Алта киһи эчэйиилээх суол быһылаана тахсыбыт
Бу күннэргэ «Лена» федеральнай суолга хас да киһи эчэйиилээх суол быһылаана таҕыста.
Тохсунньу 18 күнүгэр 17:49 чаас саҕана Ис дьыала министиэристибэтин Алдан оройуонунааҕы отделыгар «112» систиэмэнэн «Лена» суол 648 килэмиэтиригэр суол быһылаана тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит.
Ол курдук 1977 с.т. суоппар НИССАН ВАНЕТТынан Дьокуускай диэкиттэн Алдан куоракка айаннаан иһэн, инники баран иһэр массыынаны ситэн ааһаары утары балаһаҕа тахсан, ТОЙОТА ВИШ массыынаны кытта харсыспыт.
Ол түмүгэр 1992 с.т. «Тойота Виш» суоппара эчэйиини ылан, Алданнааҕы Киин балыыһаҕа илдьиллибит. Туһааннаах массыынаҕа олорсон испит 2021 с.т. оҕо уонна 1965 с.т. пассажир эмиэ Алданнааҕы балыыһаҕа илдьиллибиттэр, биирдэрэ госпитализацияламмыт.
«Ниссан Ванет» массыынаҕа олорсон испит пассажирдар, ол иһигэр 1986 с.т. уонна 1983 с.т. пассажирдар эмиэ эчэйиини ылбыттар. 1975 с.т. пассажир балыыһаҕа госпитализацияламмыт.
Билигин туһааннаах саахалынан бэрэбиэркэ ыытыллар диэн Алданнааҕы Госавтоиниспиэксийэ иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: