Салгыы
Алта оҕото байыаннай дьайыыга барбыт Курышевтарга саҥа дьиэни туталлар

Алта оҕото байыаннай дьайыыга барбыт Курышевтарга саҥа дьиэни туталлар

07.08.2024, 12:21
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Байыаннай дьайыыга Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгиттэн эр санаалаах алта бииргэ төрөөбүт бырааттыы Курышевтар барбыттарын истэн (хомойуох иһин, биир уол өлбүтэ), өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа үгүс киһитэ долгуйбута, сөхпүтэ.

Эйэлээх олох туһугар биир сомоҕо буолбут ини-бии Курышевтар ийэлэрэ, Хаҥалас нэһилиэгэр олорор Марина Николаевна Курышева олорор усулуобуйатын тупсарар сыаллаах үлэни Ньурба улууһун дьаһалтата (баһ. А.М.Иннокентьев) бэйэтин илиитигэр ылан, араас көмө оҥоһулла турар.
Бу күннэргэ Марина Николаевнаҕа анаммыт саҥа дьиэ холлоҕоһо тутуллан бүттэ. Аны күһүҥҥэ диэри дьиэ ис үлэтэ бүтэн, саҥа дьиэҕэ кыстыгы көрсүөхтээх. Нэһилиэк баһылыга Серафим Александрович Винокуров урбаанньыт Алексей Макарович Ноттосов тэрилтэтин кытта дуогабардаһан, үс киһини кэпсэтэн үлэ саҕаланна. Тутууга Хаҥалас нэһилиэгиттэн дьиэ тутуутугар улахан уопуттаах Иван Александрович Федоров, ыаллыы Акана нэһилиэгиттэн Николай Барабанскай уонна Николай Ефремов ылсан үлэлэһэ сылдьаллар.


Уһун сылларга эргэ хаарбах дьиэҕэ олорон кэлбит Марина Николаевна саҥа, сырдык дьиэҕэ кыстыырын истэн, олохтоохтор тэҥҥэ үөрэ, барыта этэҥҥэ буоларыгар баҕара хаалаллар.

Мария НИКОЛАЕВА, Ньурба, Хаҥалас.

+1
36
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: