Салгыы
АЛРОСА уонна Үүнэр көлүөнэ пуондата: кэскил туһугар – бииргэ

АЛРОСА уонна Үүнэр көлүөнэ пуондата: кэскил туһугар – бииргэ

13.11.2022, 09:00
Бөлөххө киир:

1992 сыл алтынньы 29 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын тэрийэр туһунан» Ыйааҕа тахсыбыта. АЛРОСА көмөтүнэн 30 сыл устата Саха сиригэр 130-тан тахса социальнай эбийиэк тутулунна уонна өрөмүөннэннэ.

Саха сирин алмаастаах хампаанньата хайыы үйэ 30 сыл устата пуонда бүддьүөтүгэр үп киириитигэр инники күөҥҥэ сылдьар. АЛРОСА үбүн көмөтүнэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-­уотугар барытыгар социальнай суолталаах дьоһуннаах быра­йыактар олоххо киллэрил­лэллэр, үөрэхтээһин, наука, доруо­буйа харыс­табыла, култуура уонна ус­­пуорт сайдарыгар, оҕолор уонна ыччаттар араас өрүттээх талааннарын арыйарга усулуобуйалар тэриллэллэр.
АЛРОСА уонна Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата 130-тан тахса араас социальнай быра­йыагы олоххо киллэрдилэр. Аҥаардас 2011 сылтан АЛРОСА пуондаҕа 8 миллиартан тахса солкуобайы ыытта. Бу үбүнэн өрөспүүбүлүкэ отут улууһугар оскуолалар, оҕо уһуйааннара, успуорт уонна култуура эбийиэктэрэ, балыыһалар, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииннэр уонна олорор дьиэлэр тутулуннулар уонна өрөмүөннэннилэр.
«АЛРОСА отут сыл устата алмаас хостооһунун сайыннарар, Саха сиригэр оробуочай миэстэлэри таһаарар, нолуоктар уонна дивиденнэр суоттарыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн толорор. Биһиги хампаанньабыт отут сыл устата Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын кытары бииргэ үлэлээн, бэйэтин социальнай инвестицияларын ордук көдьүүстээх оҥорор кыахтаах. Бу холбоһуктаах үлэ көмөтүнэн Саха сирин араас улуустарыгар сыл аайы оскуолалар уонна оҕо уһу­йааннара, мэдиссии­нискэй тэрилтэлэр, Култуура кииннэрэ, ус­­пуорт эбийиэктэрэ тутуллаллар уонна өрөмүөннэнэллэр. Оҕолор уонна ыччаттар кыахтарын арыйарга хайысхаламмыт үөрэх дьоһун суолталаах бырагыраамалара олоххо киирэллэр», – диэн АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов бэлиэтээн эттэ.
Кини ону таһынан Михаил Ефимович Николаев АЛРОСА тэриллэригэр оруолун уонна 1990-с сыллар ортолоругар ырыынак экэниэмикэтигэр хампаанньа ситиһиилээх холбоһуутун санатта. Кини дьоһун суолталаахтар ортолоругар өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын тэрийэр туһунан быһаарыныытын бэлиэтээтэ. Пуонда АЛРОСА-ны кытары күн бүгүҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ хабааннаах социальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ сүрүн оруоллаах.
«АЛРОСА Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын кытары бииргэ үлэлээһиннэрэ биир сыаллаах-соруктаах – Саха сирин баайа-дуола манна олорор дьон барыларын баайа-дуола буоларын туһугар. Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ олохтообутун курдук, хас биирдии киһи сайдарын туһугар. Биһиги кыраайбыт инникитин да этэҥҥэ буоларын туһугар ити үлэни булгуччу салҕыахпыт», – диэтэ Сергей Иванов уонна 30 сыллааҕыта Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ ылыммыт быһаарыылара Саха сирин аныгы алмаастаах бырамыысыланнаһын сайыннарбытын сэргэ, социальнай хайысханы быһаарбыттарын бэлиэтээтэ. АЛРОСА пуонданы кытары үлэлээн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар саамай суолталаах уонна наадалаах социальнай бырайыактарыгар көдьүүстээх өйөбүлү оҥорор кыахтаах.
«Билигин пуонда бырайыактары толорууга, холобур, Киһи хапытаалын сайыннарыыга сүрүн болҕомтотун уурарын бэлиэтиэххэ наада. Чуолаан – «Оҕо саас лабораторията», «СӨ уһулуччу талааннаах оҕолорун буларга уонна өйүүргэ эрэгийиэн­нээҕи киин», «Оҕо инновационнай кииннэрэ», «Үүнэр көлүөнэ паарката», «Инникини оҥоруу» уо.д.а. Бу барыта – судаа­рыстыба, бииси­нэс уонна уопсастыба күүстэрин түмүү, биһигини кытары бииргэ үлэлэһээччилэри өйөөһүн уонна стратегическай соруктары биир киһи курдук ылыныы», – диэн пуонда генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров бэлиэтээтэ.
Бииргэ үлэлээһин кэмигэр куораттарга уонна сэлиэнньэлэргэ нэһилиэнньэ нус-хас олороругар, оҕолор уонна ыччаттар сайдалларыгар көмөлөһөр элбэх социальнай суолталаах быра­йыактар олоххо киирдилэр.
Ордук дьоһуннаахтарга киирэллэр – «Туймаада» стадион, Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан су­­даа­рыстыбаннай цииркэ, «Кыайыы 50 сыла» ус­­пуорт дыбарыаһа, Ийэ уонна оҕо аймах харыстабылын киинэ, Доруобуйаларынан хааччахтаах кырачааннарга уонна оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитационнай киин уо.д.а. Кэнники сылларга Дьааҥы улууһун Баатаҕай бөһүөлэгэр балыыһа комплекса, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф.Ходулов аатынан элбэх хайысхалаах култуурунай-сынньанар комплекс, Уус Алдан улууһун Бороҕон бөһүөлэгэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура киинэ, Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтигэр СӨ Наукатын дьоҕус академиятын үөрэтэр-лабораторнай куорпуһа тутуллан киирдилэр. Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр Култуура дыбарыаһа уонна Дьокуускай куоракка Үүнэр көлүөнэ паарката тутуллаллар.

АЛРОСА пресс-сулууспатын матырыйаалынан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: