Алта ойуур баһаарын умуруордулар

Share

Ааспыт сууккаҕа Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Кэбээйи уонна Ленскэй оройуоннарыгар уопсайа 14 тыһыынчаттан тахса килэмиэтир иэннээх 6 ойуур баһаарын умуруордулар.

Бу туһунан экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплёв иһитиннэрдэ.

Атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 62 896 га иэннээх  сиргэ 15 ойуур баһаара турар. Тэҥнээн көрдөххө, былырыын бу кэмҥэ 554 264,3 га иэннээх сиргэ 68 ойуур баһаара турбута.

Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан, уопсайа 96 990,8 га иэннээх 295 ойуур баһаарын умуруордулар.

Сезон саҕаланыаҕыттан айылҕа баһаарын күөдьүппүт 73 буруйдаах быһаарылынна, ойуурга баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии иһин 150 боротокуол оҥоһулунна.

Айылҕа баһаара тахсыбыт түгэнигэр, тута Эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчерскэй сулууспатыгар 7-4112-44-74-76 нүөмэргэ эрийиҥ.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/9612

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөҥҥө олохтоох салалта отчуотугар — сонун бачыым

Быйыл Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэригэр хайа да сыллааҕар түмүктээх, сонун сүүрээннэри саҕар олохтоох былаас отчуота буолан…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олох очурдара: Соҕотох таптал

Лена куорат биир тутаах тэрилтэтигэр буҕаалтырынан үлэлээбитэ отучча сыл буолан эрэр. Бүгүн киэһэ үлэтиттэн тахсар…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Оҕо сарсыарда уһуктан биэрбэт буоллаҕына…

Бу туһалаах судургу сүбэлэр кимиэхэ баҕарар наада буолуохтара.  Оҕо сарсыарда уһуктан биэрбэтэҕинэ, сөбүлүүр ойуулугун эбэтэр…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

КЭПСЭЭННЭ ИСТИЭҔИҤ: «Кыыс кыһалҕата»

sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа  Ульяна Захарова «Кыыс кыһалҕата» кэпсээнин…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Нэһилиэк тэрилтэлэрэ “Тыл оонньуутугар” көхтөөхтүк кытыннылар

Таатта улууһун И.В. Николаев аатынан Харбалаахтааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр Ийэ-тыл уонна сурук-бичик күнүнэн «Омук күүһэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Ксения Дудкина: “Олус үрдүк таһымнаах күрэхтэһии буола турар”

Бу күннэргэ Саха сирин киин куоратыгар Дьокуускайга аан бастаан художественнай гимнастикаҕа Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка…

2 часа ago