Салгыы
АЛРОСА үөрэнээччилэр көҕүлээһиннэрин өйүүр

АЛРОСА үөрэнээччилэр көҕүлээһиннэрин өйүүр

05.06.2023, 09:00
Хаартыска: АЛРОСА пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Билим дьоҕус академиятыгар билим, технология уонна биисинэс тирээн турар сытыы кыһалҕаларын быһаарыыга оскуола талааннаах үөрэнээччилэрин сыһыарар сыаллаах толкуйдаммыт “Сириус. Сайын: бэйэҥ бырайыаккын саҕалаа” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэтэр көҕүлээһин бырагыраамата үлэлиир. Көҕүлээччи партнердартан биирдэстэрэ АЛРОСА хампаанньа холобуругар олоҕуран, үөрэнээччилэр онно бэйэлэрэ толкуйдаабыт бырайыактарын билиһиннэрэллэр.

Дьиҥ олоххо туттуллар чопчу бырайыактар

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Мииринэйдээҕи салаата Политехническай институкка “Сириус. Сайын: бэйэҥ бырайыаккын саҕалаа” федеральнай бырагыраама үһүс түһүмэҕэ түмүктэнэн эрэр. Быйылгы үөрэх дьылыгар өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыттан, РФ атын эрэгийиэннэриттэн, СНГ дойдуларыттан 50-тан тахса үөрэнээччи тус бырагыраамаларын олоххо киллэрэр кыахтанна.

Оҕолор преподавателлэрин уонна настаабынньык устудьуоннар көмөлөрүнэн боччумнаах үлэни ыыталлар. Кинилэр билим уонна оҥорон таһаарыы араас технологияларын тупсаран оҥорууга прикладной моделлары бэлэмнээн көрдөрөллөр.

Бырайыактартан биирдэстэрэ – “Бырамыысыланнай тэрилтэлэр технологическай установкаларын, эниэргийэни харыстыыр математическай моделларын бырайыактарын оҥоруу уонна бэлэмнээһин” диэн. Манна АЛРОСА-ҕа сылдьан, оҕолор, эниэргийэни харыстыырга көмөлөөх ньымалары тобулан, толкуйдаан таһаараллар.

Бырайыагы физика-математика билимин дуоктара, Политехническай институт дириэктэрэ Александр Семенов иилиир-саҕалыыр. Кини ол бырайыакка үс настаабынньык устудьуон уонна Мииринэй, Тюмень, Новосибирскай, Омскай куораттар, Орлов, Астрахань уобаластарын уонна Казахстан оскуолатын 14 үөрэнээччитэ кытта сылдьалларын кэпсээтэ. Бырайыак прикладной хабааннаах уонна информационнай технологиялар көмөлөрүнэн бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр эниэргийэни харыстыыр тиһиктэри оптимизациялыыр сыаллаах. Бүгүн биһиги настаабынньыктартан бэлэмниир бырайыактарын туһунан ыйыталастыбыт.

“Бырамыысыланнай тэрилтэлэр технологическай установкаларын, эниэргийэни харыстыыр математическай моделларын бырайыагын оҥоруу уонна бэлэмнээһин”

Хамаанда настаабынньыга, ХИФУ салаата, МПТИ устудьуона Дарья Казазаева:

– Биһиги АЛРОСА тэрилтэлэрин, алмааһы хостуур уонна сырьену таҥастыыр үлэни хайдах ыыталларын уонна эрэгийиэн бырамыысыланнай тэрилтэлэрин электроэнергетическай тиһиктэрин кытта билистибит. Бу билии биһиэхэ бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр үгэс буолбут (типовой) технологическай установкалары туһаныы бириинсиптэрин өйдүүргэ уонна хампаанньа уопутун билсэргэ көмөлөһөр. Оҕолор таарыйа электротехника тутулларын уонна MatLab математическай моделын оҥорууга туттуллар бырагыраама бакыатын кытта билистилэр, – диэтэ.

Бырайыактыыр бөлөххө Тюмень куораттан “16-с №-дээх гимназия” МАУО 8 кылааһын үөрэнээччитэ Софья Абдалова, 92-с №-дээх орто оскуола 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Герман Клех, 9-с кылаастан – Дмитрий Кривощеков, Егор Хаков, Мииринэйтэн 8-с №-дээх орто оскуола 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Алина Турдахунова киирбиттэр. Кинилэр бырамыысыланнас тэрилтэтигэр туттуллар технологическай установка универсальнай моделын бырайыактаабыттар.

«Бу универсальнай модель төрүтүгэр MatLab Бырагыраама бакыатыгар математическай көрүҥү оҥордулар. Оҕолор билигин бырайыак сыалыгар-соругар сөп түбэһэн, хайа байытар фабрикатыгар кэккэ технологическай дьайыылар биирдиилээн моделларын оҥорууну түмүктээн эрэллэр”, – диэтэ настаабынньыктара.

Мииринэй 12-с №-дээх орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Александра Якушева Мииринэй-Ньурбатааҕы ХБК 3-с хайа байытар фабрикатыгар дьигиһийиини туһанан хааччыйар (вибрационный питатель) тэрил математическай моделын бырайыактыыр. Маннык математическай модель “цифровой двойник” диэн билигин туттулла сылдьар установкаҕа дьүөрэлиир, ол төрүтүгэр тэрил эниэргийэни харыстыыр эрэсиимин чинчийэр кыах үөскүүр.

«Дьарыктарга сылдьан мин моделирование прикладной бырагыраамаларын, АЛРОСА тэрилтэлэрин уонна эбийиэктэрин туһунан элбэх саҥаны, сонунун биллим. Ону таһынан физикаҕа уонна информационнай технологияларга билиибин хаҥаттым”, – диэн Александра тус санаатын үллэстэр.

“Алмааһы арааран ылар фабрикаларга кимберлиттээх урууданы таҥастыыр дьайыылары тупсарыы”

Маннык ааттаах бырайыагы ХИФУ ИМИ 2-с куурсун магистрана, устудьуон-настаабынньык Юрий Подкаменнай салайар хамаандата бэлэмнээбит. Кини хамаандатыгар Мииринэй оройуонун 12-с №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Дьулусхан Мекюрдянов, Виктория Снычева, Дарья Вавилина, политехническай лиссиэй үөрэнээччилэрэ Тихон Дмитриев, Анастасия Тур, 7-с №-дээх СОШ үөрэнээччитэ Дарья Киржаева, МРТК 2-с куурсун устудьуона Владислав Кузнецов бааллар.

“Билим чинчийэр үлэтинэн бэлиэр 11-с сылын дьарыктанабын уонна уопуппун оскуола үөрэнээччилэригэр үллэстэбин. Лиэксийэлэри, маастар-кылаастары, ХИФУ салаата МПТИ “Хайа дьыалата” кафедратын лабаратыарыйатыгар быраактыка дьарыктарын ыытабын. Бырайыак оҥоруунан дьарыктанабыт, ылбыт дааннайдарын сөпкө анаалыстыылларыгар көмөлөһөбүн. “Сириус” бырагыраама чэрчитинэн, үөрэнээччилэрдиин “Алмазавтоматика” СТ-га, Бүлүүтээҕи геолог-чинчийэр эспэдииссийэтигэр, АЛРОСА МНГОК 3-с фабрикатыгар экскурсиялаабыппыт”, – диир Юрий Подкаменнай.

Кини Мииринэй оройуонугар билим-тэхиниичэскэй базата, сүрүннээн, АЛРОСА идэни талыы эйгэтин күүскэ өйүүрүн суотугар сайдарын бэлиэтиир. Ол курдук, оҕолор оҥорор бырайыактарын ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдаан оҥорор, наадалаах саппаас чаастары атыылаһар, дойду, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ баран кыттар, үлэлэрин билиһиннэрэр кыахтаахтарын этэр. Юрий билим-быраактыка кэмпириэнсийэлэригэр эспиэрдэргэ бэлэмнээбит бырайыактарын көмүскүүллэрэ, боруобалаан көрөллөрө ардыгар оскуола үөрэнээччилэрэ билим-тиэхиньикэ өттүнэн сайдалларыгар тутаах үөрүйэҕи биэрэрин бэлиэтиир.

“Бырайыакпыт сепарация кэмигэр алмаас сүтүүтүн кыччатыы экология өттүнэн охсуута суох буоларын ситиһэр сыаллаах. Технологическай дьайыылары боруобалаан көрөр, хонтуруоллуур саҥа ньымалары туһаныы экэнэмиичэскэй көрдөрүү тупсарыгар көмөлөһөр уонна олохтоох оҥоһуу төрүтүгэр табыгастаах тиһиги оҥорор кыаҕы биэрэр. Оҕолор олус көхтөөхтөрүн кинилэр бука бары “Кэскилгэ хардыы” билим-быраактыка кэмпириэнсийэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр тиийбиттэрэ уонна бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэрэ да кэрэһилиир.

Оттон бүтүн Арассыыйа таһымнаах, Бауман аатынан МФТИ-гэ буолбут түһүмэххэ “Хайа байытар фабрикатыгар илдьиритэр комплекс “сыыппара-двойнигын” айан таһаарыы” диэн Тихон Дмитриев уонна Дьулусхан Мекюрдянов “Орто-ыарахан (тяжелосредняй) уонна рентгенолюминесцентнай сепарацияҕа алмаас индикатордарын айан таһаарыы” диэн бырайыактарынан 1-кы истиэпэннээх лауреат буолбуттара, кинилэр үлэлэрэ Арассыыйа үөрэнээччилэрин ортотугар бастыҥынан билиниллибитэ”, – диир Юрий Подкаменнай.

Үөрэнээччилэр бырайыактарын оҥоро сылдьан араас билим-быраактыка кэмпириэнсийэлэригэр кытталлар, оттон бүтэрдэхтэринэ “Сириус. Сайын: бэйэҥ бырайыаккын саҕалаа” Бүтүн Арассыыйатааҕы бырагыраама отчуоттуур кэмпириэнсийэтигэр кытталлар. Бастыҥ бырайыактары тэрээһин тутаах партнера салгыы өйүүр. Холобур, Дьулусхан Мекюрдянов бырайыагын “Анаабыр алмаастара” сэҥээрбит уонна хампаанньа салалтата бырайыагы ситэрэн-хоторон биэрдэҕинэ, тустаах технологияны кинилэргэ боруобалаан көрөргө этии киллэрбит.

Соругу толорорго

“Сириус. Сайын: бэйэҥ бырайыаккын саҕалаа” бырагыраама көхтөөх уонна тус көҕүлээһиннээх оҕолору түмэн, күн бүгүн билим уонна биисинэс иннигэр турар бырайыактаах соруктары толорууга кытыннарар.

“Биһиги академиябыт туһааннаах бырагыраамаҕа көхтөөхтүк ылсыбыта. Күн бүгүн оҕолорбут кэккэ бырайыактары оҥоро сылдьаллар. АЛРОСА – бииргэ үлэлэһэр партнердарбытыттан биирдэстэрэ. Хампаанньа көхтөөхтүк кыттар уонна дьиҥ олоххо, быраактыкаҕа туһалаах соруктары туруорар. Ону олоххо киллэриигэ сыл устата бырайыак бэлэминэн дьарыктанар устудьуоннар, аспырааннар уонна оскуола үөрэнээччилэрэ ылсаллар”, – диэн биһиэхэ СӨ Билим дьоҕус академиятын билимҥэ-методикаҕа отделын начаалынньыга Яна Лаптева иһитиннэрдэ.

“Сириус.Сайын: бэйэҥ бырайыаккын саҕалаа” бырагыраама үөрэнээччилэр технологичекай дьайыыга дириҥник иҥэн киирэллэригэр, бырайыактыыр уонна билим-чинчийэр үлэни баһылыылларыгар, ону таһынан оҥорон таһаарыы чопчу соруктарын нөҥүө ылыахтаах идэлэрин быһаарыналларыгар көмөлөһөр.
Үөрэх дьылын бүтүүтэ, “Техномодуль АЛРОСА” бырагыраама чэрчитинэн, АЛРОСА эспиэрдэрэ кыттыылаах кэмпириэнсийэ буолуохтаах. Онно оҕолор үлэлэрин көрөн, салайыы быһаарыылары ылыллыахтара. Үгүстэр бырайыактарын кэлэр сылга салгыахтара, ону таһынан ону боруобалаан көрүүнү кэҥэтэн биэриэхтэрэ. Үтүө түмүк ситиһилиннэҕинэ, сонун бырайыактары олоххо киллэрэргэ уонна интеллектуальнай үлэ түмүгүн регистрациялатарга сүбэлиэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: