Алта сыл устатыгар балыыһалар 300-тэн тахса тиэхиньикэнэн хааччыллыбыттар

Share

Саха сирин балыыһаларыгар «Доруобуйа» национальнай бырайыак иитинэн, «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» уо. д.а. бырагыраамаларынан, 2018 сылтан 313 мэдиссиинэ көлөтө кэлэн түҥэтиллибит.

«Кэнники алта сылга өрөспүүбүлүкэ балыыһалара 17 көһө сылдьар мобильнай диагностикалыыр комплексынан уонна 204 суһал санитарнай көлөнөн, 92 суһал көмө массыынатынан хааччылыннылар. Бу тиэхиньикэлэр үксүн оройуоннааҕы киин балыыһаларга ыытыллыбыттара», — диэн бэлиэтиир СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.

Мэдиссиинэ тэрилтэлэрин маннык анал тиэхиньикэнэн хааччыйыы тыа сирин дьонугар-сэргэтигэр, ыраах олорор нэһилиэнньэлээх пууннарга мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорууга көмөлөөх. Холобур, «КамАЗ» массыынаҕа баар «Диагностика» көһө сылдьар мэдиссиинэ комплексыгар дефибриллятор, электрокардиограф, уо.д.а. барыта баар. Бу комплекстар  быраастар ыраах уонна уустук-суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга эмтиир-сэрэтэр дьаһаллары ыыталларыгар туһалаахтар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

57 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago