Алта ойуур баһаарын умуруордулар

Share

Ааспыт сууккаҕа Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Кэбээйи уонна Ленскэй оройуоннарыгар уопсайа 14 тыһыынчаттан тахса килэмиэтир иэннээх 6 ойуур баһаарын умуруордулар.

Бу туһунан экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплёв иһитиннэрдэ.

Атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 62 896 га иэннээх  сиргэ 15 ойуур баһаара турар. Тэҥнээн көрдөххө, былырыын бу кэмҥэ 554 264,3 га иэннээх сиргэ 68 ойуур баһаара турбута.

Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан, уопсайа 96 990,8 га иэннээх 295 ойуур баһаарын умуруордулар.

Сезон саҕаланыаҕыттан айылҕа баһаарын күөдьүппүт 73 буруйдаах быһаарылынна, ойуурга баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии иһин 150 боротокуол оҥоһулунна.

Айылҕа баһаара тахсыбыт түгэнигэр, тута Эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчерскэй сулууспатыгар 7-4112-44-74-76 нүөмэргэ эрийиҥ.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/9612

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Хатааһыннаах саас буоларыгар

Күн-дьыл билгэтэ. Быйыл кыһын сылгы сотору-сотору хахсыйарын, эбэтэр ойуурга киргил торулуурун иһиттиҥ дуо? Хатааһыннаах саас…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ уонна РНА стратегическай бииргэ үлэлээһиннэрэ бөҕөргүүр

Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа Наукаларын Академиятын бэрэсидьиэнэ Геннадий Красниковы кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ РНА вице-бэрэсидьиэнэ…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өйү-санааны эрчийэр туһалаах дьарыктар

Нам улууһугар  Аппааныга дьон-сэргэ доруобуйатын тупсарынарыгар, чэгиэн, чөл буоларыгар, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарыгар үлэ тиһиктээхтик ыытыллар.…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Көмөнү төһөнөн элбэх эдэр ыал туһанар да…

Бу бырагырааманы үбүлээһин үс хайысханан оҥоһуллар: федеральнай, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэриллиилэр олохтоох бүддьүөттэриттэн.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Смарт» бибилэтиэкэҕэ робот үлэһиттэннилэр

Аныгы технологиялаах "Смарт" бибилэтиэкэҕэ робот-бибилэтиэкэр баар буолла. Робот сахалыы саҥарар, дорооболоһор, төбөтүн имэрийдэххэ, манньыйан хараҕын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: олунньу 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдах эбитий? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Хотугулуу-илин намыһах сирдэргэ -48-53°,…

2 часа ago