Саха сирин учуонайдара өрөспүүбүлүкэҕэ баар көтөрдөр сэдэх көрүҥнэрин, чуолаан ахсаана аҕыйаан эрэр алтан хараҕы (пискулька) чинчийэр үлэлэрэ салҕанар. Туһааннаах үлэ АЛРОСА бырайыагын салҕыытынан буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы меморандум иитинэн ыытыллар. Алтан харах хампаанньа уонна Саха сирин учуонайдарын улахан болҕомтолоругар сылдьар.
Алтан хараҕы чинчийии, үөрэтии, харыстааһын АЛРОСА Экологическай киинин уонна РНА Сибиирдээҕи салаатын криолитозона биологическай кыһалҕаларыгар институтун кытта 2022 сылтан ыытыллар.
Хампаанньа ыытар чинчийиилэрин түмүктэринэн, Мууна өрүс салаатыгар алтан харах уйаланара быһаарыллыбыта. Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит көтөрү харыстыырга көмө наада буолан, 2022 сыллаахха алтан хараҕы чинчийии ороскуотун хампаанньа уйуммута. Туһааннаах көтөр ахсаана, сэбиэскэй кэми кытары тэҥнээтэххэ, олус аҕыйаабыт.
Бу сэдэх көтөрдөр Саха сиригэр уйаланаллара туох уратылаахтарын, Кытайга ханна кыстыылларын итиэннэ ахсаана элбиирэ төһө кэскиллээҕин туһунан РНА Сибиирдээҕи салаатын криолитозона биологическай кыһалҕаларыгар институтун старшай научнай үлэһитэ, биологическай наука хандьыдаата, көтөрдөрү кэтээн көрүү уонна харыстааһын бөлөҕүн салайааччыта Евгений Шемякины кытта кэпсэттибит.
«Бүгүҥҥү туругунан, алтан харах ахсаана олус аҕыйаата. 2005 сыллаахха ыытыллыбыт чинчийии түмүгэр биллибитинэн, 68 тыһыынча көтөр (особь) баар эбит буоллаҕына, билиҥҥитэ 6 тыһыынча эрэ хаалбыт. 2022-2023 сылларга Мууна өрүскэ эспэдииссийэ кэмигэр көтөрдөргө датчиктары иилитэлээбиппит. Бу биһиэхэ көтөрдөр көһүүлэрин, чопчу ханан ааһалларын уонна кыһыҥҥы олохсуйар сирдэрин туһунан чахчылары ылар кыаҕы биэрбитэ. Онно биһиги көтөрдөрбүт Кытайга Поянху, Дунтинку уонна Шенчженху күөллэргэ кыстыыллара биллибитэ», – диэн Евгений Шемякин кэпсээнин саҕалыыр.
Көтөрдөр ханна кыстыыллара быһаарыллыбытын кэнниттэн, АЛРОСА көҕүлээһининэн, РНА СС Криолитозона биологическай проблемаларыгар институтун уонна Поянху күөл национальнай пааркатын кытары бииргэ үлэлээһин туһунан үс өрүттээх меморандум түһэрсиллибитэ. Стратегическай бииргэ үлэлээһин сэдэх көтөрдөр көһөр, тохтуур суолларын, кыстыыр сирдэрин чопчу быһаарарга көмөлөөх. Туһааннаах сөбүлэһии иитинэн, оробуочай бөлөх тэриллэн, манна Арассыыйа, Саха сирин, Кытай, Япония учуонайдара, исписэлиистэрэ киирбиттэрэ. Күн бүгүн алтан хараҕы харыстааһыҥҥа дьаһал былаана оҥоһуллар.
«2022-2023 сылларга хаастар уйаланар сирдэрин булбуппут. 2005 сылы кытта тэҥнээтэххэ, саҥа уйаланар сирдэрэ биллибитэ. Урут этэн аһарбытым курдук, туһааннаах хаастар тыҥырахтаах көтөрдөртөн олус тутулуктаахтар. Наукаҕа “эффект зонтика” диэн тиэрмин баар, ол аата туһааннаах көтөр бэйэтигэр көмүскэтээччини, араҥаччылааччыны көрдүүр. Алтан хараҕы араҥаччылыыр көтөрүнэн сапсан (мохсоҕол бөлөҕө) итиэннэ быйыл быһаарбыппытынан, өссө сар (канюк-зимняк) буолар. Интэриэһинэйэ диэн, 90-с сылларга диэри сапсан ахсаана аҕыйах этэ, 2005 сылга 600 км үс уйа баара биллибитэ. Бу сырыыга тыҥырахтаах көтөр уйата быдан элбээбитин көрдүбүт. Онон, бу алтан харахха эмиэ дьайбыта көстөр, кинилэр Мууна баһыгар уйаланар буоллулар», – диэн учуонай эбэн эттэ.
Шемякин бэлиэтээбитинэн, эспэдииссийэ кэмигэр 2005 сыллааҕар аҕыйах уйаны булбуттар. Учуонайдар уйаланар сирдэр тарҕаныыларын, көтөр ахсаана туохтан сылтаан аҕыйыырын үөрэтэллэр, чинчийэллэр. Холобур, бу килиимэт уларыйыыта, сорох кыыллар ахсааннара элбээһиннэрэ, алтан харах сиир үүнээйилэрин кээһэниитэ, суох буолуута уонна да атын фактордар буолуохтарын сөп. Онон, билигин көтөрдөр кыстыыр сирдэригэр – Кытайга чинчийии үлэлэрин ыытыахха наада.
«Көтөрдөр олорор сирдэрин ымпыгар-чымпыгар тиийэ чинчийиллиэхтээх. Саха сиригэр уонна Кытайга. Чопчу олорор сирдэрин, тугу аһыылларын-сииллэрин барытын көрүөххэ-истиэххэ наада. Холобур, көтөрдөр туһааннаах күөллэргэ ас буларга ыарахаттары көрсөллөр дии саныыбыт. Тоҕо диэтэр, Кытай ити күөллэргэ устар ааллары сырытыннарар буолла. Бу гидро-эрэсиимҥэ дьайар. Алтан харах тумса кылгас, онон дириҥ ууга ас булан аһыырыгар ыарахаттардаах», – диир Шемякин.
Көтөрдөр төрөөбүт-ууһаабыт сирдэригэр талаһаллар. Онон, тута атын сиргэ барара, көһөрө ыарахаттардаах. Ол гынан баран датчиктар көрдөрөллөрүнэн, саҥа сиргэ баран олоруулара элбээбит. Холобур, алтан харах оҕолоро Муунаттан атын сиргэ, Моторчуна өрүскэ бааллара билиннэ.
“Биһиги даннайдарбыт Кытай учуонайдарын иһитиннэриилэрин кытары биир сибээстээхтэр. Инникитин сэдэх көтөрдөр ахсааннара аҕыйааһынын тохтотуохпут дии саныыбын», – диэн Евгений Шемякин кэпсээнин түмүктээтэ.
Андрей Шилов суруйуутуттан тылбаас
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038