Салгыы
АЛРОСА учуонайдарга Кыһыл кинигэҕэ киирбит көтөрү харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА учуонайдарга Кыһыл кинигэҕэ киирбит көтөрү харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

Ааптар:
23.08.2024, 09:54
РНА Сибиирдээҕи салаатын криолитозона биологическай кыһалҕаларыгар институтун хаартыската
Бөлөххө киир:

Саха сирин учуонайдара өрөспүүбүлүкэҕэ баар көтөрдөр сэдэх көрүҥнэрин, чуолаан ахсаана аҕыйаан эрэр алтан хараҕы (пискулька) чинчийэр үлэлэрэ салҕанар. Туһааннаах үлэ АЛРОСА бырайыагын салҕыытынан буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы меморандум иитинэн ыытыллар. Алтан харах хампаанньа уонна Саха сирин учуонайдарын улахан болҕомтолоругар сылдьар.

Алтан хараҕы чинчийии, үөрэтии, харыстааһын АЛРОСА Экологическай киинин уонна РНА Сибиирдээҕи салаатын криолитозона биологическай кыһалҕаларыгар институтун кытта 2022 сылтан ыытыллар.

Хампаанньа ыытар чинчи­йиилэрин түмүктэринэн, Мууна өрүс салаатыгар алтан харах уйаланара быһаарыллыбыта. Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит көтөрү харыстыырга көмө наада буолан,  2022 сыллаахха алтан хараҕы чинчийии ороскуотун хампаанньа уйуммута. Туһааннаах  көтөр  ахсаа­на, сэбиэскэй кэми кытары тэҥнээтэххэ, олус аҕыйаабыт.

Бу сэдэх көтөрдөр Саха сиригэр уйаланаллара туох уратылаахтарын, Кытайга ханна кыстыылларын итиэн­нэ ахсаана элбиирэ төһө кэскиллээҕин туһунан  РНА Сибиирдээҕи салаатын крио­литозона биологическай кыһалҕаларыгар институтун старшай научнай үлэһитэ, биологическай наука хандьыдаата, көтөрдөрү кэтээн көрүү уонна харыстаа­һын бөлөҕүн салайааччыта  Евгений Шемякины кытта кэпсэттибит.

«Бүгүҥҥү туругунан, алтан харах ахсаана олус аҕыйаата.  2005  сыллаахха ыытыллыбыт чинчийии түмүгэр биллибитинэн, 68 тыһыынча көтөр (особь) баар эбит буоллаҕына, билиҥҥитэ 6 тыһыынча эрэ хаалбыт.  2022-2023 сылларга Мууна өрүскэ эспэдииссийэ кэмигэр көтөрдөргө датчиктары иилитэлээбиппит.  Бу биһиэхэ көтөрдөр көһүүлэрин, чопчу ханан ааһалларын уонна кыһыҥҥы олохсуйар сирдэрин туһунан чахчылары ылар кыаҕы биэрбитэ. Онно биһиги көтөрдөрбүт Кытайга Поянху, Дунтинку уонна  Шенчженху күөллэргэ кыстыыллара биллибитэ», – диэн  Евгений Шемякин кэпсээнин саҕалыыр.

Көтөрдөр ханна кыстыыллара быһаарыллыбытын кэнниттэн, АЛРОСА көҕүлээһининэн, РНА СС Криолитозона биологическай проблемаларыгар институтун уонна Поянху күөл национальнай пааркатын кытары бииргэ үлэлээһин туһунан үс өрүттээх меморандум түһэрсиллибитэ. Стратегическай бииргэ үлэлээһин сэдэх көтөрдөр көһөр, тохтуур суолларын, кыстыыр сирдэрин чопчу быһаарарга көмөлөөх. Туһааннаах сөбүлэһии иитинэн, оробуо­чай бөлөх тэриллэн, манна Арассыыйа, Саха сирин, Кытай, Япония учуонайдара, испи­сэлиистэрэ киирбиттэрэ. Күн бүгүн алтан хараҕы харыс­тааһыҥҥа дьаһал былаана оҥоһуллар.

«2022-2023 сылларга хаас­тар уйаланар сирдэрин булбуппут.  2005 сылы кытта тэҥнээтэххэ, саҥа уйаланар сирдэрэ биллибитэ. Урут этэн аһарбытым курдук, туһаан­наах хаастар тыҥырах­таах көтөрдөртөн олус тутулук­таахтар.  Наукаҕа “эффект зонтика” диэн тиэрмин баар, ол аата  туһааннаах көтөр бэйэтигэр көмүскэтээччини, араҥаччылааччыны көрдүүр.  Алтан хараҕы араҥаччылыыр көтөрүнэн сапсан (мохсоҕол бөлөҕө) итиэннэ быйыл быһаарбыппыты­нан, өссө сар (канюк-зимняк) буолар. Интэриэһинэйэ диэн,  90-с сылларга диэри сапсан ахсаана аҕыйах этэ,  2005 сылга  600 км үс уйа баара биллибитэ.   Бу сырыыга тыҥырахтаах көтөр уйата быдан элбээбитин көрдүбүт. Онон, бу алтан харахха эмиэ  дьайбыта көстөр, кинилэр Мууна баһыгар уйаланар буоллулар», – диэн учуонай эбэн эттэ.

Шемякин бэлиэтээбитинэн, эспэдииссийэ кэмигэр 2005 сыллааҕар аҕыйах уйаны булбуттар. Учуонайдар уйаланар сирдэр тарҕаныыларын, көтөр ахсаана туохтан сыл­таан аҕыйыырын үөрэтэллэр, чинчийэллэр. Холобур, бу ки­­лиимэт уларыйыыта, сорох кыыллар ахсааннара элбээһиннэрэ, алтан харах сиир үүнээ­йилэрин  кээһэниитэ, суох буолуута уонна да атын фактордар буолуохтарын  сөп. Онон, билигин көтөрдөр кыстыыр сирдэригэр – Кытайга чинчийии үлэлэрин ыытыахха наада.

«Көтөрдөр олорор сирдэрин ымпыгар-чымпыгар тии­йэ чинчийиллиэхтээх. Саха сиригэр уонна Кытайга.  Чопчу олорор сирдэрин, тугу аһыылларын-­сииллэрин барытын көрүөххэ-истиэххэ наада. Холобур, көтөрдөр туһаан­наах күөллэргэ  ас буларга ыарахаттары көрсөллөр дии саныыбыт. Тоҕо диэтэр, Кытай ити күөллэргэ устар ааллары сырытыннарар буолла. Бу гидро-эрэ­сиимҥэ дьайар.  Алтан харах тумса кылгас, онон дириҥ ууга ас булан аһыырыгар ыарахаттардаах», – диир Шемякин.

Көтөрдөр төрөөбүт-ууһаа­быт сирдэригэр  талаһаллар. Онон, тута атын сиргэ барара, көһөрө ыарахаттар­даах. Ол гынан баран датчиктар көрдөрөллөрүнэн, саҥа сиргэ баран олоруулара элбээбит.  Холобур, алтан харах оҕолоро Муунаттан атын сиргэ, Моторчуна өрүскэ бааллара билиннэ.

“Биһиги даннайдарбыт Кытай учуонайдарын иһитиннэриилэрин кытары биир сибээс­тээхтэр. Инникитин сэдэх көтөрдөр ахсааннара аҕыйааһынын тохтотуохпут дии саныыбын», – диэн  Евгений Шемякин кэпсээнин  түмүктээтэ.

Андрей Шилов суруйуутуттан тылбаас

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 64% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: