«Дьиэ кэргэнинэн утумнаһыы» хаһан сэҥээриллэрий? Үлэһит династиялар баар буоллахтарына. Кинилэр тоҕо сыаналаналларый?.. Биһиги бу туһунан өрөспүүбүлүкэҕэ олус элбэх үлэни биэрээччи – АЛРОСА алмаастаах хампаанньа холобуругар кэпсэтиэхпит.
АЛРОСА-ҕа утумнааһын, туруктаах буолуу уонна сайдыы чаҕылхай холобурунан буолар үлэһит династиялар тустарынан элбэх кэрэхсэбиллээх кэпсээн баар. Хампаанньа үлэһиттэрэ кырдьаҕас көлүөнэ баай уопутун үлэҕэ туһанар эрэ буолбатахтар, ону сэргэ үлэ түмүктээх буоларыгар ураты эппиэтинэһи сүгэллэрин билэр буолан, мэлдьи өссө үчүгэйдик үлэлииргэ кыһаллаллар.
АЛРОСА хампаанньаҕа хайыы үйэ 20-тэн тахса сыл үлэлиир Ирина Колескина бэйэтин дьиэ кэргэнин туһунан кэпсээтэ.
Барыта 2000 сылтан, Ирина Ивановна үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, дойдутугар Удачнайга эргиллиэҕиттэн саҕаламмыта. Кини Удачнайга 2012 сылга диэри 12 №-дээх хайа-байытар фабрикаҕа бастаан экэнэмииһинэн, онтон тиэхиньиичэскэй-экэнэмиичэскэй былааннааһын бюротун начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт эдэр исписэлиистэрин сэбиэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыта. Билигин Дьокуускайга олорор, АЛРОСА СӨ судаарыстыбаннай былаас уорганнарын кытары үлэҕэ отделыгар үлэлиир. АЛРОСА генеральнай дириэктэрин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
– Эһиги дьиэ кэргэҥҥит үлэһит династиятын устуоруйата хайдах саҕаламмытай?
– Мин аҕам Иван Александрович Кузьмин үлэтин 1976 сылтан Удачнайтан саҕалаабыта. Саха судаарыстыбаннай университетын геологическай-чинчийэр факультетын бүтэрээт да, эдэр исписэлиис Удачнай бөһүөлэккэ кэлбитэ уонна «Якуталмаз» холбоһук «Удачнай» карьерыгар экскаватор машиниһын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ. Кини олоҕун тухары оҥорон таһаарыы үлэтигэр хайа маастарынан, үүттүүр, дэлби тэптэрэр үлэ учаастагын начаалынньыгынан, симиэнэ начаалынньыгынан үлэлээбитэ. 1996 сылга диэри, олоҕун тиһэх сылларыгар Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт бастакы отделыгар начаалынньыктаабыта. Үлэлээбит карьерын куруук төрөөбүт дьиэтин курдук ахтара. Оҥорон таһаарыы соруктарын быһаарыы, эбийиэккэ тустаах үлэ уонна түмсүүлээх, иллээх-эйэлээх кэлэктиип – бу барыта сүргэтин көтөҕөрө, маны барытын олоҕун тухары таптаабыта. Иван Александрович үлэҕэ өҥөтүн иһин үгүс ахсааннаах Бочуотунай грамотанан уонна «Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт үлэҕэ бэтэрээнэ» бочуоттаах аатынан наҕараадаламмыта.
Ийэбит Маргарита Ильинична Кузьмина 40 сыл устата Удачнайдааҕы куорат балыыһатыгар оториноларинголог-бырааһынан үлэлээбитэ. Кини – Удачнай куорат бочуоттаах олохтооҕо, РФ үлэҕэ бэтэрээнэ, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна уонна үтүөлээх бырааһа. АЛРОСА Бочуоттаах бэлиэтинэн наҕараадаламмыта. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан, Удачнайга олорор.
Билигин манна быраатым Александр Иванович Кузьмин дьиэ кэргэнин кытары олорор. Кини оҕо эрдэҕиттэн аҕатын туйаҕын хатаран, «Удачнай» карьерга үлэлиэн баҕарара. Оннук да буолбута – «хайа инженерэ» идэни ылбыта. 2007 сылтан Удачнайга олорор уонна сир аннынааҕы рудникка үлэлиир: бастаан хайа маастардаабыта, вентиляция уонна куттал суох буолуутун тиэхиньикэтин учаастагар начаалынньыктаабыта. Билигин – үүттүүр, дэлби тэптэрэр үлэ отделыгар сүрүннүүр инженер. Аҕабыт курдук, булдунан үлүһүйэр. Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт грамотатынан наҕараадаламмыта. Кини кэргэнэ Вера Иннокентьевна Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт биир кэлим лабораториятын сүрүн инженеринэн үлэлиир.
Удачнайга өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыгар олорор төрөппүттэрдээх эдэр дьиэ кэргэн олус элбэх. Онон, сиэннэри иитэргэ эбээ-эһээ көмөтө олус наадалаах. Ол иһин, биһиги ийэбит билигин оҕо уһуйааныгар, сиэксийэлэргэ уонна куруһуоктарга, начаалынай оскуолаҕа сылдьар сиэннэрин иитэргэ эрэ буолбакка, кинилэр олохторугар кыттар.
– Эһиги төрөппүттэргит олохторун АЛРОСА-ны кытары хайдах ситимнээбиттэрэй?
– Аҕабыт Өлүөхүмэ улууһугар кыракый дэриэбинэҕэ төрөөбүтэ. Ол гынан баран, мэлдьи хайа үлэһитэ буолуон баҕарара уонна ыра санаатын олоххо киллэрбитэ. Хотугу бөһүөлэктэргэ, ол иһигэр
1970-с сыллардааҕы романтика ураты этэ – манна, эмиэ урукку курдук, дойду араас эрэгийиэниттэн кэлбит, салаа сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрсэр эдэр исписэлиистэр бииргэ үлэлииллэр. Мин төрөппүттэрим уонна кинилэр биир идэлээхтэрэ уопсай дьыала туһугар эйэлээхтик уонна омуннаах сүрэхтээх үлэлиир хайдаҕын эдэр саастарыттан билбиттэрэ. Кинилэр оҕолоро уонна сиэннэрэ нус-хас олороллорун уонна астына, дуоһуйа үлэлииллэрин туһугар кэлэр көлүөнэҕэ суолу арыйбыттара.
Биһиги төрөппүттэрбитигэр АЛРОСА куруук бигэ уонна үтүө туруктаах олох мэктиэтэ этэ. Өссө оччолорго бырамыысыланнас ыраах сытар кыра куоратыгар тупсаҕай усулуобуйалаах олох-дьаһах уонна тэрээһиннээх сынньалаҥ бааллара. Үлэһиттэр толору олоҕунан олороллоругар туох наадатын тэрилтэ барытын оҥорбута – араас сиэксийэлэр уонна успуорт сиэксийэлэрэ, култуурунай сынньалаҥ тэриллэллэрэ. Бэйэлэрин идэлэригэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар билиилээх-көрүүлээх исписэлиистэр көмөлөрүнэн оскуола иннинээҕи тэрилтэҕэ уонна оскуолаҕа үөрэтии үрдүк таһымнааҕа. Төрөппүттэр маннык туругу бэйэлэрин оҕолоругар эмиэ баҕарбыттара өйдөнөр, онуоха хампаанньа утары барбыта – дойдуларыгар төннүөн баҕалаах устудьуоннары кытары үрдүк үөрэҕи бүтэрдэхтэринэ үлэ миэстэтин мэктиэлиир дуогабары түһэрсэрэ.
Удачнай олохтоохторугар сынньалаҥы тэрийии хайыы үйэ 1980-с сыллартан саҕалаан куруук тэрээһиннээх этэ. Үгүс оҕо, эмиэ биһиги курдук, куруһуоктарга: спортивнай гимнастикаҕа, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа, мусукаалынай оскуолаҕа, саахымат кулуубугар, үҥкүү норуодунай ансаамбылыгар дьарыктанара. Эдэр ыаллары уонна эдэр исписэлиистэри өйүүр бырагырааманан уопсай дьиэ биэрэллэрэ эбэтэр арыандалыыр дьиэ сорҕотун төлүүллэрэ. Сыл аайы үлэһиттэргэ мэдиссиинискэй көрүү тэриллэрэ. Куораппыт да куруук ыраас уонна киһи кута-сүрэ тохтуур, олорорго табыгастаах.
– Удачнайга ураты сыһыаннааххын. Ол ордук туохтан?
– Удачнай – мин төрөөбүт дойдум. Мин оҕо сааһым ахтылҕана барыта бу куораты кытары ситимнээх. Удачнай куорат уонна Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт мин олохпор олус улахан оруоллаахтар. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэрбин кытары алтыһабыт, үгүстэрэ билигин дойду араас муннугар уонна омук сиригэр олороллор. Удачнайга эдэр исписэлииһинэн кэлиэхтэриттэн бииргэ үлэлээбит доҕотторбут элбэхтэр. Биһиги Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт эдэр исписэлиистэрин сэбиэтин үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыппыт, мэлдьи бэйэ-бэйэбитин өйүүргэ кыһалларбыт, биир улахан уонна иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн курдук этибит. АЛРОСА хас биирдии үлэһитигэр харыстабыллаах уонна эппиэтинэстээх сыһыанынан, ситиһиилээх үлэтинэн уонна сайдыытынан уратылаах. Хампаанньаҕа бигэ туруктаах буолуу тустаах мэктиэтэ баар. Ол – тэрээһиннээх сынньалаҥ эрэ буолбатах, ону таһынан идэҕэ үрдүүр, сайдар кыаҕы биэрии. Мин санаабар, бу билиҥҥи эдэр ыччаты кэрэхсэтэр. Биһиги хампаанньабыт бастыҥ үлэни биэрээччинэн буоларын бэйэбитинэн билэбит. Өскөтүн оҕолорбут уонна сиэннэрбит биһигини утумнуохтарын уонна үлэһит династиябытын салҕыахтарын баҕардахтарына, биһиги кинилэри өйүөхпүт.
АЛРОСА үлэһит династиялара – үлэҕэ үрдүк уонна эппиэтинэстээх сыһыан чаҕылхай холобурдара, кинилэр устуоруйалара – үлэҕэ үтүө суобастаах сыһыан уонна маастарыстыба холобура.
Биһиги Саха сирин алмаастаах хампаанньатын үлэһиттэрин дьиэ кэргэттэрин устуоруйатын салгыы билиһиннэриэхпит.
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…