Биһиги өрөспүүбүлүкэбит төрөөбүт тылы, элбэх тылы тэҥинэн үөрэтиитин, этнокультурнай үөрэҕи тэрийиитин билсэ Алтай Өрөспүүбүлүкэтин дэлэгээссийэтэ уопут атастаһа кэллэ.
Дэлэгээссийэҕэ Алтай Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин үлэһиттэрин идэлэрин таһымын үрдэтэр уонна тус бэлэмнээһиҥҥэ институтун мэтэдииһэ Чайчина Евгения Валерьевна, Уус Канскай оройуон Уус Мутинскай оскуолатын дириэктэрэ Кыйынова Лариса Васильевна, Улаганскай оройуон оскуолатын дириэктэрэ Конунова Айсура Эдуардовна, Горнай Алтайскай куорат 7-с нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрэ Чендыева Оксана Манзуровна киирэллэр.
Кулун тутар 11-14 күннэригэр уопут атастаһыытын бырагырааматын С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт бэлэмнээбит. Бэҕэһээ буолбут “төгүрүк остуолга” институт дириэктэрэ Павлов Нюргун Михайлович гражданскай сомоҕолоһууну олохсутуу быһыытынан тыл эгэлгэтин чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ судаарыстыбаннай бэлиитикэтин туһунан кэпсээтэ. Институт дириэктэрин бастакы солбуйааччы, тыл билимин хандьыдаата Бугаев Николай Иннокентьевич “Диалог языков: социокультурный мифодизайн” диэн тиэмэҕэ лиэксийэни аахта. Тыл хаапыдыратын преподавателлэрэ Ядрихинская Февронья Васильевна уонна Липатова Светлана Афанасьевна ыалдьыттарга төрөөбүт тыллары үөрэтиини мэтэдиичэскэй өттүнэн арыаллааһын үлэтин билиһиннэрдилэр, “Төрүт тыллар” портал матырыйаалларын көрдөрдүлэр. Институт оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ кафедратын сэбиэдиссэйэ, педагогика билимин хандьыдаата Лебедева Надежда Николаевна “Сэттэ норуот – сэттэ аламаас” бырайыак олоххо киириитин кэпсээтэ. Кэллиэгэлэрбит “Айыы Кыһата” гимназия Дьокуускай куорат усулуобуйатыгар этнокультурнай үөрэх эйгэтин тэрийэр үлэтин улаханнык сэҥээрдилэр.
Салгыы СӨ Билим дьоҕус академиятын уонна Хаҥалас улууһун үөрэҕин тэрилтэлэригэр үлэлээтилэр: Өктөм орто оскуолатыгар уонна Өктөмнөөҕү билим-үөрэх киинигэр.
Үлэҕэ холонон көрүү уопутун бырагырааматыгар Дьокуускай куорат үөрэҕин тэрилтэлэригэр, Төрөөбүт тыллары үөрэтэр кииҥҥэ сылдьыы баар. Бу туһунан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт сырдатар.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…