэйэтэ дьиэтэ суоҕа. Онуоха АЛРОСА хам­паанньа үбүлээһининэн дыбарыас саҥа уораҕайа тутуллан, 2022 сыл олунньутугар үлэтин саҕалаабыта.
Дыбарыас олоххо киириэҕиттэн ыытыллар тэрээһиннэр таһымнара үрдээн, көрөөччүлэр сүргэлэрэ көтөҕүллэн, эбийиэк уу чуумпутук турбут күнэ суоҕун кэриэтэ.

Максим Гоголев, Култуу­ра дыбарыаһын ди­риэк­тэрэ:
– Биһиги материальнай-тиэхиньиичэскэй базабыт сайдыыта, саҥа үлэһиттэр, испи­сэлиистэр эбиллиилэрэ, ыытыллар тэрээһиннэр таһымнара үрдээһинэ, кыттааччылар, көрөөччүлэр эбиллээһиннэрэ – бу маннык айымньылаах үлэбитигэр, үүнэрбитигэр-сайдарбытыгар Култуурабыт саҥа дыбарыаһа төһүү күүһүнэн буолар. Онон, дыбарыаспыт үбүлээһинин тэрийбит АЛРОСА аах­­­­сы­йалаах хампаанньаҕа В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Тойон Мүрү Култуура дыбарыаһын бары үлэһиттэрин ааттарыттан барҕа махталбытын тириэрдэбит.
Күн бүгүн дыбарыаска үлэлиир түмсүүлэр итиэннэ куруһуоктар ахсааннара 25 тэҥнэстэ. Манна үҥкүүттэн саҕалаан, ырыаҕа-тойукка барыта 430 киһи дьарыктанар.

Ольга Копырина, Мын­дааба бөһүөлэгин олохтооҕо:
– Сылы быһа элбэх тэрээһиннэргэ кытынныбыт. Манна үҥкүүлүүбүт уонна көрөөччү быһыытынан элбэх кэнсиэрдэри, тэрээһиннэри кэлэн үөрэ-көтө көрөбүт.
Итиэннэ нэһилиэнньэ олохтоохторун ырыаларын диискэҕэ түһэрэ ыраах сытар нэһилиэктэртэн тиийэ кэлэллэр. Дыбарыас исписэлиистэрин үлэтин сэргииллэр.

Петр Оконешников, Уус Күөл сэлиэнньэтин олохтооҕо:
– Олус үчүгэй дыбарыас. Манна уһуллар ырыабыт табыллар ини диэн үөрэ сылдьабыт. Биһиги сэлиэн­ньэбитигэр хаһан эмиэ маннык үчүгэй кулууп тутуллан, ыллыахпыт-туойуохпут диэн олохтоохтор күүтэбит, кэтэһэбит.
Маны сэргэ, Култуура дыбарыаһыгар улахан дьон уонна оҕо бибилэтиэ­кэлэрэ үлэлииллэр. Онон, кинигэ ааҕаач­чы ахсаана күннэтэ элбээн иһэр.

Снежана Охлопкова, Мүрү 2 №-дээх орто оскуолатын 4 кылаа­һын үөрэнээччитэ:

– Сырдык, киэҥ, наһаа үчүгэй бибилэтиэкэҕэ сылдьабыт. Мин манна нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ кэлэбин уонна кэнсиэрдэргэ сылдьааччыбын.

Ити курдук, АЛРОСА уонна Үүнэр көлүөнэ пуондатын холбоһуктаах үлэлэринэн тутуллубут өрөспүүбүлүкэ саҥа тутуулара, эбийиэктэрэ инникитин өссө да элбэх тэрээһиннэринэн дьону-сэргэни үөрдэ туруохтара. Култуура уонна духуобунай сайдыы, үөрэхтээһин, ус­­пуорт эйгэлэригэр саҥаттан-саҥа саҕахтар арыллыахтара, өрөспүүбүлүкэ со­циальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыта инники күөҥҥэ тахсыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин буолла

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

3 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

3 часа ago